«Эн өрүү өйбүтүгэр сырдыыгын, эн өрүү сүрэхпитигэр ыллыыгын»
Хоноҕордооҕу «Түһүлгэ» СК дэгиттэр талааннаах баянист, драма артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Д.К. Кычкин төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах бэртээхэй тэрээһин уонна кинигэ биһирэмэ буолла.
«Эн өрүү өйбүтүгэр сырдыыгын, эн өрүү сүрэхпитигэр ыллыыгын» кинигэ Уус Алдан улууһугар Хоноҕорго көмөлтө оскуолатыгар учууталынан, иитээччинэн, «Түһүлгэ» СК дириэктэринэн өр сылларга айымньылаахтык үлэлээбит Данил Константинович Кычкиҥҥа анаммыт. Кыргыттара Марфа, Зоя Кычкиналар аҕаларын аатын үйэтитэн ахтыылары хомуйан, үбүлээн саҥа кинигэ күн сирин көрбүт. Манна аймахтарын, бииргэ үлэлээбит дьонун, «Илгэ» ансаамбыл кыттыылаахтарын, үөлээннээхтэрин, алтыспыт биир дойдулаахтарын, үөрэнээччилэрин ахтыылара киирбиттэр. Дьокуускайга «Mayaprint полиграфия» кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит.
Данил Константинович туһунан өссө сырдатар буоллахха, ырыаһыт, үҥкүүһүт бастыҥа, ааттаах спортсмен, байанайдаах булчут, нэһилиэгэр оҕону иитиигэ, култуура кэрэ эйгэтигэр өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбит ытык киһи. Кинигэ биһирэмигэр Данил Константинович чугас аймахтара, бииргэ алтыспыт дьоно, үөлээннээхтэрэ, биир идэлээхтэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Маны сэргэ, «Алыптаах аартыктары арыйаннар» көлүөнэ ситимин кэрэ кэнсиэригэр биир дойдулаахтарбыт ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Ирина Осипова,
Уус Алдан.
Хаартыскалар В.Окоемова, И.Осипова тиксэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: