Былыр Сэһэн Ардьакыап Екатерина Торуой ыраахтааҕыга тиийбитигэр, тугу аһаан-сиэн олорор омуккутуй диэн ыйыппытыгар, буору диэн хардарбыт. Ол аата буорга от үүнэр, ону сылгы-ынах сиир, олор эттэрин сиэн, тириилэрин таҥас оҥостон олоробут, буорга үүнэр мастан дьиэбитин туттабыт, сэп-сэбиргэл оҥостобут диэн дириҥ ис хоһоонноох хоруй буолар. Биһиги итинник өйдөөх өбүгэлээхпитинэн киэн туттуох тустаахпыт.
Василий Докучаев диэн почваны үөрэтиини төрүттээбит нуучча улуу учуонайа: “Ханнык да көмүстэн, ньиэптэн, атын сир баайдарыттан саамай сыаналаахтара почва буолар. Почваны харыстаан, кини кыаҕын сөпкө толору туһанан, киһи-аймах бэйэтин кэскилин оҥостон олоруон сөп. Оттон аанньа ахтыбат норуот кэхтиигэ барыа…” диэбиттээх.
Саха сирин почватын анаан-минээн үөрэппит биологическай билим дуоктара, почваны үөрэтиигэ уһулуччулаах өҥөтүн иһин В.В. Докучаев аатынан кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт Роман Васильевич Десяткины кытта бу сырыыга почва туһунан кэпсэттибит.
– Киһи күннэтэ аһыыр аһын 70-ча бырыһыана сиртэн ылыллар. Онтон атынын күөлтэн, муораттан ылыан сөп, – диир Роман Васильевич – Ол эрэ буолуо дуо, буорга үүнэр үүнээйи, үөн-көйүүр тыынар салгыҥҥын ыраастыыллар. Киһи аймах устуоруйатыгар почваны сыыһа туһанан, хаарыан сирдэрин киһи олорбот сиригэр кубулуппут норуоттар элбэхтэр. Былыргы Египет аан дойду цивилизациятын бастакынан төрүттээбит саамай күүстээх, сайдыылаах, кыахтаах судаарыстыба буолар. Кинилэри Нил өрүс хочото аһатан олордубута. Дьоно элбээн эбитэ дуу, Египет олохтоохторо өрүстэрин дэлби быһан, ханааллары хаһан, нүөлсүтүү бөҕө ыыталлар. Ол түмүгэр өрүс туустаах уута сиргэ иҥэр, уута салгыҥҥа көтөр, тууһа хаалар. Аны бу дьон тыаллаах аһаҕас сиргэ, эбиитин экватор чугаһыгар олороллор. Күүстээх тыаллар били туустаах буору атын сирдэргэ илдьэн, аны олору буорту гыналлар. Нил өрүс өҥ хочото кэпсэлгэ хаалар.
– Сахаара кумах куйаарын сорохтор киһи дьайыыта дииллэр.
– Итинник этэллэрэ оруннаах курдук. Эмиэрикэ ити
кэтирээһиҥҥэ сытар сирдэригэр барыта ойуур үүнэн турар. Саха сиригэр солооһун түмүгэр сир ирэн, быллаар буолан барарын, устунан дүөдэҕэ, тыымпыга кубулуйарын ааспыт сырыыга кэпсэтэн турабыт.
– Оттон киһи почваны тупсарбыт холобура баар дуу?
– Сэрии кэнниттэн 1948 сыллаахха учуонайдар истиэп уонна ойуур-истиэп булкаастаах сирдэр айылҕаларын тупсарыахха сөп диэн быһаарыы оҥорбуттара. Истиэптээх Арассыыйа уобаластарыгар 600-чэкэ ойуур анал ыстаансыйатын олохтоон, питомниктары тэрийбиттэр. 1948-1953 сылларга 60-100 м кэтиттээх, сүүһүнэн км усталаах ойуур балаһата бөҕө олордубуттар. Дьэ ити олордуллубут мастар билигин улаатан-тэнийэн тыалы-кууһу тохтотор, сииги тутар ойуурдаах дойдуга кубулуйан тураллар. Уруккута килэгир истиэп этэ буоллаҕа.
– Бу сэбиэскэй учуонайдар кимтэн холобур ылбыттарай?
– Василий Докучаев Воронежскай уобаласка туох да үүммэт таас истиэбигэр стационар тэрийбит. Манна ойуур да, күөл да суох сирэ. Аппа быыстаах истиэп иэнигэр ханан мас олордору, ханан күөлү мунньары, саамай сүрүнэ ол быыһыгар бааһына сирин аттаран
туруорууну быһаарбыттар. Намыһах сирдэргэ уу мунньар күөллэри, үрдүк арҕастары туора ойуур балаһаларын, олор икки ардыларыгар ыһыы сирин тэрийбиттэр. Аны ойуур, бааһына уонна күөл иэннэрэ тэҥ тэҥэ буолуохтаахтар. Оччоҕо эрэ кинилэр бэйэ-бэйэлэрин
ситэрсэллэр. Ити бырайыагынан күн бүгүн «Каменнай истиэп» диэн 5000-тэн тахса гектардаах заказник истиэп ортотугар баар буолбута. Соторутааҕыта ол заказник 130 сылын туолбута, билиҥҥэ диэри киһи айылҕаны тупсарыытын үтүө холобура буолан, аан дойду
учуонайдара кэлэн үөрэнэр кииннэрэ буолан турар.
– Саха сирин почватын үгүс өттө хайдаҕый? Хайдах гынан киһи тупсарыай?
