Испэктээк кэннэ санаалар
Бу күннэргэ Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар судаарыстыбаннай тыйаатырдара туруорбут «Үрүҥ бөрө, түүннэри тугу туойан улуйаҕын» («О чем поешь в ночи, Белая волчица») диэн испэктээктэрин көрөн баран ыанньыйбыт санаабын суруйуум.
Бу испэктээк дьүкээгир улуу суруйааччытын уонна худуоһунньугун, ССРС Суруйааччыларын уонна Худуоһунньуктарын сойуустарын чилиэнин Окат Бэй–Николай Николаевич Курилов «Үрүҥ бөрө» диэн айымньытынан турда. Туруорааччы режиссер – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай уонна Олоҥхо тыйаатырдарын артыыһа, режиссер Матрена Владимировна Корнилова этэ.
Дьиҥэр, Матрена Корнилованы да, Николай Николаевиһы да кытта алтыһан ааспыт дьонум. Николай Куриловы биир үксүн дьүкээгир омук тумус туттар дьонун, Сэмэн уонна Хабырыыл Куриловтар бииргэ төрөөбүт бырааттарын, дьүкээгирдэри кытта уруулуу омуктар олохторун-дьаһахтарын, ускуустубаларын үөрэппит айанньыт, чинчийээччи, Саха араадьыйатыгар хотугу омуктар тылларынан тахсар «Геван» биэрии өр сыллаах ааптарын уонна эрэдээктэрин, дьүкээгир букубаарын оҥорбут улахан үтүөлээх чулуу, олус көрсүө уонна сэмэй киһи быһыытынан билэрим. Кини худуоһунньук-график быһыытынан үлэлэрин сөҕө-махтайа, дуоһуйа уонна астына көрөөччүбүн. Матрена Корнилованы биир үксүн билиҥҥи көлүөнэ сахалар биир тумус туттар айылҕаттан айдарыылаах артыыстарын, 90-с сылларга бииргэ үлэлээбит салайааччым, ытыктыыр киһим кэргэнин Лана Владимировна бииргэ төрөөбүт балтын быһыытынан ылынарым. Ол гынан баран, Николай Николаевич уус-уран айымньыларын, Матрена Владимировна айар олоҕун режиссер быһыытынан өрүтүн ситэ-хото билбэт эбиппин, кинилэр айар талааннарын бэйэтин кэмигэр эппэр-хааммар толору иҥэриммэтэх хомолтолоохпун.
Бу сырыыга айымньы сыанаҕа туруоруллуутун көрөн баран ис-испиттэн олус дириҥник, долгутуулаахтык уонна ыарыылаахтык ылынным диэтэхпинэ, бэйэбин албыннаныам суоҕа.
Николай Курилов сыанаҕа туруоруллубут айымньыта суруйааччы биир дойдулаахтарын былыргы үһүйээннэригэр олоҕурар. Манна дьүкээгир Уси диэн ааттаах эдэркээн кыысчаанын уонна Яула диэн саҥа атаҕар туран эрэр эр бэрдин төлөннөөх тапталларын туһунан кэпсэнэр. Тыйаатыр эдэр артыыстара икки таптаһар эдэр дьон дьоллорун холбуур, сыдьааннарын салгыыр дьылҕалара элбэх моһоллору, туорайдары көрсүүтүн, онтон сылтаан тапталлаахтар суорума суолланыыларын устуоруйатын итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр. Испэктээккэ кэпсэнэринэн, Уси бииргэ төрөөбүт эдьиийин Пойэны уонна Яулуну, кинилэр кыраларыгар аҕалара холбуох буолан илии охсуспут бигэ тыллара, омук үйэттэн үйэҕэ тулахадыйбакка тутуһуллан кэлбит үгэһин ситимэ таптаһар эдэр дьон тапталларын быстах төлкөлүүр. Дьылҕа итинник ыар ыйааҕын ылымматах Уси уонна Яула суорума суолланаллар. Ол эрэн, ити омос көрүү дьүрүлгэнэ.
Суруйааччы айымньыта, тыйаатыр туруоруута көрөөччүнү хас да ураты суолталаах, хос өйдөбүллээх санааларга тиксэрэр.
Биир өттүнэн, испэктээккэ хайа баҕарар аҕыйах ахсааннаах омук кэнэҕэскилээх буолуутугар элбэх көлүөнэ олоҕун устатыгар олохсуйан кэлбит үгэс быһаарыылаах күүһэ көрдөрүллэр. Омук кэхтибэт кэскилин, олох төннүбэт түөрэҕин түстүүр туһуттан, кэнчээри ыччаты ыал оҥорор туһугар төрөппүттэр илии охсуһар, тыл бэрсэр үгэстэрэ кэпсэнэр.
