Эмтээх үүнээйилэрбитин сөпкө туһаныахха
Саха сиригэр 300‑чэ эҥин араас эмтээх үүнээйи үүнэр. Дойдубут эмтээх үүнээйитин туһалаах эттигэ соҕуруу дойду үүнээйитинээҕэр элбэх. Онон, бэйэбит үүнээйибит туругу тупсарарга бары өттүнэн наадалаах. Ол эрэн, эмтээх үүнээйилэрбитин сатаан туһанарга анал исписэлиистэр уонна эмтээх үүнээйилэри чинчийэн үөрэтэр дьон сүбэтин ылынар ордук.
Боҕуруоскай от (Тимьян ползучий)
— Боҕуруоскай от тэлгэнэн үүнэр, үчүгэй сыттаах, талахтыҥы үүнээйи. Элбэх ахсааннаах намыһах (10–15 см) лабаалардаах, көпсөркөй сыттыкчааннар курдук сибэккилээх умнастардаах, сыылан тарҕаналлар. Хара саарыл (фиолетовай) дьүһүннээх. Бэс, от ыйдарыгар сибэккилиир.
Туттуллар уоргана:
Сибэккилээх дьөрбөтө. Боҕуруоскай оту “эһэлии” барытын туура тардыбакка эрэ (элбэх умнас тууруллар, өтөрүнэн үүммэт), сэрэнэн кыптыыйынан кырыйан ылаллар. Боҕуруоскай от — олус бытааннык үүнэр үүнээйи.
Мэдиссиинэҕэ туттуллуута:
Боҕуруоскай от препараттара мэдиссиинэҕэ сөтөлүннэрэн ыраастыырга, уоскутарга, таттарары утары уонна ыарыыны уталытар эмп быһыытынан туттуллар. Бу оту үксүн оҕолорго аныыллар: бронхикка, трахеикка, коклюшка, кириипкэ, о. д.а. ыарыыларга.
Норуот мэдиссиинэтигэр:
Боҕуруоскай от көөнньөһүгэ сүһүрүүнү утарар, көлөһүнү таһаарар, куртах ыарыытыгар, илиистиги уонна хааны ыраастыыр эмп-томп быһыытынан биллэр. Бу от көөнньөһүгүн иһэр буоллахха:
— Арыгы иһэр баҕа кыччыан сөп;
— Оҕо (кирииптээн, тымныйан) сөтөлүн эмтииргэ үчүгэй ньыма;
— Үгүстүк куртах симэһинин кислотнаһа аҕыйыырыгар, оһоҕос быһыта тутарыгар, үллэригэр тутталлар.
Туһалаах ырысыап:
Боҕуруоскай от иһиллэр өлүүтэ: 1 ч. нь. оту 1 ыстакаан итии ууга көөнньөрүллэр. ¼-1/3 ыстакааны күҥҥэ 3–4 төгүл аһаан баран иһэллэр. Өлүүтүн таһынан тутуннахха, киин ньиэрбэ систиэмэтигэр дьайан, мэйии эргийиэн, хотуолатыан сөп.
Долохоно (Боярышник даурский)
— Долохоно 2–4 миэтэрэ үрдүктээх талах. Умнаһа уһун тэһитэ кэйэр иннэлээх, хараҥа кыһыллыҥы өҥнөөх лабаалардаах. Сэбирдэхтэрэ ньолбуһахтыҥылар, куорсуннуу-салбахтыҥы кэрдиистээхтэр. Сибэккилэрэ куйахтыҥы быһыылаахтар, маҥаннар. Бэс ыйыгар сибэккилиир. Долохоно сибэккилээн турарар олус сиэдэрэй көрүҥнээх. Биһиги кылгас сайыммыт биир кэрэ киэргэлинэн буолар. Отоннонноҕуна, олох атын көстүүлэнэр. Отоно уҥуохтуйбут үстүү сиэмэлээх, этэ куураҕас.
Туттуллар уоргана:
Сибэккитэ уонна отоно. Сибэккитин, сибэккилээн эрдэҕинэ, бэс ыйын иккис аҥаарыгар, отонун ситтэҕинэ, күһүн хомуйаллар. Хараҥа сиргэ куурдаллар.
