Салгыы
Өлүөнэ муостатын тутуута — киин бэчээккэ

Өлүөнэ муостатын тутуута — киин бэчээккэ

Ааптар:
09.09.2023, 15:46
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Арассыыйа киин бэчээттэрэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сиригэр Өлүөнэ, Алдан өрүстэри туоруур муосталар тутуллуохтарын туһунан эппитин үгүстэ суруйдулар. Биир бастакынан “Коммерсант” хаһыат нүөмэрэ бэчээккэ тахсыан иннинэ бэйэтин “Телеграм” ханаалыгар сонуну үллэстибитэ.

“Коммерсант” хаһыат, бастатан туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев бу боппуруоһу баһыттан-атаҕар диэри барытын сиһилии ырытан биэрбитин бэлиэтиир. Санатан эттэххэ, билигин бырайыак туох баар бырайыага, үбүлээһинин былаана барыта оҥоһуллан турар. “Билигин судаарыстыбаннай экспертиза докумуоннара бүтэн эрэллэр. Тутуу барыта 130 млрд солкуобайга тэҥнэһиэҕэ”, — диэн Айсен Сергеевич Владимир Путин ыыппыт мунньаҕар бэйэтин дакылаатыгар иһитиннэрэн туран, бу сууматтан федеральнай бүддьүөт биэс уон бырыһыанын уйунуохтааҕын, өрөспүүбүлүкэҕэ инвестицоннай кирэдьиит наадатын дакаастаан эппитэ.
Иккиһинэн, хаһыат Өлүөнэ муостата тыйыс усулуобуйалаах ирбэт тоҥҥо тутулларынан уустук бырайыак буолуохтааҕын бэлиэтээн суруйар. Тоҕо диэтэргин Өлүөнэ өрүс курдук дохсун сүүрүктээх, саас халаан кэмигэр муус барыыта олус уустуктук ааһар өрүһэ ханна да суох. “Арассыыйа хотугулуу-илин өттүгэр улахан тутуунан Өлүөнэ муостата буолуохтаах. Муоста тыйыс усулуобуйалаах сиргэ тутуллар. Онон тутууга аныгы үйэ матырыйаалларын туһаныахха, тутууну ыытыыга саҥа, сонун көрүүлэри, быһаарыылары киллэриэххэ”, — диэн иһитиннэрбитэ бэрэсидьиэн Владимир Путин Дьокуускай куорат маастар-былаанын истэн баран.
Үсүһүнэн, “Коммерсант” бу икки муоста федеральнай суоллары холбуурун, ону ааһан эрэгийиэннэр икки ардыларыгар айан-сырыы кыһыннары эргиччи баар буолуутун хааччыйарын, инникитин Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи өттүн сайыннарыыга төһүү буолуоҕун бэлиэтиир. Өлүөнэ муостата үс федеральнай, биэс эрэгийиэннээҕи суоллары холбуохтаах. Ону таһынан тимир суолун, аэропорду, өрүс пуордун барытын биир суол-иис, тырааныспар тиһигэр киллэриэхтээх. Өлүөнэ, Алдан муосталара эрэгийиэннэр икки ардыларыгар сырыыга эмиэ улахан оруоллаахтар. Онон бу тутуулар олоххо киирдэхтэринэ айан-сырыы да, кэлии-барыы да, таһаҕаһы таһыы да хас эмэ төгүл үрдүөхтээх. Ол иһин бу бырайыак дьиҥэр биһиэхэ эрэ буолбакка бүтүн дойдубут үрдүнэн өр кэтэспит тутуубут. Ол иһин Ил Дархан Айсен Николаев: “Бу тутуу биһиэхэ эрэ буолбакка бүтүн Арассыыйа историятыгар дьоһун уонна өр кэтэһиилээх бырайыак”, — диэн бэлиэтиир.
Уонна түмүккэ “Коммерсант” хаһыат бэрэсидьиэн Владимир Путин Өлүөнэ, Алдан өрүстэргэ муосталар олоххо киириилэрин болдьоҕун ыйан туран Дьокуускай социальнай-экэнэмиичэскэй былааныгар киллэрэргэ Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар сорудах биэрбитин суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: