Эн, күн күбэй ийэ барахсан…

Эн, күн күбэй ийэ барахсан…

17.10.2024, 19:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Кэбээйи сириттэн төрүттээх Иван Иннокентьевич Егоров—Сүгэһэрдээх диэн туспа буочардаах, ураты суоллаах-иистээх суруналыыс, суруйааччы аатын саха литэрэтиирэтин, оччотооҕу ыччат хаһыатын “Эдэр коммуниһы», “Хотугу Сулуһу “сурутан, утумнаахтык аахпыт дьон олус үчүгэйдик өйдүүллэр. Норуокка ордук Сүгэһэрдээх диэн псевдонимынан биллэр, литэрэтиирэ бары көрүҥэр дэгиттэр талааннаах суруйааччы айар үлэтигэр элбэх сүгүрүйээччилэрдээх, күүтэн, сөбүлээн ааҕар  дьонноох этэ.

Кини “Эдэр коммунист  “ диэн ыччат хаһыатыгар уһун кэмҥэ эппиэттиир сэкирэтээринэн, онтон   “Хотугу Сулус “сурунаалга уочарка уонна публицистика салаатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

«6-7 кылаастан Уйбаан хоһоон суруйар идэлэммитэ. Ол дьарыгар   кутун туттарбыта. Саастыылаахтарыныын, биһигиниин дэҥҥэ оонньоһоро. Үксүн дьиэтигэр бүгэн олорон, бу санаатахха, хоһоон эгэлгэтин суруйар эбит. Доҕорум оскуолаттан кэлээт, имик-самык умайар аҕыйах хардаҕастаах көмүлүөк оһоҕун ииннигэр саба түһэн олорон, уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу хоһоон тылын сыымайдыыра»,—диэн ахтыбыт Кэбээйи улууһун Танара орто оскуолатыгар өр сылга дириэктэрдээбит СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Михаил Степанович Спиридонов.

Бу күннэргэ “Айар  “кинигэ национальнай кыһатыгар Иван Егоров -Сүгэһэрдээх “Ийэ сүрэҕэ»  диэн саҥа кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ тас өттүгэр

«Ийэ сүрэҕин

Итии тапталын,

Икки атахтаах баарын тухары,

Күн дьыл күдэнэ

Күүһүнэн мээнэ

Күөнтүү саппатын билэҕит бары!…» — диэнааптар күн күбэй ийэҕэ анаммыт уйаҕас тыллара суруллубуттар.

Кинигэҕэ ааптар  биэс уолун уоттаах сэриигэ атаартаан ытыс соттубут, олоҕун тухары ыар аһыыны нарын санныгар сүгэр дьылҕаламмыт Феврония Малгина-Хобороос туһунан “Хобороос  “ драматическай поэмата уонна  “Дьүөгэлиилэр “пьесата киирбиттэр. Иван Егоров—Сүгэһэрдээх  уус-уран, киһини умсугутар, уйулҕаны хамсатар тылларынан сэрииттэн уолаттарын күүтэр ийэ кутун-сүрүн аймалҕанын, бэһиэннэрин сүтэртээн баламат аһыыны тулуйбут күннэрин, уолаттар сэрии хонуутугар ууну-уоту ортотунан сылдьалларын ойуулаан драматическай поэма оҥорбут. Бу драматическай поэмаҕа олоҕуран, СӨ Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатырыгар 2015 с. режиссер Валентина Якимец “Ытык ийэ “диэн испэктээги туруорбута. Бу айымньы –билигин даҕаны сцена дьонун сонун туруорууга көҕүлүөн сөп.

“ Күн ахсын маннык көрсүһэр курдук

Күүтэр оҕолорбор чэй бэлэмниибин.

(бастакы чааскыны ыйар.)

Бүөтүр манна олорон аһыыра.

(Иккис чааскыны көрөр.)

Бааскам сүөгэй үүттээҕи таптыыра

(Үһүс чааскыны ылар)

Күөх чааскыттан Өлөксөй иһэрэ

(Төрдүс чааскыны имэрийэр.)

Кыра Өлөксөй маны сөпсүүрэ.

(Бэһис чааскыны эргим-ургум тутар)

Оттон Испирдиэн

Оонньуу туран алдьаппыт чааскытын

Кыра ылтаһын

Кырадаһынынан үүйбүтүн көрүҥ.

(Чааскыны түөһүгэр тутар.)

Оҕом барахсан сылаас илиитэ

Олох субу туппутун кэриэтэ.

(Бүк түһэн олорон ытыыр.)

Оҕолорун сэрии толоонуттан күүтэр ийэ аймалҕана, хомойуох иһин, күн бүгүн даҕаны  уолаттарын байыаннай дьайыыттан күүтэр ийэлэр куоластарын кытта алтыһар курдук.

Сүгэһэрдээх бу биир бастыҥ айымньыта аны саас буолаары турар Улуу Кыайыы 80 сылыгар уонна Аҕа дойду көмүскэлигэр эдэркээн олохторун толук уурбут уолаттардаах Ытык ийэлэр сырдык ааттарыгар ананар.

                                      Галина Васильева

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: