Эмчиттэр сайаапкаларынан “Полярнай авиалиниялар” 900-тэн тахса көтүүнү оҥордулар
2024 сыл 9 ый түмүгүнэн “Полярнай авиалиниялар” Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи катастрофа мэдиссиинэтин киинин сайаапкаларынан 900-тэн тахса көтүүнү толордулар. Бу 855 суһал санитарнай сорудах уонна мобильнай эмчиттэри тиэрдэр 78 көтүү, диэн иһитиннэрэллэр авиахампаанньаҕа.
Ыксаллаах санрейстары толороллоругар мэдиссиинискэй модуллаах Ми-8 МТВ уонна МИ-8Т бөртүлүөттэри, ону таһынан Ан-24РВ уонна Ан-26-100 сөмөлүөттэри тутталлар.
Салгын ааллара Баатаҕайга, Орто Халымаҕа, Маҕаҥҥа, Ньурбаҕа, Тиксиигэ уонна Дьокуускайга баар хампаанньа филиалларыгар баазаланаллар. Быйыл Маҕан пуордуттан 314, Дьокуускайтан – 235, Баатаҕайтан – 90, Ньурбаттан – 80, Тиксииттэн — 48 санитарнай көтүү оҥоһуллубута.
Авиахампаанньаҕа эппиттэринэн, суһал санитарнай сорудаҕы толорорго төгүрүк суукканы быһа экипажтар, тиэхиньиктэр, диспетчердэр дьуһуурустубалыыллар. Иллэҥ сөмөлүөт эбэтэр бөртөлүөт баар буолла да, сайаапка киирбитин кэннэ биир чаас иһинэн көтөллөр.
Улахан көмөнү “РФ ыраах сытар сирдэригэр олорор дьону ыксаллаах мэдиссиинискэй көмөнөн хааччыйыы” бырайыак оҥорор. Бу бырайыак чэрчитинэн авиахампаанньа мэдиссиинискэй модуллаах Ми-8МТВ саҥа биэс бөртөлүөтү ылбыт.
Санитарнай көтүүлэри оҥорорун таһынан авиахампаанньа ааспыт сылтан арктическай улуустар олохтоохторун доруобуйатын бэрэбиэркэлиир мобильнай мэдиссиинискэй биригээдэлэри таһар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: