Салгыы
Өҥ-дьүһүн сахалыы аата

Өҥ-дьүһүн сахалыы аата

21.06.2023, 10:45
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Сахаларга да өҥнөр сахалыы, ама, хайаан ааттамматах буолуохтарай. Ол эрээри, үөрэнэн хаалбычча, нууччалыытынан “розовай”, “коричневай” диэн саҥарбыппытын өйдөөбөккө да хаалабыт. Аттыгар олорор киһи төһө билэр эбитий? Маны тутан олорон ыйытан көр.

Алый – уот  кыһыл

Белый – үрүҥ, маҥан

Белоснежный – хаар маҥан

Бледный – кубархай

Бледнозеленый – от күөҕэ эрээри кубархай өҥ. (Бледно… светло… темно… диэн кубархайын, сырдыгын, хараҥатын быһаарарга араас өҥҥө сыһыаран этиэххэ сөп)

Бордовый – өһөх кыһыл

Бурый – кугдархай, күрэҥ, бороҥ

Вишневый – хараҥа кыһыл (күһүҥҥү уулаах отон өҥө)

Голубой – халлаан күөҕэ

Желтый – араҕас

Зеленый – чээл күөх, мутукча күөҕэ

Золотистый – кыһыл көмүс өҥнөөх

Коричневый – күрэҥ, өһөх

Красный – кыһыл

Кремовый – үрүҥ араҕас

Лиловый – лиловай, сырдык фиолетовай

Лимонный – лимоннай, лимон өҥнөөх

Малиновый – малиновай, биэ эмиийэ отон өҥнөөх

Молочный – үүт өҥнөөх

Морковный – моркуоп өҥнөөх

Мутный – тунаархай, болоорхой

Оранжевый – кытарымтыйар саһархай

Пёстрый – эриэн

Прозрачный – дьэҥкир

Разноцветный – арас өҥнөөх

Розовый – кубархай кыһыл (дөлүһүөн сибэккитин өҥө)

Румяный – тэтэркэй

Рыжий – кугас

Рябой – эбирдээх

Светлый – сырдык

Серебристый – үрүҥ көмүс өҥнөөх

Серый – сиэрэй (көҕөччөр), бороҥ

Синий – күөх

Сиреневый – сиреневэй, сирень өҥнөөх

Смуглый – хара бараан

Стальной – ыстаал өҥө өҥнөөх

Темный – хараҥа

Фиолетовый – фиолетовай (кыһыллаах күөх холбоһуутуттан үөскүүр өҥ)

Черный – хара

Шоколадный – шоколад өҥнөөх, күрэҥ.

Манна сүөһү, кыыл өҥнөрүн киллэрбэтибит.

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ: В.Н. Данилов Русско-якутский тематический словарь, 1988 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: