Өлүөнэ муостатын тутууга 20 сыбаайаны түһэрдилэр

Share

Өлүөнэ өрүс муостатын бастакы тирэҕэр 50 буронабивной сыбаайаттан 20 бетоннаатылар. Ити туһунан “ВИС” бөлөх иһитиннэрэр.

Бырайыагынан хаҥас кытылга барыта муостаны түөрт тирэҕин туруоруохтаахтар, үс – өрүс сүнньүгэр, өссө 12 тирэх – уҥа кытылга. Тирэхтэргэ 920 сыбаайа оҥоһуллуохтаах, ону бетоннааһыҥҥа 48 тыһ. кубометр кэриҥэ бетон ирдэнэр. Сыбаайалары улахан тымныылар түһүөхтэригэр диэри оҥоруохтара.

Уҥа кытылга  бетон собуотун таҥыы түмүктэннэ, бетон булкадаһыгын бэлэмнээһини хааччыйар үлэлэр бүттүлэр. Ону тэҥэ, сыбаайа арматураларын тутулун оҥорууну эрийэр станок бэлэм.

Санатан эттэххэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Өлүөнэ өрүс муостатын тутуу бырайыагын федеральнай хааһынаттан көрүллэр үбүлээһинин болдьоҕун кылгатарга сорудахтаабыта.

Муоста сууккаҕа 5300 массыынаны аһарыыга суоттанар икки балаһалаах буолуоҕа.  Бу киэҥ далааһыннаах инженернэй тутууну Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан кылгас кэм иһигэр – 2028 сыл түмүктэниэр диэри тутан бүтэриэхтээхтэр.

Өлүөнэ өрүс муостатын тутуу сүрүн түһүмэҕэ алтынньы 17 күнүттэн саҕаламмыта. Эргэ Табаҕа сэлиэнньэтин диэки Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар улахан тутуу тирэҕин бастакы сыбаайатын түһэрбиттэрэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өбүгэ үгэһигэр — уһуйаантан

Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Русскай Устье олоҕор үс араас көрүү баар

Сэтинньи 21 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларыгар институкка…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сахатранснефтегаз» мобильнай сыһыарыыта үлэлээтэ

"Сахатранснефтегаз" тэрилтэ килийиэннэрэ ыйы быһа саайтка баар тус кэбиниэттэригэр уонна мобильнай сыһыарыыга кыайан киирбэт буола…

24 минуты ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү иниспиэктэрдэрэ Бүлүү өрүһүнэн айанныырга сэрэтэр үлэни ыыталлар

Үөһээ Бүлүү улууһун судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү иниспиэксийэтэ ЫБММ ГИМС иниспиэктэрдэрин кытары бииргэ «Куттала суох…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сэтинньи 21 күнүгэр хайдах халлаан турда?

Бүгүн эһиэхэ халлаан хайдаҕый? Былыттаах дуу, күннээх дуу? Бүгүҥҥү күнүнэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри турар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Солоҕоҥҥо саҥа арыы сыаҕа аһылынна

Бэҕэһээ, сэтинньи 20 күнүгэр, Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр саҥа арыы сыаҕа арыллар үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.…

2 часа ago