Өлүүнү кыайбыттар өлбөттөр

Share

Саха биллиилээх буойуна, Аҕа дойду Улуу сэриитин супту инники кирбиигэ кыргыспыт аатырбыт снайпер минометчик, икки Албан аат уордьаннар, Кыһыл Сулус уордьан, “Хорсунун иһин” о. д.а. бойобуой мэтээллэр кавалердара, аата-суола улуу снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф. М. Охлопков, Албан аат уордьаннар толору кавалердара Д. А. Петров, о. д.а. килбиэннээх ааттарын кытта тэҥҥэ ааттанар Илья Сергеевич Бочкарев быйыл төрөөбүтэ 110 сылын туолар.

Албан аат уордьаҥҥа үстэ түһэриллибитэ

Кыһыл Аармыйа хорсун-хоодуот байыаһа Илья Бочкарев, дьиҥинэн, Албан аат уордьаҥҥа үстэ төхтүрүйэн түһэриллэн турар. Ол курдук 1943 сыл сэтинньи 22 күнүгэр кыргыһыыга өстөөх 3 уот аһар туочукатын, 60 саллаатын суох оҥорбутун иһин Албан аат III истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыт.

1944 сыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр Остроленко куораты босхолооһун кыргыһыыга сержант И. Бочкарев минометнай расчета өстөөх 4 уот аһар туочукатын суох оҥордо, 7 туочуканы урусхаллаата, 24 ньиэмэс саллаатын, эписиэрин кыдыйда. Расчет сатабыллаахтык, бэргэнник уоту аһан, өстөөҕү сууһарар охсууну оҥордо. Албан аат II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаланарга достуойунай диэн 1172–с стрелковай полка хамандыыра подполковник Серегин 1944 cыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр Илья Бочкареву наҕараадаҕа түһэрэр. Онуоха Кыһыл знамялаах 348‑с Бобруйскай стрелковай дивизия 1944 сыл алтынньы 14 күнүнээҕи 0264 №-дээх бирикээһинэн Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаланар.

1945 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи кыргыһыыга расчет хамандыыра, ыстаарсай сержант И. С. Бочкарев миномет уотунан өстөөх 7 бүлүмүөтүн, 3 минометун туочукаларын үлтүрүттэ. Тохсунньу 16 күнүгэр 171,3 үрдэли ылыыга таб. Бочкарев минометун уотунан 75 фашист саллаатын уонна эписиэрин охтордо. Бырабыыталыстыбаннай наҕарааданан — Албан аат II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаланарга достуойунай диэн 1172‑с полка хамандыыра подполковник Манузин үсүһүн, Албан аат II истиэпэннээх уордьаныгар иккистээн түһэриитин 35‑с стрелковай корпус хамандыыра гвардия генерал-майора Никитин 1945 сыл кулун тутар 26 күнүнээҕи бигэргэтиитинэн 3‑с Аармыйа 1945 сыл муус устар 1 күнүнээҕи 722/н №-дээх бирикээһинэн Албан аат II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. Дьиҥинэн, бу уордьаҥҥа иккис түһэриллиитигэр Кыһыл Сулус уордьанынан уларыппатахтара буоллар, үһүс түһэриллиитигэр Албан аат I истиэпэннээх уорданынан наҕараадаланыахтааҕа. Гвардия ыстаарсай сержана, снайпер минометчик Бочкарев Ийэ дойдутун көмүскэлигэр кырыктаах кыргыһыыларга дьиҥ харса суох дьоруойдуу быһыытын илэ көрбүт туоһуларынан буолар бойобуой хамандыырдара саха хорсун буойунун Дьоруой быһыытынан сыаналаан Албан аат уордьан толору кавалерынан билиммиттэрэ мөккүөрэ суох.

Аармыйа командующайа тус билэрэ, сыаналыыра

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф. М. Охлопковы аатырбыт маршал И. С. Конев “Арассыыйа улууканнаах снайпера” диэн сыаналаабытын тэҥэ, 1941 сыллаахха Москва көмүскэлигэр кыргыһа сырыттаҕына Кыһыл Аармыйа саллаата Илья Бочкарев туһунан оччотооҕу күчүмэҕэй кэмнэргэ 30‑с Аармыйа командующайа, аатырбыт полководец, Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх Дьоруойа Д. Лелюшенко “Москва-Ленинград-Берлин-Прага” диэн ахтыы кинигэтигэр ала-чуо буойун И. С. Бочкарев туһунан маннык суруйбут: “1172‑c стрелковай полка минометчига, саха Илья Сергеевич Бочкарев аҥаардас биир кыргыһыыга өстөөх түөрт бүлүмүөтүн, 120‑тэн тахса фашиһы урусхаллаабыта”. Бу саха буойуна И. С. Бочкареву Дьоруой, улуу снайпер минометчик быһыытынан Аармыйа командующайа тус бэйэтин үрдүк сыаналааһына буолар.

Дэлэҕэ, 1942 сыл саҥатыгар, кырыктаах кыргыһыыларга өлөр өлүүнү өҥөйө сылдьан быыс булан, сэриилэһэр ротатын хамандыырдара төрөөбүт дойдутугар, төрөппүттэригэр ыыппыт суруктара Уус Алдан оройуонунааҕы “Бассабыыктыы тэрийээччи” хаһыакка бэчээттэниэ дуо: “Немецкэй-фашистскай халабырдьыттары утары охсуһууга Бочкарев Илья хорсун уонна геройдуу быһыыны көрдөрөр. Кини бэргэн ытыытыттан

хайыы-үйэҕэ уонунан ахсааннаах оккупаннар умса хоруйдулар. Уолгутун үчүгэйдик ииппиккитигэр махтанабыт. Бочкарев этэҥҥэ сылдьар, доруобай уонна өстөөҕү хорсуннук кыдыйар. Минометнай рота хамандыыра Тонконоженко.Политрук Нога”.

Өстөөҕү арҕаҕар — Берлиҥҥэ дьууктаспыта

Буойун, гвардия ыстаарсай сержана Илья Бочкарев түөрт сыл, түөрт ый устата Ийэ сириттэн ааҥнаан киирбит халабырдьыт фашистары үүртэлиир, кыдыйар кырыктаах кыргыһыыларга кыттыбыт албан ааттаах суола Клин, Рогочев, Ржев, Калинин, Орел, Брянскай, Бобруйскай, Белосток, Минскэй куораттары босхолооһунунан ааспыта. Гвардия ыстаарсай сержана Илья Бочкарев хорсун быһыыларын Волга, Ловать, Днепр, Днестр, Десна, Прут, Шпрее, Одер өрүстэри туорааһыҥҥа көрдөрбүтэ.Кини Польшаны, Илиҥҥи Пруссияны босхолоспута.

Саха буойуна И. С. Бочкарев киһи аймах устуоруйатыгар саамай кырыктаах сэрии уотун ортотунан ааспыта. Уол оҕо саадаҕын үстэ курданар дииллэринии, үстэ ыараханнык бааһырыытын оһоруна-оһоруна фроҥҥа төннөн сэрии уотугар төттөрү киирэн, өстөөҕү бэйэтин арҕаҕар — Берлиҥҥэ тиийэн дьууктаспыта. Өстөөҕү самнарбыт, өлүүнү кыайбыт хорсун, дьоруой буойун, саха саллаата, гвардия ыстаарсай сержана, албан ааттаах минометчик Илья Сергеевич Бочкарев Эльба өрүс кытылыгар Кыайыы сырдык сарадаҕар харах уулаах куустарбыта.

Туруулаһыахха, ситиһиэххэ

Өлүүнү кыайбыттар өлбөттөр. Үтүмэн сыллар, үйэлэр да аастыннар, кинилэр сибэтиэй, сырдык ааттара мэлдьи тыыннаах, Ийэ дойдуларын, норуоттарын көҥүлүн туһугар көрдөрбүт холобур буолар дьоруойдуу хорсун быһыылара салгыы үөрэтиллиэхтээх, достуойунайдык сыаналаныахтаах. Инникитин, Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Аҕа дойду сэриитин улуу буойуна (күүркэтэн этии буолбатах), сэриилэспит ротатын хамандыырыттан саҕалаан Аармыйа командующайыгар тиийэ билиммит, Дьоруой быһыытынан үрдүктүк сыаналаабыт гвардия ыстаарсай сержана Илья Сергеевич Бочкарев сэрии сылларыгар Албан аат уордьаҥҥа үстэ түһэриллибит докумуоннарын хаттаан көтөҕөн, үөһээҥҥи тустаах инстанцияларга саллаат үрдүкү наҕараадатын — Албан аат уордьан толору кавалера үрдүк аат иҥэриллэрин, кырдьык өрөгөйдүүрүн туһугар патриот дьон, өрөспүүбүлүкэбит салалтата, Ил Түмэммит, Госдуумабыт дьокутааттара дьоһуннаахтык, дьайымтыалаахтык ылсыстахтарына боппуруос быһаарыллар кыахтаах. Туома, саха үс улуу буойунугар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын иҥэртэрэри ситиспит А.С Борисов кэминээҕи ССРС Үрдүкү Сэбиэтин норуодунай дьокутааттарын быыбарын саҕанааҕы быһыы-майгы хатыланар эппиэтинэстээх, быһаарыылаах кэмэ чугаһаан, кэлэн иһэр.

Киэн тутталлар, кэриэстииллэр

И. С. Бочкарев Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сэриилэспит, тыыннаах хаалан төрөөбүт дойдутугар эргиллэн эйэлээх олоҕу тутууга күүскэ үлэлээбит ураты дьоллоох дьылҕалаах киһи. Холкуос бэрэссэдээтэлинэн, сылгы, сүөһү иитиитигэр биригэдьииринэн, пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн, партийнай тэрилтэ сэкирэтээринэн күүһүн, кыаҕыҥ ууран туран үлэлээбитэ. Үйэ аҥаарын кэриэтэ бииргэ олорбут кэргэнинээн Анна Егоровна Сыроватскаялыын-Бочкаревалыын биэс оҕону төрөтөн, киһи-хара оҥорон олох уһун суолугар киллэрбиттэрэ.

Илья Сергеевич хаанын салгыыр, аатын ааттатар аныгы көлүөнэ ыччат дьоно, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ хорсун буойун аҕаларынан, эһээлэринэн, хос эһээлэринэн киэн тутталлар. Кини аатын үрдүктүк туталлар, холобур оҥостоллор. Кыра кыыһа Саргылаана Ильинична, күтүөтэ Гаврил Гаврильевич Сивцев кыһамньыларынан Дьокуускай куорат дьаһалтатын, куорат Дууматын кытта сөбүлэһиннэрэн, И. С. Бочкарев Дзержинскэй уулусса 28 нүөмэригэр олорбут дьиэтин эркинигэр 2020 сыл балаҕан ыйыгар мемориальнай дуоска сыһыарбыттара.

2013 сыллаахха, 100 сааһыгар, оҕолоро, сиэннэрэ төрөөбүт дойдутугар Дүпсүҥҥэ бюст-пааматынньык туруорбуттара, ыһыах ыспыттара. Быйыл, Илья Сергеевич төрөөбүтэ 110 сылынан төрөөбүт Дүпсүнүгэр саас муус устарга саха боруода аттарын сүүрдүүтүн тэрийбиттэрэ, оҕолоро, сиэннэрэ сыаналаах бириистэри туруорбуттара. Бэс ыйын 25 күнүгэр Ытык киһилэрин төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтээн ыччаттара — олоҕун салҕааччылара ыһыах ыһар былааннаахтар.

Матырыйаал дойду үрдүнэн биллэриллибит Кэриэстэбил, кутурҕан күнүнэн сибээстээн сурулунна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

1 час ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

2 часа ago