Көмө хомуйар анал пуун Орджоникидзе уулуссатын 10 №-дээх дьиэтигэр хаҥас өттүнэн киирдэххэ, иккис мэндиэмэҥҥэ баар. Үчүгэйэ диэн, куорат киинигэр буолан киһи түргэнник булар сирэ. Киирбитим киэҥ нэлэмэн саала иһигэр хордуон дьааһыктар кэккэлээбиттэр. Эркин тула кэккэлэспит остуолларга утуйар мөһөөччүктэр, туристарга аналлаах ковриктар, хас эмэ дьааһык эт кэнсиэрбэтэ о.д.а өрөһөлүү кыстаммыт. Манна түөрт дьахтар ким таҥас-сап бэрийэ, ким эмп-томп хомуйа, ким тэтэрээккэ тугу эрэ суруйа олорор эбит. Кинилэр ортолоругар саллааттар ийэлэрэ Мария Емельянова үлэлии-хамсыы сылдьар. Миигин бу пуун иһигэр гуманитарнай көмөнү салайан үлэлэтэр Ирина Егоровна Саввина көрүстэ, үлэ-хамнас туһунан билиһиннэрдэ:
— Биһиги пууммут балаҕан ыйын 21 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйаах таһаарарын кытта, үлэтин суһаллык саҕалаабыта. Мин бииргэ үлэлиир кэллиэгэбин Гульнара Алексееваны кытта гражданскай пуорумҥа тиийэммит кэпсэтии буолубутугар, сыанаҕа тахсан ыҥырыы таһаарбыппыт. Дьон сүрдээҕин сэҥээрбитэ. Былырыын баһаарга маннык көмө оҥорор ыстаабы тэрийэн үлэлэппит буоламмыт, арыый уопуттаах курдук сананан саҕалыырга быһаарыммыппыт. Пуун тэриллэрин, тугу үлэлиэхтээхпитин удумаҕалатар дьон, харса суох ылсан барбыппыт. Онуоха уопсатыбаннай палаататтан сибээскэ Ольга Григорьева тахсан, кинини кытта кэпсэтэн, эмиэ былырыыҥҥы курдук манна, ресурснай кииҥҥэ пуун тэринэн үлэбитин бу ааспыт бэнидиэнньиктэн саҕалаабыппыт. Көмөнү хомуйан киирэн бардыбыт. Былырыын баһаарга киирбит аһы-таҥаһы, утуйар мөһөөччүктэри стратегическай саппаас оҥостубуппут. Олорбутун былырыын 40 туонналаах икки кэнтиэйинэргэ уган харайбыппыт. Ыарахан кэм турбутугар сайын устата ол саппаастан Кэбээйи, Дьааҥы улуустарыгар көмөлөспүппүт. Онтон билигин суһал байыаннай хомуурга барбыт дьоммутугар анаан ыыталыы олоробут. Сухой паектары, эт кэнсиэрбэлэри, утуйар мөһөөччүктэри номнуо ыыталаабыппыт. Бэҕэһээ 125 аптечканы хомуйбуппут. Уопсайынан добровольческай ыстааптан 280 утуйар мөһөөччүгү, 175 устуука туристическай көбүөрдэри баран эрэр дьоммутугар биэртэлээбиппит. Бэнидиэнньиктэн саҥа үлэлээн эрэр буоламмыт дьон дьэ, хамсанан эрэр. Бэҕэһээ мэдиссиинэ кэллиэһин акушер салаатыгар үөрэнэр устудьуоннар эмп-томп аҕалбыттара. Дьон бэрчээккилэри, үрүссээктэри, таҥас-сап син аҕалар. Билигин биһиэхэ эмп-томп аҕыйах курдук. Маны сэргэ, бэйэбит олохтоох «Сардаана» фабрика, «Сахабулт» курдук тэрилтэлэрбит успуонсардаан атах таҥаһын иһигэр угуллар угунньа аҕалаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Билигин 12 үлэһиттээхпит. Эбии волонтердар наадалар. Ыстааппыт киэһэ уон биир чааска диэри үлэлиир, тоҕо диэтэххэ, сөмөлүөттэр хойут көтөллөр. Биһиги бэлэмнии-бэлэмнии сытыара сатаабакка ыытан иһэбит. Уопсайа холбоон 500 -тэн тахса утуйар мөһөөччүк барда. Ити барыта бэйэбит Сахабыт сириттэн барбыт дьоммутугар тиийэр. Дьоммутугар Хабаровскайтан баралларыгар атах таҥаһа, броня сэлиэччиктэри биэрэллэр эбит. Ол эрээри аптечка, эмп-томп суох дииллэр. Онон бар дьоммутуттан көрдөһүөхпүт этэ, төһө кыалларынан эмп-томп хомуйан аҕаларгытыгар. Биһиги манна аптечкалары бэйэбит тигэбит, онно бастакы көмөҕө туттуллар эми-тому угабыт. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ эҥин балаһыанньаны өйдөөн күүскэ үлэлэһиэхтэрин наада. Биһиэхэ тэрилтэлэртэн «Саханефтегазсбыт» көмөлөстө. Кинилэр 28 устуука утуйар мөһөөччүк, 14 устуука туристическай көбүөр, 60-ча устуука олорорго кыра олбохтору аҕалбыттара.
Пуун иһигэр үлэ күөстүү оргуйар. Мин бу кэпсэтэ, хаартыскаҕа түһэрэ сырыттахпына, иистэнньэҥ дьахтар кэлэн аптечка тигиитигэр көмөлөһүөх буолла. Чахчы да, пуун иһигэр үлэ оргуйан олорорун бэлиэтии көрдүм. Дьааһык муҥунан биинтэ, араас таҥас-сап, ас-үөл күннэтэ көмөҕө бара турар эбит. Онон амарах санаалаах бар дьоммут, ким туох кыахтааҕынан бэйэҕит көмөҕүтүн оҥоруҥ диэн ыҥырабыт.
Көмөнү аҕалыы аадырыһа, Дьокуускай куорат Орджоникидзе уулуссатын 10 №-дээх дьиэтин хаҥас кынатынан киирэн иккис этээскэ тахсаҕыт.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…