Салгыы
Эмкэ сэртипикээт киириэх курдук, ону кимнээх ылыахтарай?

Эмкэ сэртипикээт киириэх курдук, ону кимнээх ылыахтарай?

07.11.2025, 18:50
Хаартыска: pxhere саайтан
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа эмп сэртипикээтин киллэрэр туһунан сокуон бырайыагын Госдуума көрүүтүгэр киллэрдилэр.

Бу быһа холуйан ыйга 4500 солкуобай суумалаах кимиэхэ ананара суруллубут эмп сэртипикээттэрэ буолаллар. Итилэр кыра дохуоттаах ыалларга, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн  аллараа дохуоттаах соҕотох олорор дьоҥҥо, уустук балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ бэриллиэхтэрэ диэн Госдуума иһитиннэрэр. Сэртипикээти ылбыт эрэгийиэниҥ иһигэр туттарыҥ буолуо диэн сабаҕалыыллар.

“Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ эмп ороскуотун учуоттаабат, оттон ол ороскуот дьиэ кэргэҥҥэ балачча улахан сууманы ылыан сөп. Бу мэхэньиисими ОМС систиэмэтигэр киллэриэххэ наада, оччоҕо быдан тус сыаллаах буолуо этэ”, — диир Үп университетын бэрэпиэссэрэ Александр Сафонов.

Оттон биэнсийэлээх дьон маннык сэртипикээккэ тиксибэттэр, ол гынан баран олох кыра биэнсийэлээх киһи мэдисиинискэй көрдөрүүнэн хайаан да ылыахтаах эмигэр 50%-наах чэпчэтии көрүллэр, диэн суруйар “Российская газета”.

Бары сонуннар
Салгыы
7 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: