Бүгүн «Өлүөнэ очуостара» Айылҕа национальнай пааркатыгар «Азия оҕолоро» VIII оонньуулар уоттарын уматыы сиэригэр-туомугар бэрт элбэх турист кыттыыны ылла.
— СӨ Бырабыыталыстыбатын, «Азия оҕолоро» VIII оонньуулар норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтэ, «Өлүөнэ очуостара» Айылҕа национальнай пааркатын салалтата, Өлүөнэ очуостарын тэллэҕэр «Муус куораты» көрөр-истэр «Орион» хампаанньа биир сүбэнэн үлэлээбиттэрин түмүгэр бүгүҥҥү суолталаах тэрээһиҥҥэ 2500 тахса өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо уонна ыалдьыта үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылла.
«Лига мамонта» хоккейнай матч ыалдьыттар болҕомтолорун тарта. Маннык бииргэ үлэлээһин туристары кытта үлэни тэрийиигэ олус көдьүүстээҕин учуоттаан, партнердарбытын кытта өссө да үгүс сонун сүүрээннэри тобулуохпут. «Батамай — Лабыдьа» кыһыҥҥы айан суола сабыллара ый курдук кэм хаалла. Онон бу хаалбыт кэми баттаһан, «Өлүөнэ очуостара» Айылҕа национальнай пааркатыгар кэлэн сынньаныҥ, ыраас сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыыныҥ, күүлэйдээҥ, иллэҥ кэмҥитин туһалаахтык атаарыҥ диэн ыҥырабын, — диэн туристарга туһаайан бэлиэтээтэ Айылҕа национальнай пааркатын дириэктэрэ Аркадий Семенов.
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…