Эн аттыгар — эриэккэс дьон. Килиим

Эн аттыгар — эриэккэс дьон. Килиим

19.08.2023, 15:15
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Кини Саха сиригэр соҕотох. Дьахтар аймах хаһан баҕарар олох инники күөнүгэр сылдьар. Кини кыһалҕата бэйэтин эрэ киэнэ буолбатах: эрэ, оҕолоро, төрөппүттэрэ, аймахтара, биир идэлээхтэрэ, алтыһар доҕотторо, нэһилиэгин дьоно, улууһун туруга, өрөспүүбүлүкэтин аата… Ситигирдик киирэн бара турар. Оттон бэйэтин туһугар? Этэргэ диэри, эдэр сааһа ааста, аны сиэн оҕолорун астара-үөлэ, олохторо-дьаһахтара…


Этиҥ эрэ миэхэ, ким үлэтиттэн көҥүллэтэн туран, иллэҥэ суох түбүккэ ыктарбыт эдэр киһи да, дьахтар да буоллун, дьыл араас кэмиттэн тутулуга суох ийэтин дуу, аҕатын дуу баҕарбыт сиригэр, атын дойдуга дьаарбатан кэллэ? Мин санаабар баар да буоллахтарына, быстар аҕыйах киһи буолуо ээ.

Оттон “Килиим” кинигэ дьоруойа Клим Федоров ким хайа иннинэ биэнсийэҕэ барбыт, дьиэ түбүгүттэн сылайбыт, күннээҕи кыһалҕаттан тахсыбатах ийэлэри, эбэлэри түмэн төһөлөөх круизтары, айаннары, сырыылары, үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтээтэ? Кыахтаах-харчылаах араҥаны буолбакка, төттөрүтүн, сыр-мыр, ыла-биэрэ уу-чуумпутук тыатын сиригэр бүгэн олорор, ыарытыйдар да күннэтэ хачыгырайар ийэлэри-эбэлэри түмэн ыраах сиргэ тиийэри көҕүлээбитэ туох омнуолааҕый?

Итинник сырыылартан сүргэлэрэ көтөҕүллэн кэлбиттэр элбэхтэр. Маннык айаннары тугунан эмэ киэргэтэргэ, ырыаны-тойугу көҕүлүттэн туттарарга, санааны көнньүөрдэргэ, эрэли тилиннэрэргэ, саҥа былааннарынан сирдэтэргэ киһи эрэ сатаан угуйбат. Сатыыр киһи сатыыр, дьарыгырар киһи дьарыгырар. Оттон Клим Федоров күн бүгүн, өрөспүүбүлүкэҕэ итинэн дьарыктанааччы баар да буоллаҕына, бастыҥнара диэхпин баҕарабын.

Киһиэхэ быыкаа да кэрэ көстүү, онтон дуоһуйуу хаһан эрэ өрдөөҕүтэ сөҕүрүйбүт сүрэҕиҥ кутаа кыымын уһугуннарар аналлаах. Көр, итинник айаннартан тэбиэһирэн туран айа-тута сатыыр аартыкка киирбиттэр ахсааннара элбээтэ. Ким эрэ “солуута суох” диэн мөҕүттэрэ ыраахтан иһиллэр. Оттон оннук солуу биһиэхэ тиийбэт эбээт! Кыратык оҕо да буолан ылыахха, оонньоон-күлэн иһиэххэ, сырдык иэйиигэ куустарыахха тоҕо сатамматый? Итиниэхэ сүөргү диэн суох!

Дэлэҕэ да сырыы былаһын тухары Килиим:
—Ол-бу тирээпкэни кэһии дии диигит атыылаһымаҥ! Итиниэхэ ким наадыйыай? Соннук айылаах итиннигэ суох сатаммат буоллахтарына, Дьокуускайга да ырыынагар ыһылла сытара буолуо… Манна эһиги кэрэни болҕойон көрүҥ! Оол турар хайаны, бу үүммүт дьылыгырас маһы, сити сибэккини! Бу үлүгэрдээх тутуулары, массыына суолун, кэлэр-барар дьон дьүһүнүн-бодотун!

Сөпкө хайысхалыыр, оруннааҕы туойар!
—Үйэҕит-сааскыт тухары оҕоҕо хамначчыт буолан бүтүҥ! Оччолооҕу олорон кэллигит. Билигин бэйэҕитин болҕойуҥ! Бу үлүгэрдээх бүлүүдэлэри туохтан оҥорбуттарын сыныйан көрүҥ! Эгэлгэ буруукталар ааттарын өйдөөҥ, амсайан ылыҥ! Олоҕуҥ бүгүҥҥү бэлэҕин үөрэ-көтө бэйэҥ тускар туһан!

Саамай сөпкө этэр. Киһи дуоһуйуор диэри биирдэ эмэ дьаарбайыахтааҕа биллэр. Онно Клим курдук аргыс сэдэх. Кини саҥата-иҥэтэ, үөрэтэр-кынаттыыр этиилэрэ, күллэрэн ыраастыыр ньымалара, бииргэ буолартан астынара ханнык да харчытааҕар күндү.

Дьиҥэр, айаннарга баран кэлбиттэр сырыы устатын тухары күннээҕи кыһалҕаны толунарга оннук айылаах элбэх солкуобай ирдэммэтин соһуйа көрөн, аныгыскы сырыыларын былаанныыр буолбуттара бу үтүөкэн тэрээһин сүрүн соруга. Сүрүнэ диэ, өссө баара биир бэйэтэ уонча дьүөгэлээх эргиллибитэ, күннэтэ сэһэргэһэр доҕоттордоммута… тыа киһитигэр улахан сэргэхсийии. Сыччах дьиэҕэ бүгэн олорбута баара дуо? Ол иһин бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсаллар, үөрүүлэриттэн бэрсиһээри угуйсаллар.
Оттон бу хантан кэлбит Килиимий? Туох киһиний? Итинник ыйытыкка толору харданы “Килиим” кинигэттэн  ылыҥ, кинигэттэн ааҕан билиҥ. Кини эриэккэс сөҕүмэр дьоҕура хаһан ханна сайдыбытын, атын даҕаны туох дьоҕурдааҕын онтон билиҥ!

Анисим НЕУСТРОЕВ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: