“Өлүөнэ долгуннара” суруйааччылардыын көрүстэ

Share

Бүгүн, муус устар 21 күнүгэр,  Хаҥалас улууһун ини-бии Ксенофонтовтар ааттарынан  бибилэтиэкэҕэ  бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.

Ол курдук, СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин бэрэссэдээтэллээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Суруйааччыларын сойууһун ситэриилээх сүбэтин чилиэннэрэ Хаҥалас улууһун “Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүүнү кытары көрүстүлэр.

СӨ Суруйааччыларын сойууһун  ситэриилээх сүбэтин улуустары кытары үлэҕэ эппиэтинэстээх Галина Басылайканова-Кэнтик Кыыһа иһитиннэрбитинэн, маннык тэрээһиннэр сойуус  өрөспүүбүлүкэ түмсүүлэрин кытары биир ситимнээхтик үлэлииригэр олук буолуохтара.

Покровскайга көрсүһүүнү “Өлүөнэ долгуннара” түмсүү салайааччыта, сүрүн бибилэтиэкэр Людмила Колесова-Ай Кыыма уонна отдел бибилэтиэкэрэ Валентина Колесова бэрт сэргэхтик ыыттылар. “Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүү чилиэннэрэ  бибилэтиэкэ бэйэтин типографиятыгар уо.д.а. бэчээттиир тэрилтэлэргэ кинигэлэрин бэчээттэтэллэр, хоһоонноро хомуурунньуктарга киирэллэр.

Валентина уонна Людмила Колесовалар хас биирдии киһи бэйэтин билиһиннэрбитин кэнниттэн ааптар  айар үлэтигэр тоҕоостоох  ыйытыылары биэрэннэр, кэпсэтии билиҥҥи литература тирээн турар кыһалҕаларыгар, литература жанрдарыгар, аныгы ааҕааччы ханнык тиэмэни интэриэһиргииригэр, Суруйааччылар сойуустарын үлэлэригэр тиийэ ырытыһан, кэпсэтии киэҥ хабааннаахтык барда. Ону тэҥэ, биллэн турар, проза, поэзия жанрыгар үлэлиир ааптардар кинигэлэрин бэлэхтэстилэр.

Бүгүҥҥү ыалдьыттар Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал, Галина Басылайканова-Кэнтик Кыыһа, Акулина Иванова-Бээрийэ Кыыһа, Татьяна Жиркова, Надежда Егорова-Намылы СӨ Суруйааччыларын сойууһун үлэтин-хамнаһын, сойуус чилиэннэрин айар үлэлэрин сырдаттылар.

Бэйиэт, “Сайар сарыал” түмсүү салайааччыта Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал хоһоону суруйуу ирдэбиллэрин, эридьиэстэрин, уобараһы арыйыыга үлэлээһиҥҥэ  тус санаатын үллэһиннэ. Онуоха кини биир дойдулаахтара Моисей Ефимов уонна Христофор Горохов-Элгэстэй кинигэлэриттэн хоһооннору холобурдаата. Ону сэргэ,  саха итэҕэлигэр, сиэргэ-туомҥа,  тыл суолтатыгар бэйэтин көрүүлэрин билиһиннэрдэ.

Татьяна Жиркова оҕону иитиигэ, этнопедагогикаҕа сыһыаннаах бэрт элбэх кинигэни илдьэ кэлэн билиһиннэрдэ, инникитин бииргэ үлэлииргэ ыҥырда. Акулина Иванова бэйэтин бырайыактарынан өрөспүүбүлүкэ улуустарынан айанын, маннык айаннар айар киһиэхэ туох суолталаахтарын туһунан кэпсээтэ.

Күөрдэмтэн субу айаннаан кэлбит “Күөрэгэйдээх күөрдэмнэр”  түмсүү чилиэннэрэ: СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Галина Иванова-Айтыына Уран, Саргылана Сайын, Варвара Власьева  кэлэн, үгүс өрүттээх үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр.

СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,  Хаҥалас улууһугар  олорор Валерий Софронович Данилов-Эркин, хоһоонньуттар Ольга Острелдьина-Уокка Куо, Татьяна Петрова-Мойуу Кыыһа, Анастасия Ющенко-Алгыстаана маннык көрсүһүүлэр инникитин да буола туралларыгар баҕардылар.

Инники үлэ былаанынан,  сойуус бары чилиэннэрэ өрөспүүбүлүкэ түмсүүлэрин кытары көрсөн, санаа атастаһыахтара, саҥа саҕалааччыларга сүбэ-ама биэриэхтэрэ, айар үлэлэрин ырытыһыахтара, улуустар суруйааччыларыныын холбоһуктаах тэрээһиннэри бииргэ ыытыахтара уо.д.а.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago