«Өлүөнэ очуостара» Айылҕа пааркатыгар Булгунньахтаах олохтоохторо босхо сылдьар буоллулар

«Өлүөнэ очуостара» Айылҕа пааркатыгар Булгунньахтаах олохтоохторо босхо сылдьар буоллулар

16.09.2024, 20:04
Хаартыска: Дмитрий Громов тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин олохтоохторо ааспыт өрөбүллэргэ бэлиэтэммит «Нэһилиэк күнүгэр» бэртээхэй сонуну истэн үөрдүлэр.

Ол курдук, бу бэлиэ күнтэн, балаҕан ыйын 14 күнүттэн, «Өлүөнэ очуостара» Айылҕа национальнай пааркатын сиригэр-уотугар босхо  сылдьыахтара. Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Айталина Васильева  уонна «Өлүөнэ очуостара» Айылҕа национальнай пааркатын дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Громов икки өрүттээх бииргэ үлэлээһиҥҥэ туһуламмыт Сөбүлэҥи түһэристилэр.

Тустаах докумуон чэрчитинэн, национальнай Айылҕа пааркатын салалтата Булгунньахтаах олохтоохторун Өлүөнэ очуостарын эҥэр баар «Буотама»,«Кыhыл элэhин» тукулаан ,«Лабыдьа» курдук туристическай уонна сынньалаҥ сирдэринэн босхо сырытыннарыахтара.  Оттон нэһилиэк дьаһалтата уонна олохтоохторо национальнай паарка бары үлэтигэр өйөбүл буолуохтара, субуотунньуктары ыытыахтара, араас тэрээһиннэргэ кыттыахтара уонна ыытыһыахтара.

Ити курдук, нэһилиэккэ туризм салаатын сайыннарыыга олохтоох дьаһалта  салалтата биир сонун сүүрээни тобулла.

+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: