Эмтээх мастар туһалара: харыйа
Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн мастар эмиэ эмтээхтэр, доруобуйаҕа улахан туһалаахтар. Сорох мастар иннэлэрин, лабааларын кыһын, саас хаардаах эрдэҕинэ хомуйуохха сөп. Муус устар ыйга уулаах, уҥуохтаах отон уктарын, тэтиҥ, сиһик, тирэх мастар бүөрдэрин хомуйар, тэтиҥи хатырыктыыр тоҕоостоох.
Харыйа састаабыгар элбэх хлорофилл баар буолан, хагдарыйбат. Элбэх С битэмииннээх, онон хаан үөскүүр уорганнарыгар көмөлөһөр.
Харыйа лабаатын иннэлэри-мастары быһыта тыытан ылан, оргутуллар. Кыра-кыратык иһэ сырыттахха, саамай сүрүнэ, хаан убуур, бүөр, быар ыраастанар.
Харыйа сымалатын мас арыытыгар сылытан, онно буосканы эбэн булкуйан, сойутан баран, ыалдьар сүһүөҕү соттон эмтэниэххэ сөп. Өссө мас арыытын оннугар сибиинньэ сыатын тутуннахха, кутургуйаны оһорор күүстэнэр.
Тыҥа сэллигин, бронхиты маннык эмтиэххэ сөп: харыйа туорааҕын бытарытан, үрдүгэр уу (1/5) кутан баран, 30 мүнүүтэ оргуталлар, онтон тура түспүтүн кэннэ сиидэлииллэр. Бу көөнньөһүгүнэн айаҕы сайҕаныахха сөп уонна 20-30 мл ууну 60-80 кыраадыска диэри сылытан баран, ингаляция оҥостоллор.
Туһаныллыбыт литература: “Лекарственные растения Якутии: советы народной медицины”/
Б.И. Иванов, А.Д. Иванова. “Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: