Өлүөнэ муостатын тирэхтэрин тутууну 2025 сылга саҕалыахтара
Саха сиригэр Өлүөнэ муостатын тирэхтэрин тутууну 2025 сыллаахха саҕалыахтара. Киин тирэх 27 миэтэрэ дириҥҥэ турар 208 сыбаайалаах буолуоҕа, хас биирдии сыбаайа эргимтэтэ – 1,5 миэтэрэ. Бу сылга муоста хаҥас кытыллааҕы эстакадатын аннынан 1,5 м эргимтэлээх, 39,5 м үрдүктээх 50-чаҕа диэри буронабивной сыбаайалары туруоруу былааннанар.
“Быйылгы сыл бэлэмнэнии сыла. Эһиил пилоннар анныларыгар фундамены ууруу барыахтаах, биһиги сүрүн сорукпут — бу күһүн-кыһын ол үлэ барарын хааччыйар үлэни оҥоруохтаахпыт. Биһиги үс маннык пилоны, Өлүөнэ өрүс сүнньүгэр үс тирэҕи, сөҕүмэр улахан оҥоһуулары, туруоруохтаахпыт. Холобур, киин тирэҕи ылан көрүөҕүҥ. Онно 27 м дириҥҥэ турар 208 сыбаайа баар буолуо, хас биирдии сыбаайа эргимтэтэ 1,5 миэтэрэ. Тирэхтэр турар фундаменнара – бу бэйэтэ олус уустук инженернэй тутуу буолар”, — диэн эрдэ Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрэн турар.
Алтынньы 17 күнүгэр Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар технологическай былаһааккаҕа муоста тирэҕэр анаан бастакы сыбаайаны туруорбуттара. Эрэгийиэн килиимэтин уонна геологиятын уратытын учуоттаан, Гипростроймост институтун үлэһиттэрэ ураты оҥоһуулаах вантовай муостаны бырайыактаабыттара. Муостаны 194,5-тэн 284,5 м диэри үрдүктээх 3 пилон тутуохтара. Муоста уһуна 4,6 км, кытылтан киириини кытта холбоон 14,5 км.
Массыына айанныыр сирэ икки балаһалаах буолуоҕа, сууккаҕа 5300 массыына ааһыаҕа. Бу сөҕүмэр тутуу РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан 2028 сылга диэри тутуллуохтаах.
Бырайыак быһыытынан 26 тирэх туруохтаах: үс өрүс сүнньүгэр, атыттар икки кытылга тахсар сирдэргэ. Кураанах сиргэ тирэҕи тутар сыбаайалар ахсааннара 18-н 32-гэ тиийэ уонна өрүс сүнньүгэр турар сыбаайалар ахсааннара 102-тэн 208-ка диэри буолуохтара. Сыбаайалар усталара 10-н 40 м. тиийэллэр. Саамай улахан тирэх тутуутугар 208 сыбаайа уонна 10000 кубомиэтэрэ бетон барыахтаах.
Ирбэт тоҥноох арктическай зонаҕа өссө ким да вантовай муостаны тута илигэ. Өлүөнэ муостата Транссибиирдээҕи уонна БАМ суолларын Хотугу муора суолун кытта ситимниэҕэ. Ону тэҥэ “Лена” , “Халыма” массыына суолларын “Бүлүү” суолун кытта, ол эбэтэр Арассыыйа илиҥҥи өттүн Охотскай муора кытылынааҕы сирдэри кытта холбуоҕа.
Өлүөнэ муостатын тутуу Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар саҥа түһүмэҕинэн буолуоҕа – аан бастаан киин куоракка таһаҕас тиэллиитэ, сибээстэһии төгүрүк сылы быһа тохтоло суох барара хааччыллыа, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: