Өлүөнэ очуостарын дабайыы быстах кэмҥэ бобуллуоҕа
Бу кыһыҥҥы туристическай сезоҥҥа Өлүөнэ очуостарыгар саҥа ыллык оҥоһулларынан сибээстээн, хайаҕа тахсыы быстах кэмҥэ бобуллуоҕа.
Туһааннаах быһаарыныыны туристарга куттал суоһаабатын туһуттан ылыммыттар.
Санатан эттэххэ, былырыын күһүн «Лабыдьа» туристскай-рекреационнай зонаҕа 3 км уһуннаах саҥа экологическай ыллыгы оҥоруу саҕаламмыта. Бу ыллык кэтит уонна туристар хааман тахсалларыгар ордук табыгастаах буолуоҕа. Ыллык кытыытынан сынньанан ааһарга анаан 9 былаһаакка баар буолуоҕа.
Онон, кыһыҥҥы сезоҥҥа хайаны дабайыы оннугар, «Лабыдьа» ТРЗ атын маршруттары көрдөрүөҕэ. Холобур, манна дьоҕус сынньанар дьиэлэр бааллар.
Кулун тутарга паарка территориятыгар «Азия оҕолоро» VII спортивнай оонньуулар уоттарын уматыы үөрүүлээх сиэрэ-туома буолуохтаах.
«Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кэлэр нэдиэлэттэн кыһыҥҥы айылҕалыын алтыһа, сынньана кэлэргитин ыҥырабыт», — диэн паарка үлэһиттэрэ ыҥыраллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: