Сахабыт сирин биир саамай кэрэ айылҕалаах, көстүүлээх ураты харыстанар сирэ кыһыҥҥы туризмы саҕалыырга бэлэмнэнэр диэн «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка иһитиннэрэр.
Билиҥҥитэ Батамай – Лабыдьа кыһыҥҥы суол оҥоһулла турар!
Хайдах буолуой?
Урукку сылларга курдук, икки балаһалаах мууһунан туорааһын суолун уһуна 3 км буолуо.
Билиҥҥи туругунан кыһыҥҥы суолу үлэҕэ киллэрэргэ хонтуруоллуур уорганнартан сөбүлэҥи ылыы күүтүллэр. Сотору кэминэн Лабыдьа учаастагар суол бэлиэлэрэ туруоруллуохтара, мэһэйдэри бөҕөргөтүөхтэрэ уонна массыына туруорар сир оҥоһуллуоҕа.
«Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркатын салалтата үлэ түмүктэниэр диэри, суол тиэхиньикэтин мэһэйдээбэт туһугар, Лабыдьа сиригэр чааһынай дьон массыыналарынан сылдьалларын тохтотоллоругар көрдөһөр.
Турсезон хаһан аһыллыа?
«Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка ыалдьыттарга олунньу ортутутан аһыллыаҕа уонна муус устар ортотугар диэри үлэлиэҕэ.
Саҥа сезоҥҥа ыалдьыттары туох күүтэрий?
• Өлүөнэ очуостарын үрдүгэр саҥа суолунан тахсыы;
• Очуостарын тэллэҕин тулатын сырдыга (сырдатыы иэнэ кэҥээтэ)
• Муус скульптуралар, сыыртан түһэр сирдэр, хаҥкылыыр сир уонна да атын.
Бу сезоҥҥа пааркаҕа киирии төлөбүрэ үрдүөхтээх. Сиһилии сотору соцаильнай ситимнэргэ тахсыаҕа!
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…