Салгыы
Эмискэ сылыйыы-тымныйыы дьоҥҥо тоҕо дьайарый?

Эмискэ сылыйыы-тымныйыы дьоҥҥо тоҕо дьайарый?

27.01.2025, 18:43
Хаартыска: "Известия".
Бөлөххө киир:

Күн-дьыл эмискэ сылыйара-тымныйара дьоҥҥо тоҕо куһаҕаннык дьайарый? Доруобай дьоҥҥо хайдах да дьайбат, көннөрү таһырдьа сылыйда, тымныйда эрэ диэн ылыналлар. Баҕар, былыттаах күн настарыанньалара түһүөн сөп, онон бүтэр. Онтон доруобуйалара мөлтөх дьоҥҥо атыннык дьайар, ордук сүрэх-тымыр ыарыылаах, хаан баттааһына кэһиллиилээх дьоҥҥо.

Салгын баттааһына уонна тымырга хаан баттааһына ситимнээхтэр. Салгын баттааһына күн-дьыл сылыйарыттан-тымныйарыттан, сиигиттэн, тыалтан тутулуктанан, түһэр-тахсар. Тымныы, чаҕылхай күннээх күн салгын баттааһына үрдүк, ол эбэтэр, «антициклон» буолар. Бу салгын баттааһына эмискэ үрдээтэҕинэ, тымырдар күүскэ кыарыыллар, эбэтэр, кэҥииллэр. Онон хаан баттааһына эмиэ күүскэ түһэр, тахсар. Киһи төбөтө ыалдьар, куу-хаа буолар,  кулгааҕа куугунуур, чабырҕайа кэйиэлиир, сүрэҕэ эппэҥниир, хараҕа хараҥарыан сөп.

Хаан баттааһына олус күүскэ таҕыстаҕына, «гипертонический криз» буолуон сөп, бу кутталлаах, инсультка, инфарктка тиэрдиэн сөп.

Саас-күһүн салгын сиигэ улаатан, намыһах былыттаах буоллаҕына, салгын баттааһына түһэр, ол эбэтэр, «циклон» кэлэр. Бу маннык күн-дьыл намыһах хаан баттааһыннаах дьоҥҥо, гипотониктарга куһаҕан. Хааннара бытааннык эргийэр, онон кислород тиийбэт буолар. Мэйиилэрэ эргийэр, сэниэлэрэ суох, төбөлөрө ыалдьар, тыынарга ыарахан буолар. Кофе, хойуу чэй истэхтэринэ, арыый да буолаллар.

Маннык күннэргэ хааннарын баттааһына түһэр-тахсар идэлээх дьон сэрэнэн, көрүнэн сылдьыахтаахтар. Күүскэ үлэлээбэккэ, истириэскэ киирбэккэ, ноҕуруускаламмакка, хаан баттааһынын кээмэйдэнэ уонна быраас анаабыт эмин иһэ сылдьыллыахтаах. Ыраас салгыҥҥа хааман, элбэх ууну иһэн, сытан сынньанан, эрдэ утуйан, эрэсиими тутуһан сылдьыллыахтаах. 

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
29 января
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: