Өлүөнэ муостатын тутуу саҕаланна

Share

Бүгүн, алтынньы 17 күнэ, Саха сирин устуоруйатыгар хаалар биир бэлиэ, долгутуулаах күн үүннэ. Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутуу бастакы сыбаайатын түһэрии үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.

Баараҕай тутуу бастакы сыбаайатын түһэрии үгэс быһыытынан алгыһынан саҕаланна. Бу үөрүүлээх бэлиэ түгэҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтин тиэртэ:

«Бүгүн Өлүөнэ муостатын тутуута саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Путин өйөбүлүнэн бүгүн муостабыт тутуута саҕаланна. Өлүөнэ муостата аан дойдуга суох уустук бырайыак. Бу сүдү инженернай тутуу уонунан сылларга кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар сулууспалыаҕа диэн эрэнэбин. Маннык тыйыс усулуобуйалаах дойдуга улахан муоста тутуллубута диэн ханна даҕаны суох. Онон бу бырайыакка олус улахан болҕомто ууруллар, хонтуруол даҕаны күүскэ барыа. Өлүөнэ муостатын тутуу сүрүн сорукпут. Бу баараҕай бырайыак хамсаабыта бүттүүн Сахабыт сирин улахан ситиһиитинэн буолар», — диэтэ Айсен Николаев.

Оттон «ВИС» бөлөх дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Ромашов бүгүҥҥү күн устуоруйаҕа киириэҕэ диэтэ.

«Бүгүн муоста сыбаайатын түһэрии, кырдьык, историяҕа киирэр. Сүдү инженернэй тутууну Саха сирин курдук тыйыс, ирбэт тоҥноох усулуобуйалаах сиргэ өссө ким да тута илик. Бу ураты эбийиэк. Муостаны тутуу икки кытылы эрэ холбооһун буолбатах — бу өрүс икки өттүгэр дьону, кинилэр олохторун-дьаһахтарын ситимнээһин буолар. Дьон ханнык баҕарар кэмҥэ, дьыл уларыйыытыттан тутулуга суох айанныыр кыахтаныахтара. Таһаҕас тиэйиитэ-таһыыта, дьон олоҕун таһыма тупсуо. Бу хас эмэ көлүөнэ дьон баҕа санааларын туолуута. Биһиги бөлөхпүт улахан эппиэтинэһи сүгэрбитин өйдүүбүт уонна муоста тутулларыгар туох баар күүспүтүн-уохпутун ууруохпут», — диэтэ Сергей Ромашов.

Өлүөнэ муостатын тутуу дьиҥнээх историческай түгэнинэн буолар. Бүгүн муоста бастакы сыбаайатын түһүүтэ саха дьонугар бүттүүнүгэр да долгутуулаах. Хас эмэ көлүөнэ тухары илин эҥээр уонна уопсайынан, Өлүөнү өрүһү туоруур дьон ыра оҥостубут баҕа санаалара олоххо киирэн эрэрэ ураты түгэн. Санатан эттэххэ, Өлүөнэ муостатын тутуу бастакы докумуона, дьиҥэ, 1986 с. оҥоһуллубута. Ол эрээри ааспыт үйэ 80-с сылларын бүтүүтэ дойду ыһыллан-тоҕуллан эрэр буолан, үбүлээһин да, тутуу да туһунан кыаллыбатаҕа. Киин куорат хас да ый устата салгынынан эрэ сибээстээх хаалар. Сотору паром сырыыта тохтоото даҕаны, сүүһүнэн тыһыынча киһи эмиэ икки кытылга хаайтаран айманыахтара турдаҕа.

