“Өлүөнэ долгуннара” суруйааччылардыын көрүстэ
Бүгүн, муус устар 21 күнүгэр, Хаҥалас улууһун ини-бии Ксенофонтовтар ааттарынан бибилэтиэкэҕэ бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Ол курдук, СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин бэрэссэдээтэллээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун ситэриилээх сүбэтин чилиэннэрэ Хаҥалас улууһун “Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүүнү кытары көрүстүлэр.
СӨ Суруйааччыларын сойууһун ситэриилээх сүбэтин улуустары кытары үлэҕэ эппиэтинэстээх Галина Басылайканова-Кэнтик Кыыһа иһитиннэрбитинэн, маннык тэрээһиннэр сойуус өрөспүүбүлүкэ түмсүүлэрин кытары биир ситимнээхтик үлэлииригэр олук буолуохтара.
Покровскайга көрсүһүүнү “Өлүөнэ долгуннара” түмсүү салайааччыта, сүрүн бибилэтиэкэр Людмила Колесова-Ай Кыыма уонна отдел бибилэтиэкэрэ Валентина Колесова бэрт сэргэхтик ыыттылар. “Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүү чилиэннэрэ бибилэтиэкэ бэйэтин типографиятыгар уо.д.а. бэчээттиир тэрилтэлэргэ кинигэлэрин бэчээттэтэллэр, хоһоонноро хомуурунньуктарга киирэллэр.
Валентина уонна Людмила Колесовалар хас биирдии киһи бэйэтин билиһиннэрбитин кэнниттэн ааптар айар үлэтигэр тоҕоостоох ыйытыылары биэрэннэр, кэпсэтии билиҥҥи литература тирээн турар кыһалҕаларыгар, литература жанрдарыгар, аныгы ааҕааччы ханнык тиэмэни интэриэһиргииригэр, Суруйааччылар сойуустарын үлэлэригэр тиийэ ырытыһан, кэпсэтии киэҥ хабааннаахтык барда. Ону тэҥэ, биллэн турар, проза, поэзия жанрыгар үлэлиир ааптардар кинигэлэрин бэлэхтэстилэр.
Бүгүҥҥү ыалдьыттар Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал, Галина Басылайканова-Кэнтик Кыыһа, Акулина Иванова-Бээрийэ Кыыһа, Татьяна Жиркова, Надежда Егорова-Намылы СӨ Суруйааччыларын сойууһун үлэтин-хамнаһын, сойуус чилиэннэрин айар үлэлэрин сырдаттылар.
Бэйиэт, “Сайар сарыал” түмсүү салайааччыта Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал хоһоону суруйуу ирдэбиллэрин, эридьиэстэрин, уобараһы арыйыыга үлэлээһиҥҥэ тус санаатын үллэһиннэ. Онуоха кини биир дойдулаахтара Моисей Ефимов уонна Христофор Горохов-Элгэстэй кинигэлэриттэн хоһооннору холобурдаата. Ону сэргэ, саха итэҕэлигэр, сиэргэ-туомҥа, тыл суолтатыгар бэйэтин көрүүлэрин билиһиннэрдэ.
Татьяна Жиркова оҕону иитиигэ, этнопедагогикаҕа сыһыаннаах бэрт элбэх кинигэни илдьэ кэлэн билиһиннэрдэ, инникитин бииргэ үлэлииргэ ыҥырда. Акулина Иванова бэйэтин бырайыактарынан өрөспүүбүлүкэ улуустарынан айанын, маннык айаннар айар киһиэхэ туох суолталаахтарын туһунан кэпсээтэ.
Күөрдэмтэн субу айаннаан кэлбит “Күөрэгэйдээх күөрдэмнэр” түмсүү чилиэннэрэ: СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Галина Иванова-Айтыына Уран, Саргылана Сайын, Варвара Власьева кэлэн, үгүс өрүттээх үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр.
СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Хаҥалас улууһугар олорор Валерий Софронович Данилов-Эркин, хоһоонньуттар Ольга Острелдьина-Уокка Куо, Татьяна Петрова-Мойуу Кыыһа, Анастасия Ющенко-Алгыстаана маннык көрсүһүүлэр инникитин да буола туралларыгар баҕардылар.
Инники үлэ былаанынан, сойуус бары чилиэннэрэ өрөспүүбүлүкэ түмсүүлэрин кытары көрсөн, санаа атастаһыахтара, саҥа саҕалааччыларга сүбэ-ама биэриэхтэрэ, айар үлэлэрин ырытыһыахтара, улуустар суруйааччыларыныын холбоһуктаах тэрээһиннэри бииргэ ыытыахтара уо.д.а.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: