Өлүөнэ очуостарын диэки сир хамсаата
24.03.2025, 10:18

СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, кулун тутар 23 күнүгэр, 18:32 чааска Өлүөхүмэ оройуонугар, Өлүөнэ очуостарыттан чугас сиргэ сир хамсаата диэн ФИЦ ЕГС РАН Саха сиринээҕи филиала СИА-ҕа иһитиннэрдэ. Сир хамсааһына 3 бааллаах.
«Бу сотору-сотору буолар кыра сир хамсааһына. Сиинэ үрэххэ бу эмиэ сотору-сотору буолар көстүү», — диэн биэдэмистибэҕэ иһитиннэрбиттэр.
Хамсааһын дириҥэ 15 км тэҥнэспит. Чугастааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторо сир хамсаабытын билбиттэр, кырыыһаларыттан хаар түспүтүн бэлиэтииллэр.
+1
2
+1
+1
1
+1
+1
16
+1
2
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: