Эмис оскуолатыгар — Олоҥхо уонна Хомус күннэрэ

Share

Сэтинньи 25-30 күннэригэр Хомус уонна Олоҥхо күннэринэн В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын оҕолоругар араас тэрээһиннэр, күрэхтэр буолан аастылар.

Бу туһунан кэпсииригэр көрдөстүм «Эрэкэ-Дьэрэкэ»  фольклорнай ансаамбыл салайааччытыттан, меценат, Матрена Владимироваттан:

Биһиги оскуолабытыгар сылын аайы сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнэ  бэлиэтэнэр, ону тэҥэ сэтинньи 30 күнүгэр — Хомус күнүгэр аналлаах декадабыт ыытыллар.
Биһиги оскуолабыт тэрийэр хамыһыыйа бары күүскэ үлэлээн, сэтинньи 28 күнүгэр «Эмис — олоҥхо түөлбэтэ» диэн олоҥхобут декадатын үөрүүлээхтик аспыппыт.

Туох күрэхтэр буолан аастылар? Хайдах таһымнаахтык ыытылыннылар?

Бу үөрүүлээх чааска олоҥхону толорор олоҥхоһут оҕолорбут олоҥхолоон иһитиннэрэн, оһуохайынан арыйбыппыт, ону тэҥэ төрүт култуура учуутала Иванова Валентина Ивановна  «Олоҥхо олбохторо» диэн маастар-кылаас ыыппыта. Онтон иккис күнүгэр, Эмис орто оскуолатын идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Татьяна Григорьевна Дмитриева, бэйэтэ талааннаах уран тарбахтаах төрөппүт, быһыытынан биллэр. Кини биһиги оскуолабытыгар олоҥхо паннота диэни тэрийэн, матырыйаал атыылаһан алын кылаас учууталларын, үөрэнээччилэрин кытары сүбэлэһэн панно оҥордулар, ол түмүгэр кыайыылаахтарынан буоллулар:
1 миэстэ — 1 кылаас салайааччыта Петрова Е.И.
2 миэстэ — 3 кылаас салайааччыта Захарова Д.В.
3 миэстэ — 2 кылаас салайааччыта Солдатова С.Р
Оҕолор уонна төроөппүттэр, учууталлар бэйэлэрин панноларын 17-с өрөспүүбүлүкэтээҕи Олонхо ыһыаҕын көрсө оскуолаларыгар бэлэх ууннулар.
Ону тэнэ «Оһуордаах олоҥхо дойдута» уруһуй күрэх кыайыылаахтара, 
алын сүһүөхтэргэ:
1 миэстэ — Петрова Айыына, 1кылаас,
2 миэстэ — Платонова Диана, 4 кылаас,
Сысолятина Валерия, 2 кылаас.
3 миэстэ — Неустроева Наташа, 2 кылаас,
Васильев Ян,  1 кылаас.
Орто сүһүөхтэргэ:
1 миэстэ — Неустроева Валера, 6 кылаас,
2 миэстэ — Николаев Эрчим, 8 кылаас,
3 миэстэ — Соловьева Нарыйаана, 6 кылаас.
«Сир симэҕэ» Арассыыйа көрдөрүүлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай кэлэктиибин, салайааччы, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «Саһыл Сыһыы Муустаах Оборуонатын» 100 сылыгар аналлаах ааптарыскай  испэктээк  сценариһа уонна туруорааччы режиссер Марианна Васильевна Ефимова биһиги күндү ыалдьыппыт буолбута.
Биһиги педагог библиотекарбыт Захарова Ульяна Устиновна «Олоҥхо уонна хомус» диэн ток-оонньуу оҥорон, оҕолор хамаандаҕа арахсан көхтөөхтүк кытыннылар.
Ол курдук:
1 миэстэни — Степанов Сеня, «Боотурдар» хамаанда.
2 миэстэ — Платонов Петя, «Лыахтар» хамаанда.
3 миэстэ — Ларионов Баир,  «Дьыырай Бэргэн» хамаанда.

Оонньуу дьүүллүүр сүбэтинэн буолбуттара: өр сылларга олохтоох библиотекарынан үлэлээбит Прасковья Романовна Бубякина уонна билигин библиотекарынан үлэлии олорор Ноговицына Мирослава Юрьевна, «Эрэкэ-Дьэрэкэ» фольклор куруһуок учуутала Владимирова Мотрена Иннокентьевна.
Оҕолору кытта Үстүүн Нохсоороп Аммалыы оһуохайынан түмүктээтибит.

Хаартысканы ааптар тиксэрдэ

Фольклор куруһуок оҕолоругар, салайааччыларыгар инникитин ситиһиилэри багарабын.

В.М Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, Николаев Эрчим.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллардыбыт»

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…

6 часов ago
  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

8 часов ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

9 часов ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

10 часов ago