Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын салгыы сайыннарарга сорук туруорулунна
Ил Дархан Айсен Николаев Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын салгыы сайыннарар соругу туруорда.
Сыл аайы навигация кэмигэр ПАО «ЛОРП» араас нэһилиэнньэлээх пууннарга, ол иһигэр Арктика улуустарыгар социальнай суолталаах таһаҕаһы тиэрдэр. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана ааспыт сылга уунан суолга-иискэ төһө да уустук усулуобуйалар баалларын үрдүнэн, тэрилтэ соругу толорор кыахтааҕын бэлиэтээбит уонна тэрилтэ үлэһиттэригэр махтаммыт.
«Ааспыт сылга пароходство сүҥкэн үлэни оҥордо. 2023 сылга 1 мөл. 350 тыһ. туонна таһаҕас тиэйиллибит. Кэккэ биричиинэлэринэн ити былааннаах көрдөрүүттэн намыһах, ол эрээри сүрүн соруктар толорулуннулар», – диир кини.
Айсен Николаев ПАО «ЛОРП» өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар сүдү суолталааҕын бэлиэтээтэ уонна мунньах кыттыылаахтарын болҕомтотун кэлэр сылларга туруоруллар соруктарга туһаайда. Олор ортолоругар өрүс флотун саҥардыыны эттэ.
«Саха сиригэр өр сылларга өрүс тырааныспара таһаҕаһы тиэйэр сүрүн көрүҥүнэн этэ. Күн бүгүнүгэр диэри пароходство олоҕу хааччыйыыга биир сүрүн оруолу ылар. Онон тэрилтэни өйүөххэ наада. Өйөөн эрэ буолбакка, ыкса кини сайдыытыгар үлэлэһиэххэ наада. Саҥа ырыынагы, ол иһигэр муоранан таһаҕаһы тиэрдии эйгэтигэр эмиэ. Ол туһуттан флоту саҥардыы үлэтэ барыахтаах», — диэн этэр.
Тэрилтэ инвестбырагырааматынан 2030 сылга диэри 57 саҥа суудунаны тутуу былааннанар. Ол курдук суудунаны Жатайдааҕы суудуна оҥорор собуот баазатыгар эмиэ былаанныахтара.
Биир сүрүн соругунан каадыры бэлэмнээһин буолар. Кэнники сылларга үрдүк таһымнаах каадырдар эрэгийиэн таһыгар үлэҕэ бараллара бэлиэтэммитэ. Онон Айсен Николаев каадыры бэлэмнээһиҥҥэ үлэни күүһүрдэр туһунан сорудахтаабыта.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3384025 манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: