«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходствота» быйылгы навигацияҕа элбэх таһаҕаһы тиэйиэ
Ил Дархан Айсен Николаев «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходствота» АУо генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионовы кытта көрсөн, бу сыллааҕы навигацияҕа бэлэм буолуу боппуруостарын ырытта.
«2022 сыллааҕы навигацияҕа 1,5 мөлүйүөнтэн тахса туонна таһаҕас эһиги тэрилтэҕит көмөтүнэн тиэйиллибитэ. Быйыл эмиэ улахан үлэ күүтүллэр. Тэрилтэҕит кэлэр навигацияҕа төһө бэлэмий?”, — диэн Айсен Николаев ыйытан кэпсэтиини саҕалаата.
Сергей Ларионов «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходствота» кэлэр навигацияҕа бэлэмин туһунан биллэрдэ. Кини быйыл тиэйии кээмэйэ өссө улаатарын былаанныылларын туһунан эттэ. Быйыл “Росатом” судаарыстыбыннай корпорация Уус Куйга бөһүөлэгэр дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутарыгар элбэх тутуу матырыйаалын тиэйтэриэҕэ. Ону кытта “Полиметалл” сир баайын хостуур хампаанньа хантараагын уһатара биллэр. «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходствота» АУо 2023 сылга 300 аалы өрүһүнэн таһаҕаһы тиэйиигэ үлэлэтэр былааннаах. Күн бүгүн суудуна 25 %-на үлэлииргэ бэлэм турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: