Эмиэ кэбилиирбит буолуо…

Эмиэ кэбилиирбит буолуо…

Ааптар:
28.07.2024, 19:00
Бөлөххө киир:

Улуу Туймаадабыт дьогдьойор саалыгар, дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар аан дойду ааттаах ыччатын түмэн, икки нэдиэлэ устата ньиргийэн, сүрэхпитин өрүкүтэн, санаабытын астыннаран, VIII “Азия оҕолоро” оонньуулар этэҥҥэ түмүктэммиттэрэ балай да буолла.

Саха сирин, ордук Дьокуускай олохтоохторо Оонньуулары көрсө өйбүтүн-санаабытын, олохпутун-дьаһахпытын өрө тардыммыппыт, сырдаабыппыт, ырааһырбыппыт, киэркэйбиппит харахха быраҕыллара сүрдээх этэ. Кэҥээбит, сандаарыспыт уулуссаларынан, болуоссаттарынан, искибиэрдэринэн, ама, бу биһиги бөҕүнэн-саҕынан туолбут, ыһыллыбыт-тоҕуллубут, кумаҕынан-буорунан бүрүллүбүт Дьокуускайбыт маннык дуо, диэн сөҕө-махтайа хаамсыбыппыт. Киин куораппыт киинэ сууйуллан-сотуллан, кыыс курдук кырааскаланан-помаадаланан, соҕуруу киин куораттартан итэҕэһэ суох киэркэйдэ, тубуста.

Ону баара… күн бэҕэһээ наадабар айаннаары тайахтанан-таймаланан IT-Паарка диэн аатырар халлааҥҥа харбаспыт өстүөкүлэ дьиэ таһыгар оптуобус тохтобулугар алтахтаан тиийэн, соһуччута бэрдиттэн сууллан түһэ сыстым. Кэм да буолан истэхпит, ньэгэйбит, култуурата суохпут, тугу да харыстаабаппыт тоҕо сүрэй… 3-һүс, 35-һис нүөмэрдэрдээх оптуобустар тохтобулларыгар Оонньуулары көрсө туруоруллубут хаарыаннаах сабыс-саҥа ыскаамыйаны тоҕо сынньан, олбоҕун туура тардан аттыгар бырахпыттар. Ордук кырдьаҕастар, оҕо-дьахтар оптуобус кэтэһэ таарыйа олоро түһэн сынньанар хаарыаннаах ыскаамыйабыт бу кэбилэнэн сытара көрүөххэ сүөргү.

Буолар буолуохтааҕын курдук, ким да кыһаммат. Аттыбар туох эрэ турбаны оборон буруолаан бурҕата турар эдэр киһиттэн: “Бу хайдах манныгый?” – диэн ыйытааччы буолбуппар: “Кырдьаҕаас, Оонньуулар ааспыттара”, – улахаҥҥа уурбат киһи буолан биэрдэ, эбиитин адаарыйа сытар олбоҕу баллайбыт “Адидас” кроссовкатынан тэбэн ылла. Бу өйдөөтөхпүнэ, саатар араҕас сэлиэччиктээх, кууллаах элэҥнэһэр бөх хомуйааччылар да көстүбэттэр.

“Бөкчөгөрү иинин буора көннөрөр” диир буолаллара. Ити эдэр киһи тугу да хоҥоруутугар холооботтук, холустук тыллаһарыттан санаам түстэ. Тугу да харыстаабат, улахаҥҥа уурбат кэмэлдьибит көнөн биэриэ суох быһыылаах. Итинник буоллаҕына, киэркэйбит, тупсубут куораппыт барахсаны эмиэ кэппитинэн кэбилиирбит буолуо…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: