Өлүөнэтээҕи кулууп эспиэртэрэ Саха сирин Дьоруойдарын холобуругар патриоттуу тыыҥҥа иитии туһунан кэпсэттилэр
Аҕа дойду Доруойдарын күнүгэр “Өлүөнэтээҕи кулууп” аналитическай киинигэр “Саха сирэ – дьоруойдар сирдэрэ” тиэмэнэн мунньах буолан ааста. Дойду инники күҥҥэ сылдьар эспиэртэрэ, судаарыстыбаннай, патриотическай тэрилтэлэр салайааччылара патриоттуу тыыҥҥа иитии уонна өрөспүүбүлүкэ анал байыаннай дьайыыга кылаатын туһунан кэпсэттилэр. Мунньаҕы арыйарыгар Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн дойду култуураҕа эйгэтигэр сүрүн холобурунан патриоттуу санаа уонна дойдуга таптал буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.
“Патриотическай иитии туһунан этэрбитигэр, биһиги кэммит, анал байыаннай дьайыы дьоруойдарын туһунан этиэхтээхпит. Дьоруойдуу быһыы тиэмэтэ суолталаах, бу хайысханы инники тутуохтаахпыт, манна күүспүтүн түмүөхтээхпит. Айар үлэ – киинэ, литэрэтиирэ, муусука, анимация манна сүрүн оруоллаах” – диэн Айсен Николаев быһаарда.
Эспиэртэр ыччат кыаҕын арыйарга, талаанын сайыннарарга, патриотическай тыыҥҥа иитии хайысхатыгар – Арассыыйа национальнай соругар киирбит дойду Бэрэсидьиэнин ыам ыйынааҕы ыйааҕар Саха сирин уопутун бэлиэтээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ дойду атын эрэгийиэннэриттэн биир бастакынан оскуолаларга линиэйкэҕэ былааҕы өрө таһаарыы быраактыкатын киллэрбитэ. Соторутааҕыта олоххо киирбит патриотическай бырайыактартан “Алдан” киинэ буолар. Премьера иннинээҕи көрдөрүүтэ “Арассыыйа” национальнай кииҥҥэ буолбута.
ДНӨ баһылыгын сүбэһитэ, байыаннай кэрэспэдьиэн, “Афганистан уонна анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин Арассыыйатааҕы Сойууһа” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ Игорь Кимаковскай Саха сирэ төрүт майгыны-сигилини олохсутар, сайыннарар информационнай эйгэни тута сылдьар, харыстыыр диэн бэлиэтээтэ. Бу эрэгийиэҥҥэ дьиҥнээх патриоттары иитэргэ көмөлөөх. “Бу бэйэтин иһигэр хааччахтанан хаалбакка, эрэгийиэн салгыы сайдарын холобура. Эрэгийиэн дойду киниттэн ирдиирин таһынан биэрэр кыахтааҕын холобура”, – диэн эспиэр этэр.
Бэлитиичэскэй анаалыс киинин генеральнай дириэктэрэ Павел Данилин өрөспүүбүлүкэҕэ утумнааһын баарын бэлиэтиир. “Мин Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроевы, маҥнай волонтерунан үлэлээбит, онтон баҕа өттүнэн кыттар этэрээт хамандыыра буолбут Александр Колесовы, “Алеша” тааҥка экипаһын чилиэнэ Филипп Евсеевы билэрбинэн киэн туттабын. Саха сириттэн 24 киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбута. Арассыыйа Дьоруойа буолбут дьону көрдөхпүнэ мин Днепры туорааһыны тэрийиигэ үрдүкү ааты-суолу ылбыт Владимир Лонгвиновы, Федор Поповы, Мартын Теплякову, Виктор Стрельцову өйдөөн кэлэбин. Саха сирин дьоно маны өйдүү-саныы сылдьаллара олус үчүгэй. Көлүөнэлэр ситминэрэ, холобура, дьулуһуулара диэн бу буолар” – диэн политолог түмүктээн эттэ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: