Эмтээх мастар туһалара: бэс

Share

Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн мастар эмиэ эмтээхтэр, доруобуйаҕа улахан туһалаахтар. Сорох мастар иннэлэрин, лабааларын кыһын, саас хаардаах эрдэҕинэ хомуйуохха сөп. Муус устар ыйга уулаах, уҥуохтаах отон уктарын, тэтиҥ, сиһик, тирэх мастар бүөрдэрин хомуйар, тэтиҥи хатырыктыыр тоҕоостоох.

Бэс мас эфирдээх арыыта араас бактыарыйалары өлөрөр, салгыны ыраастыыр. Бэс мас иннэтин оргутан, сөтөлү, тымныйыыны намыратар ньыма быһыытынан туһаныахха сөп. Бэс иннэтин оргуйбут уута – С битэмиин иҥмит эмтээх уута.

Бэс мас кыһын уонна саас сорох лабааларын, иннэлэрин сиргэ быраҕар. Ону хомуйан ылан, сууйан, куурдан баран, туһаныллар.

Уопсай турук бөҕөргүүрүгэр, доруобуйаны чөлүгэр түһэрии­гэ 4 ыстакаан сибиэһэй, үчүгэйдик сайҕаммыт бэс иннэтин сибиэһэйдии блендергэ эрийтэрэн илдьиритэн баран, 3 ыстакаан оргуйбут тымныы ууга кутуллар. Кыратык аһытар инниттэн иэдьэгэй уутуттан кутан баран, хараҥа сиргэ туруораллар. 4-6 чаас турбутун кэннэ, сиидэлииллэр уонна күн устата аһыах иннинэ 1-2 ыстакааны иһэ сылдьыллар.

Иккис ньыма. 10 г бэс иннэтин кураанахтыы ылыллар,
1 ыстакаан оргуйбут сы­­лаас ууга кутуллар. 30 мүнүүтэ оргутуллар, сиидэлэнэр. Оргуйдаҕына, уута уолар, ону эбэн бэриллэр. Бу көөнньөһүгү бүөр, хабах уонна тыынар уорганнар тымныйыыларыттан
1 ост. нь. күҥҥэ 3-4-тэ иһиллэр.

Бэс куоппаһын (пыльца) ыам ыйыгар хомуйуллар. Олус туһалаах, организм ыарыыларга утарылаһар күүһүн, иммунитеты бөҕөргөтөр, баай микро­элэмиэннэринэн хааччыйар.

Бэс сымалатын оргутан ылыллар, убаҕаһы маас буолуор диэри күүскэ булкуйуллар. Бу састаап сүһүөх, миозит ыарыылартан эрэйдэнэр дьоҥҥо туһалаах.

Бэс үнүгэстэриттэн оҥоһуллубут утах тыҥа, бүөр, үөс ыарыыларыттан эмтиир. Ону оҥорорго 10 г үлтүрүтүллүбүт үнүгэстэри 1 ыстакаан итии ууга 2-3 чаас көөнньөрүллэр, сиидэлээн 1 ост. нь. күҥҥэ үстэ иһиллэр.

Өссө бэс туораахтара күөх эрдэхтэринэ хомуйан, уунан сайҕаан баран эрийиллэр, оччо саҕа мүөтү кытта булкуйан, баран, сөрүүн сиргэ ууруллар. 1 ост. нь. күҥҥэ 3-4-тэ барыанньа курдук сиэниллэр. Куртах, тыҥа, быар, бүөр, үөс ыарыыларыттан эмтиир.

Туһаныллыбыт литература: “Лекарственные растения Якутии:

советы народной медицины”/ Б.И. Иванов, А.Д. Иванова.

“Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ”.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

6 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

7 часов ago