Бааһыран, эчэйэн кэлбит уолаттары паралимпийскай успуорка сыһыарар сорук турар
Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр быыстала суох буола тураллар. Олортон биирдэстэрэ “Дохсун” спорткомплекска байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр ыытылла турар өрөспүүбүлүкэтээҕи физкултуурунай-спортивнай тэрээһин буолар.
Тэрээһиҥҥэ Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Чурапчы, Уус Алдан, Горнай, Усуйаана, Муома, Орто Халыма улуустарыттан, Дьокуускайтан уонна кини аттынааҕы бөһүөлэктэртэн 84 кыттааччы остуол тенниһигэр, буулдьанан ытыыга, оҕунан ытыыга, пауэрлифтиҥҥа, армрестлиҥҥа күрэхтэһэ сылдьаллар.
“Аҕа дойду көмүскээччилэрэ” судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи филиалын салайааччытын уопсастыбаннай бырайыактарга солбуйааччыта Симона Томская кэпсииринэн, СӨ спорт министиэристибэтин уонна спорт адаптивнай көрүҥнэргэ киинэ буоланнар хаһыс да төгүлүн күрэхтэһиилэри ыыталлар.
“Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи физкултуурунай-спортивнай тэрээһини былырыын бастакытын ыыппыппыт. Саас Уһук Илиҥҥи уокурукка буолбут күрэхтэһиигэ уон уолу илдьэ барбыппыт. Игорь Марсунов, Алексей Антипин, Артем Чкиря түөрт куубагы илдьэ кэлбиттэрэ. Кинилэр үһүөн бу соторутааҕыта Сочига буолбут күрэхтэһиигэ Саха сирин чиэһин көмүскээн кэллилэр. Биир көрүҥҥэ Алексей Антипин 3 м. буолбута. Итинник үс түһүмэхтээх күрэхтэһии буолар. Байыаннай дьайыыттан улаханнык эмсэҕэлээн кэлбит уолаттары паралимпийскай успуорка сыһыарыы пуонда үлэтин биир сүрүн хайысхата буолар, – диэн Симона Симоновна кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: