Өлүөнэ муостатын тутууга 20 сыбаайаны түһэрдилэр
Өлүөнэ өрүс муостатын бастакы тирэҕэр 50 буронабивной сыбаайаттан 20 бетоннаатылар. Ити туһунан “ВИС” бөлөх иһитиннэрэр.
Бырайыагынан хаҥас кытылга барыта муостаны түөрт тирэҕин туруоруохтаахтар, үс – өрүс сүнньүгэр, өссө 12 тирэх – уҥа кытылга. Тирэхтэргэ 920 сыбаайа оҥоһуллуохтаах, ону бетоннааһыҥҥа 48 тыһ. кубометр кэриҥэ бетон ирдэнэр. Сыбаайалары улахан тымныылар түһүөхтэригэр диэри оҥоруохтара.
Уҥа кытылга бетон собуотун таҥыы түмүктэннэ, бетон булкадаһыгын бэлэмнээһини хааччыйар үлэлэр бүттүлэр. Ону тэҥэ, сыбаайа арматураларын тутулун оҥорууну эрийэр станок бэлэм.
Санатан эттэххэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Өлүөнэ өрүс муостатын тутуу бырайыагын федеральнай хааһынаттан көрүллэр үбүлээһинин болдьоҕун кылгатарга сорудахтаабыта.
Муоста сууккаҕа 5300 массыынаны аһарыыга суоттанар икки балаһалаах буолуоҕа. Бу киэҥ далааһыннаах инженернэй тутууну Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан кылгас кэм иһигэр – 2028 сыл түмүктэниэр диэри тутан бүтэриэхтээхтэр.
Өлүөнэ өрүс муостатын тутуу сүрүн түһүмэҕэ алтынньы 17 күнүттэн саҕаламмыта. Эргэ Табаҕа сэлиэнньэтин диэки Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар улахан тутуу тирэҕин бастакы сыбаайатын түһэрбиттэрэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: