Эмиграннар хаартыскалара, буллинг туһунан сэһэн уонна «кырдьыбыт» эдэр суруйааччылар
Саха литературатын илдьитэ «Чолбон» сурунаал кулун тутардааҕы нүөмэригэр:
— Евгений Онегины сахалыы саҥардыбыт поэт Дьуон Дьаҥылы прозаҕа дебюта – «Хотугу хорсуттар» номох. Бу айымньытын өлүөн баар-суоҕа икки хонук эрэ иннинэ суруйбут;
— Наталия Рязанская «Саахар» сэһэнин бастакы чааһыгар аныгы кэм омсолоох көстүүтэ – буллинг ойууланар;
— Хамалҕа «Сэмсэ» кэпсээнигэр оҕолор идэһэ өлөрүүтүн кэмигэр эти уорууга уорбаланаллар…;
— Саргы Куо «Тымныы кыһыммыт – харысхалбыт, кыстык хаарбыт – алгыспыт» поэматыгар тымныы уонна кыстык хаар саха омукка суолтатын анаарар;
— Мария Андреева «Үйэлээх хоһоону айар – дьол…» саҥа хоһоонноро;
— Белорус биллиилээх поэта Евгения Янищиц хоһооннорун норуот поэта Наталья Харлампьева сахалыы саҥарта;
— Россия ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын чилиэн-кэриспэндьиэнэ Дьулустаан Бойтунов дьулурҕа сурааһыннарын туһунан Надежда Ильина уочаркатын түмүгэ;
— Документалист-суруйааччы, кыраайы үөрэтээччи, худуоһунньук Егор Дмитриевич Андросов төрөөбүтэ 100 сылынан Гаврил Андросов «Дьөгүөр Ондуруоһап феноменын туһунан үс тыл» анаарыыта;
— Егор Андросов саха былыргытын сэдэх билээччи, сир түннүгэ Миинэ уола Дьөгүөсэ туһунан ыстатыйата;
— Кикбоксиҥҥа ССРС чемпиона Алексей Уваровка Гражданскай сэрии кэннэ эмиграциялаабыт сахалар хаартыскалаах альбомнара хайдах тиксибитэй?;
— Духуобунас академига Мандар Уус оҕо сылдьан суор оҕолорун кытта доҕордоһуутун сэһэргиир;
— Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын көрсө бу тэрээһин сөргүтүллүбүтэ 20 сылынан суруйааччылар ахтыылара;
— Литературовед Саргылаана Ноева суруйааччы Уйбаан Нуолур прозатыгар алаас эйгэтин эрэдьиэстиир;
— В.Н. Протодьяконов кэриэһигэр кириитикэҕэ сабыылаах күрэс кыттыылааҕа Лена Романова «Наталия Рязанская кэпсээннэригэр бэлиэтээһиннэрэ»;
— «Оҕоҕун кытта аах» бырайыакка чэрчитинэн Суорун Омоллоон «Хамсыыр-харамай туһунан остуоруйаларын» кэрэхсээҥ.
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар.
«Чолбон» сурунаал
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: