Бэйэтин дьоһун аатын үрдүктүк тутар тэрилтэ, бастатан туран, туристар сынньанар усулуобуйаларын тэрийиигэ болҕомтотун уурар.
Бу туристическай эбийиэк сайдыытыгар олус улахан суолталаах. “Өлүөнэ очуостара” айылҕа пааркатыгар турар кылаабынай “Горизонт” куорпустан турист баҕарбытын барытын булан ылар кыахтаах.
«Ресепшн» дэнэр муннук «сулустаах» гостиницалартан туох да итэҕэһэ суох. Манна сүрүннээн араас омук туриһа кэлэн түһэр буолан, аныгы ирдэбил барыта тутуһуллар.
Турист хантан кэлбитинэн Москва, Дьокуускай, Лондон бириэмэтинэн сирдэтинэр.
Киирээккин кытта истиэнэҕэ кыһыҥҥы кэмҥэ туох өҥө оҥоһуллара, сыаната ыйыллыбыт.
«Горизонт» куорпус эрэстэрээнин сүрүн түннүгэ Өлүөнэ очуостарын «өҥөйөн» турар буолан, киһини «аптаах» сиргэ угуйар курдук. Туристическай бааза хаһаайката Надежда Сыромятникова идэтинэн филолог, худуоһунньук, юрист эбит. Онон бу үс суолталаах идэни таба аттаран, барытыгар толкуйун дууһатын анаабыта көстөр.
Эрэстэрээн түннүгэр Өлүөнэ очуостарыгар үүнэр үүнээйи, араас таас эспэнээт быһыытынан турара, барытыгар интэриэһи үөскэтэр. Холобура, бу таас Өлүөнэ очуостарыттан булуллубут былыргы үйэтээҕи үөн-көйүүр омооно сылдьарын көрдөрөр. Туристар бу тааһы көрөөт, Өлүөнэ очуостарын көрө охсор баҕалара күүһүрэр.
Аны биир муннукка толору «Өлүөнэ очуостара» Айылҕа пааркатын кэрэһэлиир сувенир арааһа. Холобура, хайыһардыы, балыктыы барар киһи хайаан да пиирмэннэй тиэрмэһи уонна суумканы атыылаһан ылара чахчы.
Чэйдиэн баҕардаҕына, баһаалыста, пиирмэннэй чааскы — бэлэм.
Тымныы уу иһиэххин баҕардаххына, пиирмэннэй суруктаах курууската атыылас.
Ити курдук, сувенир арааһын булуохха сөп.
Туристическай бааза салайааччыта Владимир Сыромятников дьиэлээх хаһаайын быһыытынан эр дьон наадыйарын барытын учуоттаабыт.
Ол курдук, балыктыаххын баҕардаххына, күөгүтэ уларыс.
Хайыһардаары гыннаххына, хайыһарда уларсан, тулалыыр айылҕаны үөрэт.
Аргыстарым Өлүөнэ очуостарыгар айаннаары массыынаҕа олороору бэйэ-бэйэлэрин кэтэһэ сырыттахтарына, Владимир Владимирович дьону балыктата илдьэр «богуончугун» бачча кэлбиччэ көрөргө сананным. Ыраахтан көрдөрө-көрдөрө кэпсээбитэ өйбүттэн тахсыбатах буолан, ыксалынан иккиэн богуончуктар турар сирдэригэр хаамтыбыт. Тыын быһаҕаһынан тиийэн, анаан көрдүм уонна уһуллум.
Маннык «ичигэс салааасканы» тыа сирин дьоно холкутук оҥоруохтарын сөп эбит.
Ити курдук, Владимир Сыромятников туристическай баазаҕа наадалааҕы барытын булар-талар, бэйэтэ кытта айан оҥорор эбит. Ол да иһин сыччах түөрт сыл иһигэр балысхан сайдыы суолугар үктэннэхтэрэ.
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…