Мэдиссиинэҕэ туттуллуута:
Долохонону научнай мэдиссиинэҕэ сүрэх араас ыарыыларын эмтииргэ тутталлар. Долохоно препараттара киһи этигэр-хааныгар үгүс өрүттээхтик сабыдыаллыыллар: артериальнай хаан баттааһынын намтаталлар, сүрэх тэбиитин бэрээдэктииллэр, бобордуу дьайаллар, ордук күөх хорук уонна мэйии тымырдарыгар, хаан холестеринын таһымын намтаталлар, үөс тахсыытын күүһүрдэллэр. Ол иһин, долохоно сибэккитин, отонун көөнньөһүгүн, оргуйбут уутун сүрэх үлэтин кэһиллиитигэр, ангионеврозка, мерцательнай аритмияҕа, тахикардияҕа, стенокардияҕа, гипертонияҕа, атеросклерозка, утуйбат буолууга, климакс кэмигэр иһэргэ аныыллар. Үксүгэр долохоно бэлэм ностуойкатын эбэтэр эстрагын аптыакаттан ылан тутталлар. Ону быраас сүбэтинэн уонна хонтуруолунан туттуллуохтаах. Утуйбат буолууга, сүрэх невроһугар долохоно уонна валериана холбоһуктара бэркэ дьайаллар.
Норуот мэдиссиинэтигэр:
Долохоно отонун уонна сибэккитин былыр-былыргыттан утуйбат буолууга, аҕылыырга, соҕуо ыарыытыгар, сүрэх битигирииригэр, сөтөлгө, ньиэрбэ күүрүүтүгэр уонна астманы уоскутарга тутталлар. Өссө сүһүөх ыарыытыттан (арамачыыс) соллурҕаан сүрэх ыалдьарыгар, ис-үөс ыарыытыгар аныыллар, таттарарга, уопсай туругу тупсарарга иһэллэр. Ону сэргэ, кутталлаах искэн тахсарын бопсор дьайыылаах.
Долохоно препараттарын аччык искэ иһиллибэт. Уһуннук хонтуруола суох иһэр көҥүллэммэт.
Сытыган ото, сытыган эрбэһин (Полынь якутская)
— Умнаһа кырыылардаах, кытаанах, арбаҕар салаалардаах эрбэһин ото. Сэбирдэхтэрэ хойуу сиэрэйдиҥи эбэтэр килэбэчигэһэ суох сиэрэй түүлээхтэр. Киһи мэйиитэ эргийиэх курдук күүстээх сыттаах. Сибэккилэрин оҥоһуута үөрэ отугар майгынныыр эрээри, дьүһүнэ саһархайдыҥы. Сэбирдэхтэрэ үөрэ отунааҕар хайаҕастара элбэх
иннэлии курдуктар. Үөрэ отун курдук, от ыйыгар, атырдьах ыйыгар сибэккилэнэр.
Туттуллар уоргана:
Сибэккилээх отун үөһээ дьөрбөтүн үксүгэр от ыйа бүтүөр диэри хомуйаллар.
Мэдиссиинэҕэ туттуллуута:
Аһыы эрбэһин препараттара ас буһарар уорганнар үлэлэрин күүһүрдэллэр уонна көбүтэр аһыы быһыытынан туттуллаллар. Аһыы эрбэһини атын оттору кытары холбоон,
холобур, харыйа оту кытта, үөһү таһаарар, аһыыр баҕаны күүһүрдэр чэйдэри оҥороллор. Боҕуруоскай оту кытта оргуйбут уутунан (1:4) арыгыга ылларыы дьаллыгын эмтииллэр (1 дес. нь. күҥҥэ үстэ 2–3 ый устата иһэллэр). Арыгыттан аккаастанан эмтэниэн баҕарар киһиэхэ ордук тиийэр.
Фармацевтическай фабрикаларга уонна аптыакаларга аһыы эрбэһин оттоон сибэккититтэн хойуу экстрагы уонна 20 бырыһыаннаах ностуойканы 70 бырыһыаннаах испииргэ бэлэмнииллэр.
Норуот мэдиссиинэтигэр:
Билиҥҥэ диэри аһыы эрбэһини хааннара аҕыйах
дьоҥҥо уонна илиистиги (лямблия, аскарида уонна ленточнай илиистик) таһаарарга тутталлар. Төкүнүк илиистиги таһаарарга аһыы эрбэһин көөнньөһүгүнэн клизма оҥороллор. Айах куһаҕан сытыгар аһыы эрбэһин көөнньөһүгүнэн сайҕаналлар, оччоҕо айах сыта тупсар. Өссө аһыы эрбэһини хаан баттааһына үрдүүрүгэр, саһарар, геморрой, куртах, оһоҕос ыарыыларын эмтииллэригэр туһаналлар. Сибэккилээх корзинкаларын дизентерияҕа иһэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: