Саха сиригэр 2019 сыллаахха өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт 500-чэ киһи, ситэ тутуллубакка, «бытыктаммыт» 15 дьиэ баара. Ким кирэдьииккэ киирэн, ким баар-суох баайын атыылаан, 2000 сылларга өлүүлэһэн тутууга киирбиттэрэ. Иннэ-кэннэ биллибэт кэмнэргэ суобаһа суох тутааччылар угаайыларыгар киирэн, элбэх киһи албыннаппыт «дольщиктарга» кубулуйбуттара. Ол дьон бырааптарын өр кэмнэргэ туруулаһа сатаабыттара даҕаны, кыһалҕа быһаарыллан испэтэҕэ.
2019 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа тиийэн өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт гражданнары көмүскүүр федеральнай пуонда генеральнай дириэктэрэ Олег Говоруну кытары бииргэ үлэлииргэ илии баттаспыта. Онтон ыла, кыайан тутуллубакка турар дьиэлэри өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт гражданнары көмүскүүр пуонда нөҥүө федеральнай бүддьүөттэн уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн хос үп көрүллэн, үлэ күүскэ барбыта.
Ааспыт сылларга бастаан 400-чэ албыннаппыт киһи бырааба чөлүгэр түһэриллэн, өр сыллаах эрэй-кыһалҕа кэнниттэн саҥа дьиэ күлүүһүн тутар дьолломмуттара. Бүгүҥҥү туругунан кыһалҕалаах икки дьиэ хаалан турар, олор даҕаны тутулла тураллар. Былаан быһыытынан, бу сыл бүтүүтэ албыннаппыт дьон бүтэһик дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.
Ол туһунан «Өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт гражданнары көмүскүүр Саха сиринээҕи пуонда» генеральнай дириэктэрэ Наталья Чусовская эттэ.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондабыт өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт гражданнары көмүскүүргэ, кинилэр кыһалҕаларын быһаарарга аналлаах тэриллибитэ. Үбүлээһин, чуолаан, федеральнай бүддьүөттэн барар, өрөспүүбүлүкэ 8 % кэриҥин биэрэр. Кыһалҕалаах 10 дьиэ баарыттан, 6 эбийиэккэ «дольщиктар» толуйар төлөбүрдэри ылбыттара, оттон 4 эбийиэк ситэрэн тутуллара быһаарыллыбыта. Федеральнай үбүлээһин уопсай суумата 2,5 млрд солк. тэҥнэһэр, онтон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 175 мөл. солк. кэриҥэ хос үбүлэнэр.
Бүгүҥҥү туругунан, 8 эбийиэккэ гражданнар бырааптарын чөлүгэр түһэрэн, өр күүппүт дьиэлэригэр киирэн олороллор, аны икки хаалла.
Федеральнай пуонда тутууну түмүктүүр туһунан быһаарыы ылыммыта, ол курдук биһиги өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондабыт 4 кыһалҕалаах эбийиэги тутааччы буолар. Ол эбэтэр бу эбийиэктэр федеральнай бырагырааманан тутуллаллар. Ааспыт сылга биһиги маннык икки эбийиэги – Чурапчыга 15 кыбартыыралаах уонна Дьокуускай куоракка Ильинка түөлбэтигэр 32 кыбартыыралаах олорор дьиэлэри туппуппут.
Оттон быйыл икки эбийиэги, Ильинка түөлбэҕэ «Г-2» блогу уонна Автодорожнай уулуссаҕа олорор дьиэлэри ситэри тутан бүтэриэхтээхпит. Бу дьиэлэр 2023 сыл ахсынньытыгар диэри ситэриллэн бүтэн үлэҕэ киириэхтээхтэр. Биирэ «Черов уонна К», иккиһэ «Монолит-Строй» хампаанньа тутан испит дьиэлэрэ буолаллар. Онон 2023 сыл бүтүүтэ Саха сиригэр биир даҕаны албыннаппыт «дольщик» уонна кыһалҕалаах эбийиэк суох буолуохтаах», – диэн Наталья Чусовская кэпсээтэ.
Эппиппит курдук, Саха сиригэр 2019 сылтан «Өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт гражданнары көмүскүүр Саха сиринээҕи пуонда» тэриллэн, кылгас кэм иһигэр дьоһуннаах үлэни ыытта.
«Саха сиригэр суобаһа суох тутааччылар дьайыыларыттан эмсэҕэлээбит гражданнар кыһалҕаларын быһаарыыга тиһиктээх үлэ барар. Өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт дьон бырааптарын көмүскээһин биһиэхэ инники турар соруктартан биирдэстэрэ буолар, ону толоруу ханнык да түгэҥҥэ тохтуура сатаммат», – диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев эрдэ этэн турар. Дьэ, ол сорук туолан, бүтэр уһуга көстөн, дьон кыһалҕата быһаарыллар буолбута хайҕаллаах.
Маннык харчынан толуйууну Дьокуускай куорат Кальвица уулуссатыгар баар эбийиэккэ албыннаппыт дьон ыларга быһаарыммыттар. Кинилэргэ барыларыгар харчынан төлөбүр оҥоһуллубут.
Бэлиэтээн эттэххэ, кыһалҕалаах эбийиэктэр биир кэлим реестрдэригэр моҥкуруут барбыт эбэтэр тутууларын сатаан ситэрэр кыахтара суох, итиэннэ 6 ыйтан ордук кэмҥэ тутуу болдьоҕун уһаппыт тутааччылар киирэллэр. Бу эбийиэктэргэ өлүүлээн тутууга дуогабар түһэрсибит эбэтэр Росреестргэ регистрацияламмыт буоллахтарына, сокуонунан анал мэхэньиисиминэн албыннаппыт «дольщиктарга» көмө оҥоһуллар. Оттон, өскөтүн, тутааччылар бэрээдэк быһыытынан дуогабар түһэрсибэтэх уонна Росреестрга регистрацияламматах итиэннэ тутууну ыытарга сир учаастагар көҥүлэ суох буоллахтарына, 214 №-дээх федеральнай сокуонунан кинилэр ханнык даҕаны мэхэньиисимҥэ хапсыбаттар.
Ол курдук, пуонда генеральнай дириэктэрэ Наталья Чусовская эппитинэн: «Өлүүлэһэн тутуу кыһалҕатын быһаарыыга икки хайысха баар: албыннаппыт дьоҥҥо харчынан толуйуу уонна тутууну ситэрэн биэрии. Федеральнай пуонда бырагырааматынан 6 эбийиэккэ албыннаппыт дьоҥҥо харчынан толуйуу оҥоһуллубута. 4 эбийиэккэ дьон кыбартыыра ылбыттара».
Пуонда тэриллэригэр барыта 500-чэ албыннаппыт «дольщик» баар эбит буоллаҕына, сокуонунан бэрээдэктээн, ырычаахтаан кыһалҕа быһаарыллан, эбийиэктэр ситэри тутуллан, сороххо харчынан толуйуллан, аны өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт гражданнар диэн суох буолуохтаах.
Эппиппит курдук, аны албыннаппыт «дольщиктар» суох буолуохтара. «Өлүүлэһэн тутууга кыттыы туһунан»
214 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылар киирэннэр, тутааччылар тустарыгар саҥа ирдэбиллэр кытааттылар. Урукку курдук, үп тута тутааччы счетугар киирбэт, анал счекка угуллар. Аны дьиэни тутааччы бэйэтин үбүгэр эбэтэр баантан ылбыт кирэдьиитин суотугар тутар. Тутааччы дьиэни бүтүннүү тутан бүтэрэн, үлэҕэ киирэргэ бэлэм диэн көҥүлү ыллаҕына эрэ, гражданнар өлүүлээх харчыларын туһаныан сөп буолла.
Урут хайдах этэй? Тутааччы өлүүлэһэн тутуу кыттыылаахтарын харчыларын бүтүннүү ылан баран, ханнык эрэ чааһын тутуутугар, атынын бэйэтин көҥүлүнэн айбардыыр, сыала суохха туттар кыахтааҕа. Ол иһин саҕалаабыт тутуутун бүтэрэргэ үбэ тиийбэт буолан, моҥкуруут барара эбэтэр сүтэн хаалан, дьону отоойкоҕо олордоро, харчыта да, дьиэтэ да суох хаалларара. Онтон бу сокуон мэхэньиисимэ ситэриллэн, ирдэбилэ кытаатан, аны дьон тутууга укпут үптэрэ-харчылара сүтүө суохтаах диэн буолла.
Хаартыска: «Өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт гражданнары көмүскүүр Саха сиринээҕи пуонда» саайтыттан.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…