Өлүөнэ очуостара тэллэҕэр «Лига мамонта» хоккей 6:6 ахсааннаах түмүктэннэ
«Легенды хоккея» уонна «Якутия сборная» хамаандалар хоккейга «Лига мамонта» доҕордоһуу матчтара 6:6 ахсааннаах түмүктэннэ.
Бастакы шайбаны Саха сирин хамаандата киллэрэн, ыалдьааччылар өрөгөйдүүр үөгүлээһиннэрэ Өлүөнэ очуостарын сатарыттылар. Оонньуу бэрт тыҥааһыннаахтык барда. Биир кэмҥэ Саха сирин хомуур хамаандата 4:2 ахсааннаах инники тахсан, аатырбыт хоккеистар оонньуур хамаандаларын ууга-уокка уган ыллылар.
Мууска «Азия оҕолоро» оонньуу посола Вячеслав Фетисов бэйэтинэн тахсан ахсааны көннөрдө. Түмүккэ ахсаан 6:6. Ыалдьааччылар оонньуу устата быыстала суох хаһыытаан, хоккеистары өйөөтүлэр. Оонньууну астымматах киһи суох быһыылаах.
«Маннык көхтөөх ыалдьааччылары көрбөтөҕүм ыраатта, барыгытыгар муҥура суох махтанабын! Хаһан эрэ Москваҕа төрөөбүт уолчаан улуу Өлүөнэ очуостарын тэллэҕэр хоккей оонньуом диэн санаабат да этим. Саха сиригэр хоккей биир бастыҥ успуорт көрүҥэ буолуо диэн эрэнэ саныыбын!», – диэтэ Вячеслав Фетисов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: