Эн күннээҕи остуолгар: хаппыыстаттан араас бүлүүдэлэр

Share

Туустаах хаппыысталаах салаат

Киилэ аҥара хортуоппуйу уонна икки устуука сельдерей силиһин тус-туспа буһаран кыра гына кырбанар. Онно 400 грамм туустаах хаппыыстаны, биир эриэппэ луугу эбиллэр. Ыстакаан аҥара үүнээйи арыытын, амсайан көрөн туус, саахар кутуллар уонна булкуйуллар.

Туустаах хаппыысталаах хортуоппуй

Биир киилэ хортуоппуйу хаҕылаан, туустаах ууга буһаран баран куурда түһүллэр. Киилэ аҥара туустаах хаппыыстаны кытары булкуйуллар.

Эттээх, хаппыысталаах щи

400 грамм этинэн миинбуһарыллар. Эт буһар кэмигэр икки эриэппэ луугу, икки моркуобу 1 остолобуой ньуоска томат-пюрены кытары соркуойданар. Синньигэс гына быһыллыбыт сибиэһэй хаппыыстаны эт буһан тахсыан 10-15 мүнүүтэ иннинэ мииҥҥэ кутуллар. Соркуойдаммыт луугу, биир-икки лавровай илииһи, түөртүү гына бысталаммыт икки буспут помидору эбиллэр. Туустанар. Тэриэлкэлэргэ кутуох иннинэ сүөгэй эбиллэр.

Сыырдаах хаппыыста

Дьоҕус хачааны туустаах ууга буһаран баран бысталаан арыынан уҥунуохтаммыт итии хобордооххо кутуллар. Ол үрдүнэн сымыыттаах үүтү кытары кыратык бурдугу, тууһу уонна биэрэһи булкуйан саба кутуллар. Итиэннэ духуопкаҕа уган хойдуор диэри буһарыллар. Хойуннаҕына теркаламмыт сыыры эбии табыгынатыллар.

Сыаҕа соркуойдаммыт брюссельскай хаппыыста

Икки-үс хачаан брюссельскай хаппыыстаны ууга буһарыллар. Сиидэҕэ туруоран уутун сүүрдүллэр. Онтон оргуйа тутар сыалаах хобордооххо кутан тэтэркэй хахтаныар диэри ыһаарыланар. Гарнир бэртээхэйэ бэлэм!

Хаппыысталаах запеканка

Теркаламмыт, кыратык ыгыллыбыт 800 грамм сиикэй хортуоппуйу 300 грамм ныһыллыбыт, буспут хортуоппуйга, 1-2 остолобуой ньуоска бурдукка, биир сымыыкка холбоон булкуйуллар, туустанар. Тимир илииһи (противени) арыынан сотон баран хортуоппуй араҥатын, онтон луугу кытары сыаҕа (хаппахтаан бүтэйдии бүскүтэн) буһарыллыбыт 400 грамм хаппыыста араҥатын, салгыы эмиэ хортуоппуйу кутуллар. Хортуоппуй үөһэ араҥата арыый халыҥ буолуохтаах. Запеканканы биилкэнэн тэһитэ анньыталаан баран духуопкаҕа уган биир чаас устата буһарыллар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago