Хаҥалас улууһун 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин олохтоохторо ааспыт өрөбүллэргэ бэлиэтэммит «Нэһилиэк күнүгэр» бэртээхэй сонуну истэн үөрдүлэр.
Ол курдук, бу бэлиэ күнтэн, балаҕан ыйын 14 күнүттэн, «Өлүөнэ очуостара» Айылҕа национальнай пааркатын сиригэр-уотугар босхо сылдьыахтара. Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Айталина Васильева уонна «Өлүөнэ очуостара» Айылҕа национальнай пааркатын дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Громов икки өрүттээх бииргэ үлэлээһиҥҥэ туһуламмыт Сөбүлэҥи түһэристилэр.
Тустаах докумуон чэрчитинэн, национальнай Айылҕа пааркатын салалтата Булгунньахтаах олохтоохторун Өлүөнэ очуостарын эҥэр баар «Буотама»,«Кыhыл элэhин» тукулаан ,«Лабыдьа» курдук туристическай уонна сынньалаҥ сирдэринэн босхо сырытыннарыахтара. Оттон нэһилиэк дьаһалтата уонна олохтоохторо национальнай паарка бары үлэтигэр өйөбүл буолуохтара, субуотунньуктары ыытыахтара, араас тэрээһиннэргэ кыттыахтара уонна ыытыһыахтара.
Ити курдук, нэһилиэккэ туризм салаатын сайыннарыыга олохтоох дьаһалта салалтата биир сонун сүүрээни тобулла.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…