Бу сүдү тутуу экэнэмиичэскэй сабыдыала улахан, таһаҕас тиэйиитин ороскуотун кыччатарын таһынан, саҥа салаалар сайдалларыгар кыаҕы биэриэ. Бу Бэрэсидьиэн сорудаҕын толорорго, Халыма уонна Бүлүү айан суолларынан сылы эргиччи сырыыны хаччыйыыны, ону тэҥэ хотугулуу-илиҥҥи тырааныспар көрүдүөрүн уонна «Хоту-Соҕуруу» саҥа трансконтинентальнай көрүдүөрү аһарага кыаҕы биэриэҕэ.

Ол гынан баран, саамай кылаабынайа – бу муоста Саха сирин олохтоохторо бүтүн Арассыыйатааҕы тырааныспар ситимин кытта сылы эргиччи сибээстээһиилэрин хааччыйыа. Биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Владимирович Путин бу дьоһуннаах бырайыагы өйөөн, үлэ саҕаламмытыттан олус үөрэбит. Бүгүн саха киһитин үйэ тухары оҥостубут ырата туолан эрэр диэн бигэтик этиэххэ сөп.

Улуу өрүһү туоруур муостаны тутуу сөбүлэҥэ өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын, «Ростех» госкорпорацияны уонна «ВИС» бөлөҕү кытары түһэрсиллибитэ. Биһиги муостабытын наука кыаҕын түмэн, аныгы технологиялары туһанан маннык бөдөҥ тэрилтэлэр эрэ тутар кыахтаахтар.

Муостанан сууккаҕа 5300 массыына туоруо, кэлиэ-барыа, айанныа, икки балаһалаах буолуо. Бу бөдөҥ инженернэй тутууну Бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан олох кылгас кэм иһигэр — 2028 сыл бүтүөр диэри туттарыахтаахтар.
Бырайыак быһыытынан 26 тирэх туруохтаах: үс өрүс сүнньүгэр, атыттар икки кытылга тахсар сирдэргэ. Кураанах сиргэ тирэҕи тутар сыбаайалар 18-н 32-гэ тиийэ уонна 102 208-ка диэри өрүс сүнньүгэр буолуохтара. Сыбаайалар усталара 10-н 40 м. тиийэллэр.

Хаартыскаларга Сайаана Львова түһэриитэ

Билиҥҥитэ муоста туруохтаах сирин хаҥас кытылыгар икки, уҥа өттүгэр икки технологическай учаастак тутулла турар. Хас биирдии учаастакка үлэ сылы эргиччи кытыллары муоста холбуор диэри ыытыллыаҕа. Дьокуускай өттүнэн хаҥас кытылга баар иккис технологическай былаһаакка иэнэ 250 тыһ. кв.м. Бу мантан Өлүөнэ муостатын тутуута саҕаланар. Бүгүн бу үөрүүлээх бэлиэ тэрээһиҥҥэ бастакы сыбаайаны түһэрэр тиэхиньикэ бэйэтин чааһын кэтэһэн турар. Тэҥинэн Табаҕа боротуохатын туоруур кыра муосталаах технологическай суол тутуута салҕанар. Бу суол бастакы уонна иккис учаастактары холбуоҕа, ол тохтоло суох үлэни хааччыйыаҕа. Чугаһынан вахтовай бөһүөлэк туруохтаах сирин былаһааккатыгар билиитэлэри уурталыыллар уонна сөптөөх матырыйааллары оҥорор бетон собуотун таҥыы үлэтэ барар. Киһи үөрэрэ, тутууга олохтоох хампаанньалары үлэлэтэллэрэ буолар. Үлэһит ахсаана 2026 сылга диэри балтараа тыһыынча киһиэхэ тиийиэҕэ диэн былаанныыллар.

Саха сирин килиимэтин тыйыс усулуобуйата Өлүөнэ муостатын тутуу бырайыагын ураты тыынныыр. Тутааччылар бэлэмнэнии үлэтин сүрүн чааһын улахан тымныылар түһүөхтэрин иннинэ түмүктүүр былааннаахтар. Оччоҕо кэлэр сыл сааһыгар тутуу толору күүһүнэн саҕаланыан сөп.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
15
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

10 часов ago