Салгыы
Эмтээх мастар туһалара: тиит

Эмтээх мастар туһалара: тиит

17.04.2023, 19:00
Хаартыска: Photo by form PxHere
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн мастар эмиэ эмтээхтэр, доруобуйаҕа улахан туһалаахтар. Сорох мастар иннэлэрин, лабааларын кыһын, саас хаардаах эрдэҕинэ хомуйуохха сөп. Муус устар ыйга уулаах, уҥуохтаах отон уктарын, тэтиҥ, сиһик, тирэх мастар бүөрдэрин хомуйар, тэтиҥи хатырыктыыр тоҕоостоох.

Тыллан эрэр тиит мутукчатын, ону тэҥэ, тиит мас силиһин утаҕын саас, күһүн быһан, эмэн сииллэр. Бу ньыма киһи этэ-сиинэ араас ыарыыларга утарсарын, вирустар киирэллэрин бохсор кыахтаах. Тиит силиһигэр дигидрокверцетин диэн өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх бэссэстибэ баар.

Тиит мутукчата айах иһигэр тахсыбыт бааһы, тиис миилэтэ хааннырарын, цинга ыарыыны эмтииргэ, уопсай туругу бөҕөргөтөргө туһаныллар. Ону таһынан, подаграны эмтэнэргэ, варикозка көмөлөөх. Мутукчаны күөх турарын тухары хомуйуллар. Блендергэ эрий­тэрэн, оҕурсуну, петрушканы эбэн, уулаан, битэмииннээх күөх утах курдук иһиэххэ сөп.

5-7 ост. нь. мутукчаны 1 л үүккэ кутан, мөлтөх уокка 15 мүнүүтэ оргутуллар. Сойутан, сиидэлээн, күн устата 3-4 төгүл иһэн бүтэриллэр. Бу маннык бронхиты, ис үллэрин эмтиэххэ сөп, лиистиги суох оҥорор, тахсан киирэргэ эмиэ туһалыыр.

Тиит баттаҕын, туорааҕын сиэтэххэ, сөтөлтөн, астматтан туһалаах.

Сүһүрдэххэ, тымныйдахха, ис ыарыйдаҕына, ый­­дааҕы кэһилиннэҕинэ, тиит хатырыгын арыгыга (50 г хатырыгы 250 мл буоккаҕа) кутан, үс нэдиэлэ туруоруллар. Сиидэлээн, 100 мл ууга 20 хааппыланы кутан, күҥҥэ үстэ иһиллэр.

Туһаныллыбыт литература: “Лекарственные растения Якутии:

советы народной медицины”/ Б.И. Иванов, А.Д. Иванова.

“Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: