Эмчиттэр сэдэх эпэрээссийэни бэйэлэрэ оҥордулар

Share

Саха сирин эмчиттэрэ  сэдэх эпэрээссийэни – кохлеарнай имплантацияны атын эрэгийиэннэртэн исписэлиистэри ыҥырбакка оҥорбут бастакы хамаанда быһыытынан  өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар киирдилэр.

Эпэрээссийэ икки кулгааҕа кыайан истибэт (тугоухость) 18 саастаах уолга оҥоһулунна.

Өрөспүүбүлүкэ сүрүн отохирура уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал киинин лор-отделениетын сэбиэдиссийэ Иннокентий Александров сүрүн хирурунан үлэлээтэ. Киниэхэ   анестезиолог-реаниматолог Гаврил Сивцев уонна эпэрээссийэ сиэстэрэтэ көмөлөстүлэр.

Манна даҕатан эттэххэ, кохлеарнай имлантациялар Саха сиригэр 2018 сылтан сөргүтүллүбүттэрэ. Ол гынан баран, атын эрэгийиэннэртэн исписэлиистэри ыҥыран, кинилэр салайыыларынан  оҥоһуллаллара.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Тропами Победы» – “Дальний Восток – Земля приключений” куонкурус саҥа номинацията

 «Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга полицейскайдар олохтоох киһиттэн 4,5 киилэттэн тахса гашиһы былдьаатылар

Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаар бибилэтиэкэтэ айар дьоҕурдаахтары түмэр

Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар батыйаны оҥорууга Амма улууһун ууһа кыайда

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕа: Олоҥхону сэттэ тылынан аахтылар

Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…

4 часа ago
  • Чэгиэн

1 тииптээх саахарынай диабеттаах оҕолор аныгы систиэмэнэн хааччылыннылар

Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…

4 часа ago