– Саха сирин почвата кыра быйаҥнаах, ирбэт тоҥ дьайыытынан үксэ тураҥнаах, онно эбии итии уонна сиик алтыһыыта олус тыҥааһыннаах, вещество эргиирэ быстар бытаан буолан сири туһаныыга олус барсыбат. Ол үрдүнэн сэбиэскэй былаас саҕана сүүһүнэн тыһыынча гектар ойууру солоон бааһына оҥорон, бурдук, хортуоппуй ыһаллара, оҕуруот аһын олордоллоро да, элбэх дохуоту ылбат этилэр. Ырыынак кэмигэр барыһа суох салаа дэнэн, сири оҥоруу аһары кыччаата, ол эмиэ да сөп. Киин оройуоннарга уу дэлэй сиригэр, өрүс хочолоругар итинник үлэни ыытар наадалаах.
Оттон атын сирдэргэ почваны тыыппат ордук, кини ийэ айылҕа чөл буолуутун хааччыйар баар суох дурдабыт-хаххабыт буолар.
– Биһиэхэ ойуур баар эрээри кураайы килиимэттээх эрэгийиэҥҥэ киирсэбит дии.
– Биһиэхэ сиикпит тиийбэт. Үүнээйи үүнэригэр сөптөөх
микрокилиимэт наада. Холобура, ойуур сөптөөх сииктээх почвалаах, быыһа сииктээх салгыннаах, сөбүгэр күлүктээх буоллаҕына эрэ кини анныгар үүнээйи арааһа, отон-тэллэй өлгөмнүк үүнэр, оҕо мастар кыахтарын түргэнник ылаллар. Сииги тутар кыаҕа сүппүт ойуур
иинэҕэс, дьадаҥы састааптаах буолар. Оннооҕор от үүнэр араҥата (травяной ярус) бэйэтэ үүнэр араҥатыгар сөптөөх сиик, температура баар буоларын хааччыйа сатыыр. Ити усулуобуйа баар эрэ буоллаҕына, ходуһа-
бааһына өлгөм үүнүүнү биэрэллэр. Кэнники сылларга киин оройуоннарга сылы эргиччи мэлдьи тыаллаах күн-дьыл туран, от-бурдук үүнэр араҥатын сиигин супту көтүтэн үүнүү аччааһыныгар тириэртэ. Кураан тыала супту үрдэ да, ходуһа-бааһына түргэнник сибэккилээн, туорааҕын анньан киирэн барар. Туорааҕын ыста да, от-бурдук үүммэт.
– Оттон искусственнай ардахтатыы туһалаах дуу?
– Ардах ыам ыйыгар түһүөхтээх. Быйылгы Бөтүрүөп ардаҕа бэттиэмэлээх эрэ сиргэ көмөлөһүөн сөп. Айылҕа баҕарбат буоллаҕына, ардаҕы түһэрэр сөмөлүөттэри туһанар наада. Өссө 1995-1996 сс. ардахтатыы туһалааҕын көрдөрөн барбыттара. Оччолорго зондировщик сөмөлүөттэр Москва анныгар Долгопруднайга баар Киин аэрологическай обсерваторияттан кэлэн үлэлээбиттэрэ. Биһиэхэ ыам ыйын ортотуттан, Өлүөнэ мууһа арылла илигинэ аҕалан ардахтатыахха наада. Тоҕо диэтэххэ, ити кэмҥэ былыт хайаан да баар буолар. Быйыл сөмөлүөттэр баар этилэр да ыттарбатахтара, хаарыан былыттар үс төгүллээн бэс ыйын ортотугар диэри ааһан хаалбыттара. Былааннаан эрдэттэн буору сиигирдэ турдахха, үүнээйи да туруктаах буолуо, баһаар да барыыта арыый аҕыйыа этэ.
– Сорохтор искусственнай ардах уута буортулаах дииллэр.
– Ити тугунан да бигэргэммэтэх айах кэпсээнэ. Ардахтатыыга биир эрэ реагент – дьуоттаах үрүҥ көмүс туттуллар. Көннөрү ракетница ботуруоннарыгар дьуоттаах үрүҥ көмүс тууһа кутуллар, ити олох
бытархай кээмэйдээх туус былыт иһигэр ыһыллан, былыт уутун мунньан ардахха кубулутар. Ракетница төһө ыраах ытарын киһи үксэ билэр, муҥутаан 100 м буолуон сөп, ол устатыгар ботуруон ити туустар буруоларын таһааран, былыкка ыһар. Биир сырыыга
муҥутаан 100-чэкэ ботуруон ытыллыан сөп, ардах хабар иэнэ тыһыынчанан гектар. Онно реагент ыйааһынын үллэрдэххэ (хас ботуруон аайы 20-чэ грамм) сир үрдүгэр ардаҕы кытары олох дуона суох дьуот уонна үрүҥ көмүс тууһа түһэр. Ити эттиктэр сир үрдүгэр олох кыратык тарҕаммыттар, бэл ол иһин ПДК диэн көрдөбүллэрэ суох (ПДК диэн тыыннаах организмҥа буортулаахтык дьайыы кээмэйэ). Ардахтатыы түмүгэр почва биир киилэтигэр миллиграмм сүүс тыһыынча гыммыт биирин саҕа эрэ эттик түһэрэ суоттаммыта. Төттөрүтүн Саха сирин киин оройуоннара дьуот тиийбэт буолан, эндокриннай ыарыылар киэҥник тарҕаммыт сирдэринэн биллэллэр, оттон үрүҥ көмүс бактерициднай хаачыстыбалааҕын уруккуттан билэллэр уонна туһаналлар, үрүҥ көмүс биилкэнэн-ньуосканан аһааҥ диэн сүбэлииллэр. Онон искусственнай ардах буортулаах диир кэрэгэй.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…