Эмтээх мастар туһалара: тэтиҥ

Share

Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн мастар эмиэ эмтээхтэр, доруобуйаҕа улахан туһалаахтар. Сорох мастар иннэлэрин, лабааларын кыһын, саас хаардаах эрдэҕинэ хомуйуохха сөп. Муус устар ыйга уулаах, уҥуохтаах отон уктарын, тэтиҥ, сиһик, тирэх мастар бүөрдэрин хомуйар, тэтиҥи хатырыктыыр тоҕоостоох.

Тэтиҥ — бу биир саамай күүстээх, эмтээх мас. Арассыыйа, аан дойду отоһуттара олус сыаналыыр үүнээйилэрэ. Хааны, лимфаны, бүөрү, хабаҕы, быары ыраастыыр, иһиини тохтотор, инфекцияны, вирустары, үөннэри өлөрөр, сүһүөххэ көмөлөһөр. Бэл диэтэр, лямблия, хеликобактер диэн харахха көстүбэт үөннэри өлөрөр кыахтаах.

Тэтиҥ састаабыгар эфирнэй арыы, аскорбиновай аһыыба, протеин, каротин, араас микроэлэмиэннэр элбэхтэр. Бу мас хатырыгыттан бастакы аспирины уонна антибиотиктары оҥорбуттара биллэр.

Тэтиҥ субатын 20-25 см уһун гына хастаан, хас да итинник субаны утуйарга моонньу уонна биил анныгар угуллар. Маннык үс түүн утуйдаххына, моонньуҥ уонна сиһиҥ хондуруостара ааһан хаалаллар. Уопсайынан, сыттык, матараас анныгар тэтиҥ хатырыгын, маһын уктан утуйдахха, туох баар куһаҕаны оборон ылар дииллэр.

Атаҕын иҥиирэ тардар киһи тэтиҥ чууркатын ылан, оронугар ууран, атаҕын онно тэбэн сыттаҕына, сотору кэминэн ыарыыта ааһар.

Маны тэҥэ, 20 г тэтиҥ субатын ылан, 200 мл ууга оргутан баран, биир суукка устата туруоруллар. Ол кэнниттэн күҥҥэ 3 төгүл 1 ост.ньуосканы иһэн, ноор ыарыытын эмтииллэр.

Харахтара ыалдьар, сылайар дьон тэтиҥ мас умнаһыттан 20-30 см быһан ылан, сүүстэрин икки харахтарын икки туһаайыытынан ууруна сылдьыахатрын сөп. Маннык маһы көмпүүтэргэ өр үлэлиир киһи аҕыйах мүнүүтэ устаат хараҕын үрдүгэр ууран, сыта түстэҕинэ, чэпчээн турар.

Тэтиҥ лабааларын быһан ылан, хатарыллар. 1 ост.нь. лабааны 1 ыстакаан оргуйа турар ууга көйөрөн баран, күҥҥэ иккитэ аччык искэ иһиллэр. Сэбирдэҕин да иһиэххэ сөп, ол эрээри, дьайыыта лабаатынаҕар мөлтөх буолар.

What’s your Reaction?
+1
11
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
4

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юрий Трутнев саҥа территориялары чөлүгэр түһэриигэ Саха сирин кылаатын бэлиэтээтэ

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев “Арассыыйа-24” ханаалга интервью…

12 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Як оҕото Марта Саҥа дьылынан эҕэрдэлиир

Мииринэй оройуонугар баар "Живые алмазы" айылҕа пааркатыгар төрөөбүт, иниспиэктэр Александр Михайловы кус оҕотун курдук батыһа…

39 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Саха сирэ» хаһыат бырааһынньыктааҕы нүөмэрэ: билгэһиттэр, Моҕой сылыгар төрөөбүттэр, тохсунньуну анаарыы

“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөлгэ саҥа кыһа аһыллыытын өрөгөйдөөх күнэ (видео)

Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев дьоҕус уонна орто биисинэһи тупсарыыга тыл эттэ

Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

2 часа ago