Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Share

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит  туһунан оччолорго  Н-скай байыаннай чаастан  1942 сыллаах саас төрөппүттэрин аатыгар  аҕыйах тыллаах маннык биллэрии кэлбитэ: “Эһиги таптыыр уолгут  Прокопий Афанасьевич Софронов  хамандыырын өстөөх буулдьатыттан быыһаары, кинини бэйэтинэн хаххалыы түһэн,  Аҕа дойдутун иннигэр дьоруойдуу өлбүтүн биллэрэбит”.

Кини билигин, биһиги бука бары үөрэр-көтөр  күннэрбитигэр,  биэс уонун эрэ туолуо эбит.  Киһи үйэтэ төһө да кылгаһын иһин, ити элбэҕэ суох саас. Борокуоппай, баҕар, холбоһуктааһын үчүгэйин аан бас­таан билбит  “Кыһыл үлэһит” холкуоһун сиригэр – Үөһээ Бүлүүгэ – сибилигин да ыраах­тарын чугаһатар, ыараханнарын чэпчэтэр  төһүү киһилэрэ буолуо этэ.  Биитэр Алдаҥҥа кыһыл көмүс хостооһунугар үс сыл үлэлээн ыстахаанабыс­таабытын курдук,  ханна эрэ – Хаҥаласка дуу, Саҕар Хайаҕа Сангаарга дуу – чулуу горняк аатырыан эмиэ сөп этэ. Биитэр үөрэнэн туох эмэ исписэлиис  буолуо эбитэ дуу…

Кини оннук олоххо тиийбэтэх.  Аҕа дойдутун көмүскэлигэр,  биһиги көҥүлбүт, чиэс­пит иһин сырдык тыынын толук биэрбит, өлбүт, суох буол­бут. Ол эрээри биһиги кинини икки арсыын буору  баттата  түһэрэрдии харахпыт уутун тоҕоору ахтыбаппыт. Ахтабыт аатын үйэтитээри,  холобура суох хорсун быһыытын бар дьонугар  өссө биирдэ иһитиннэрэн ааһаары.

Билиҥҥи сахаларга иһитиннэрэн, санатан ааһаары

Эн ким да буол – киһиэ­хэ саамай күндүттэн күндү  кини олох олороро, тыын­наах этэҥҥэ сылдьара буол­баат! Күн тура-тура  күн сырдыгын көрөрүҥ,  көй салгынынан түөс муҥунан тыынарыҥ, дьону кытта тэҥҥэ олох оҥкулун  уһансарыҥ – ити эбээт, эн дьолуҥ диэн! Оттон кини?  Кини да ол дьолу билэр, дуоһуйа ыймахтыыр эмиэ толору быраап­тааҕа. Ама эн уорбалыаҥ этэ дуо – арай Борокуоппай билигин, ол нуучча эписиэрин фашист ытан эрэрин көрө-көрө, бэйэтэ өлөрүттэн дьулайар түгэнэ  тиийэн быыһыы сорумматах  эрээри,  ону эйиэхэ эппэккэ,  “оо, үтүө да киһи этэ ол  нуучча лейтенана” дии-дии кэпсии олорор буоллун.  Суох, уорбалыаҥ суоҕа этэ. Кини ону сатаа­батаҕа,  сатыан да баҕарбатаҕа.  Оччо ыраас дууһалаах,  көнө сүрэхтээх, чиэһинэй киһи этэ  биһиги Борокуоппайбыт.  Итинэн эн кими эрэ сигэйэллэр дуу, дии санаама. Суох, доҕоччуок, Борокуоппай – мээнэҕэ тыл ыһыктыбат аҕыйах саҥалаах киһи кыра аайы аахсарын сөбүлээбэт буолара. Биһиги да аахсымыах.

Сэрии буоллаҕын сайын,  атырдьах ыйыгар Нам  нэһилиэгин кииниттэн – Хомус­таахтан, МТС-ка үлэлии сылдьан, кини аармыйаҕа  суһаллык ыҥырыллан барбыта.  Бэл, дьиэтигэр, Хампатын алааһыгар, баара-суоҕа биэс биэрэс­тэлээх сиргэ  тиийэн төрөппүттэрин кытта  бырастыылаһар түгэн киниэхэ кыайан көстүбэтэҕэ.  Онно дии, кини илдьит ыыппыта: “ Кыаммат киһи уонна  соҕотоҕун барар буолбатахпын. Дьону кытта бардым. Өллөхпүнэ даҕаны дойдум иннигэр өлүөм. Дьоммор этээриҥ, үгүс суругу-бичиги  күүтэ олорботуннар,  биитэр үчүгэй, биитэр куһаҕан  буоллахпына биирдэ биллэриэхтэрэ”.

Модун санаалааҕа, бигэ быһаарыныылааҕа

Кини оннук модун санаа­лааҕа,  бигэ быһаарыныылааҕа. Тас дьүһүнүнэн онуоха сөптөөх киппэ, ньилбэгэй көстүүлээҕэ. Дэлэҕэ да өлөр өлүүнү, кыратык да чаҕыйбакка, өтөрү көрүө дуо?.. Ол эрээри кини дьоп­пуон  “смертник” самурайдарын  курдук  биир бэйэтэ аата-ахса  биллибэт алдьархайы тардан – хаалынньаҥнара  кыһалҕата суох иитиллэллэрин хааччыйар  туһугар – өлөргө идэлэнэн үөрэммэтэҕэ.  Оннук  “үөрэх” баара да буоллар, Борокуоппай сөбүлэниэ суох этэ. Кини сэрии иннинэ аҕай доҕоругар эппиттээх эбит ээ: “Үөрэҕэ суох диэн, онно-манна сылдьан өйдөөтөххө,  син биир хараҕа, кулгааҕа суох кэриэтэ эбит. Саатар туох эмит куурус­ка үөрэнэрдии биир санааны ылынан сылдьабын”.

Ити  үтүө ыратын илдьэ  Борокуоппай фроҥҥа барбыта, саллаат буолбута. Суох, кини  “смертник” буолбатах этэ.  Сидьиҥи – фашиһы ыраас­таһан, Ийэ дойдутун  босхолоһон  баран, олох олорор, үөрэнэр, айар баҕа санаа­лаах  сэбиэскэй саллаат этэ.  Саха буойуна,  мөлүйүөнүнэн ааҕыллар үөлээннээхтэрин курдук,  30-с сыллар күүрээннээх үлэлэрин  эрчимин иҥэринэн, онно уһаарыллан, хомсомуол тимир  кэккэтиттэн үүнэн, иитиллэн тахсыбыта. Кини, босхолооһуннаах аармыйа  байыаһа сир сирэйиттэн тугу имири сотуохтааҕын,  ол оннугар кэлин тугу  туругурдуохтааҕын  чопчу билэрэ.  Кини суобаһа,  өстөөҕүн үөлэ да турдаҕына,  мэлдьи ыраас этэ. Суох, кини тыын кэтэнэр эрэ кутталыттан, биитэр албан аат  эккирэтиһиитигэр  саа-саадах туппатаҕа.

Аҕа дойдутун үрдүнэн  саба халыйан киирбит  хаан олбохтоох фашизм хара былытын халбарытыһа охсор – кини соруга ол буолбута. Өлөр-тиллэр охсуһууга кини, бүтүннүү иитиллэн,  төрөөбүт Бүлүүтэ буурҕа түстэҕинэ  өрүтэ түллэҥнииринии, дохсуннук туруммута. Өстөөҕүн кэрдэртэн илиитэ сылайбатаҕа, өһүн-сааһын мүнүүтэ да  өһүлбэтэҕэ. Оо, кини онно,  Горькай Данкотыныы  сүрэҕин түөһүттэн көтүрү тардан  өрө уунан  дьонугар күүс угарын, сүрэҕин хаанын хас таммаҕа  өһүөннээхтэрин сибиньиэс буулдьа буолан тоҕута сүүрэр кыахтааҕын билэрэ буоллар, бука, кыратык да саараҥныы  барыа суох этэ.

Александр Матросовтыы…

Соннук да буолбута. Саха буойуна биир уохтаах кыргыһыыга  атаакаҕа кэккэлэһэ киирэн иһэр  хамандыырын  өстөөх кыҥаан эрэрин  көрөөт, эдэр түөһүн уоттаах буулдьаҕа  тоһуйан  биэрбитэ. Кини онно – ити быһылааннаах түгэҥҥэ – тугу санаабытын таайар билигин күчүмэҕэй.  Биир  эрэ – өлүөн баҕарбатаҕа чахчы буолуо.  Ол эрээри  өлөр чааһын охсор илиитин  эрчимин  мөлтөппөккө, Спартактыы көрсүбүтэ, эт ыарыытын абыта­йын  сырдык санаатынан, дохсун дьулуурунан кыайан  Александр Матросов  өлүү уотунан  ыһыахтанар бүлүмүөтү  бэйэтинэн бүөлүү түспүтүгэр тэҥнээх, ити килбиэннээх хорсун быһыыны оҥорбута.

Оттон эн, саха норуота, чиэс­кин түһэн биэрбэтэх, албан ааккын суон сураҕырдар биир Дьоруой уолгунан киэн тутун, кини хорсун быһыытын уоскуттан түһэрбэккэ  үйэттэн үйэҕэ номох   оҥоһун  уонна улуу нуучча буойунугар  холоон­ноох доҕор буолбут,  өлөр өлүүнү кыайбыт ньургуҥуҥ  Прокопий Афанасьевич Софронов сырдык аатын кыһыл көмүс буукубаларынан  гранит тааска быстаран тыһыынчанан сылларга килбэт, күлүмүрдэт!

1967 с.

Миитэрэй Кустуурап.

“Тылбаасчыт бэлиэтээһиннэрэ”  кинигэттэн.

Иван Ксенофонтов бэчээккэ бэлэмнээтэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

4 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

5 часов ago