«Эн соҕотох буолбатаххын» диэн дьахталлары көмүскүүр бырайыагы толкуйдаатылар

Share

Саха сирин олохтоохторо «Эн соҕотох буолбатаххын» диэн кэргэттэриттэн, эр дьонтон атаҕастанар дьахталларга туһуламмыт бырайыагы толкуйдаатылар.

Бырайыагы алтынньы 22 күнүгэр сидьиҥ дьон илиилэриттэн олохтон туораабыт Надежда Аммосова кэриэһигэр анаатылар. Бырайыак уустук балаһыанньаҕа түбэспит кэрэ аҥаардарга уйулҕа, юридическай өттүнэн бастакы көмөнү оҥорор сыаллаах.

Надежда Аммосованы бииргэ олоро сылдьыбыт, чугастык саныыр киһитэ хас да дьону кытта куомуннаһан сидьиҥник  өлөрбүттэрэ. Усуйаана оройуонун Сайылык нэһилиэгиттэн төрүттээх Надежда кыра сааһыгар тулаайах хаалбыт. Тоҕус бииргэ төрөөбүттэртэн саамай кыралара буолан, кинини эдьиийэ ииппит. Бу иэдээннээх айдаан кэнниттэн атаҕастабылга олорор дьахталлар бэйэлэрин олохторун устуоруйатын социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕаппыттара.

«Саха сирэ» хаһыат кэлэр нүөмэригэр бу тиэмэҕэ туһуламмыт ыстатыйаны сиһилии ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө оҥоһуллар

Дьокуускайга сэтинньи 16 күнүгэр Ойуунускай уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ тахсыбыт баһаар кэнниттэн үгээрдээн икки оҕо 1-кы…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһа – Бастакы лигаҕа мас тардыһыыга Федерация Куубагын хаһаайына

Амма улууһа мас тардыһыыга Федерация Куубагын күрэҕин түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын кытта күүстээх киирсиитин…

28 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

12 часов ago