Иккиһинэн, маннык үгэс ситимэ сорох ардыгар таптаһар эдэр дьон сүрэхтэрин холбоон, оҕо-уруу төрөтөр дьылҕаларын сабырыйар, төттөрү төлкөлүүр уратыта аҕыйах ахсааннаах омук төлөрүйбэт ыйааҕынан буолуута ойууланар. Оннук быһыыга-майгыга таптаһар дьон үгэс ситимин быһан, аймахтарын, тулалыыр дьоннорун санаатын утары баран, тапталларын туруулаһар түбэлтэлэригэр, уопсастыба кинилэри ылыммат, туора көрөр, бэйэтин кэккэтиттэн туоратар, кыыллыыр. Оччотугар олоҕурбут үгэс уонна Орто дойду дьонун күннээҕи олоҕо сөпсөспөт туруга уопсастыба социальнай сыһыаннарыгар быһаарыллыбат кыһалҕаны (конфлигы) үөскэтэр. Маннык ыарахан түгэни таптаһар сүрэхтэр бары уйар, тулуйар, ылынар уонна бэринэр буолбатахтар. Кинилэр итинтэн куотунар суоллара – өлүү аартыга.
Үсүһүнэн, дьиҥнээх тапталы өлүү кыайар кыаҕа суох. Бэйэ-бэйэлэрин муҥура суох истиҥник таптаһар дьон тапталларын күүһэ кинилэр сырдык тыыннарын өлбөт дьылҕалыыр. Уси уонна Яула бэриниилээх тапталлара кинилэр өлүүнү кыайан атын эйгэҕэ көһүүлэригэр кыах биэрэр. Ол ураты эйгэҕэ кинилэр дууһалара дьүкээгир омук төрүттэринэн буолар, биис ууһун араҥаччылааччыларынан, көмүскээччилэринэн буолар бөрө үөрүгэр иҥэриллэр, онон кинилэр тапталлара салҕанар, өлбөт үйэлэнэр.
Төрдүһүнэн, айымньыга дьүкээгир бииһин ууһун төрүт култуурата омук быһыытынан уратыта арыллар. Манна кинилэр тулахадыйбат үгэстэрэ эрэ буолбакка, кинилэр күннээҕи олохторугар дьоро түгэннэри бииргэ мустан үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан атаарыылара, күрэстэһэн бэйэлэрин күүстэрин-кыахтарын тургутуулара, ыччат дьону иитиилэрэ-үөрэтиилэрэ, дьиэ-уот тэринэн, оҕо төрөтөр-ууһуур туруктара, күн сырдыгар тардыһыылара ойууланар.
Бэсиһинэн, тыйыс тыыннаах хотугу дойдуга олорор дьон айылҕалыын ыкса алтыһыылара, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыылара, тулалыыр эйгэ чараас тыынын чугастык ылыныылара көрдөрүллэр. Таба иитэр дьарыктаах сорох хотугу омуктарга бөрө алдьархайы аҕалар адьырҕа кыыл, куһаҕан күүс курдук суолталаах буоллаҕына, ыт көлөлөөх, балык бултаах дьүкээгир омукка бөрө – сүгүрүйэр, ытыгылыыр, көмүскэнэр уонна араҥаччыланар күүстэрин быһыытынан ылыныллар. Бу кинилэри ураты, өлбөт тыынныыр, күүстэригэр күүс, кыахтарыгар кыах эбэр тустаах.
Кылгастык, саба быраҕан этэр буоллахха, «Үрүҥ бөрө, түүннэри тугу туойан улуйаҕын» диэн испэктээх таптал өлүүнү баһыйар кыаҕын туһунан итэҕэтиилээхтик кэпсиир, тапталы туругурдар тускулаах.
Түгэнинэн туһанан айымньы ааптарыгар Николай Куриловка, сценографиятын оҥорбут Михаил Егоровка, аранжировкатын бэлэмнээбит Леонид Ивановка, көстүүмнэри айбыт Степанида Павловаҕа-Синильгаҕа, Тыйаатыр уус-уран салайааччытыгар Любовь Никитинаҕа, испэктээккэ оонньообут айылҕаттан айдарыылаах кэскиллээх артыыстарбытыгар махталбытын аныаҕыҥ. Испэктээги туруорбут режиссер Матрена Корнилова сырдык өйдөбүлүгэр сүгүрүйүөҕүҥ.
Күүлэкээн.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…