Эн туох диигин: «кыра тыаллаах», «улахан тыаллаах»

Эн туох диигин: «кыра тыаллаах», «улахан тыаллаах»

05.02.2024, 20:51
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха тыла баай даҕаны. Ол эрээри, ол сүмэтин ситэ туһаммакка, күннээҕи “кэл-бар” диэн тылга көһөн эрэбит диэн тыл маастардара, ытык саастаах дьон бэлиэтииллэрэ оруннаах. Чэ, холобур “тыал” да диэн тылы ылан көрүөҕүҥ.

Күн бүгүн саха улахан аҥаара бэрт сымсатык “таһырдьа кыра тыаллаах” эбэтэр “күүстээх тыаллаах” эрэ диэн этэн кэбиһэбит. Дьиҥэр, тыал хайдаҕыттан көрөн өйдөбүлэ элбэх эбээт. Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн саната итиэннэ халлаан сылыйан тыалырара үксээбитинэн хаама-сиимэ таарыйа кэтээн көрүөҕүҥ эрэ.

Биһиги биир тылынан этэн кэбиһэр тыалбыт быһаарыыларын “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар” көрүөҕүҥ:

Тыал — айылҕаҕа салгын сүүрээнэ, хамсааһына;

Сиккиэр — кыра соҕус чэбдик тыал;

Бурхаан — хаары тибэр, ытыйар күүстээх тыал, тибии;

Силлиэ — тымныы салгыннаах күүстээх тыал (буурҕатааҕар күүһүнэн кыра);

Холорук — күүстээх тыал күөрчэхтии өрө ытыйан таһаарыыта;

Буурҕа — олус күүстээх, оту-маһы алдьатар тыал (үксүгэр сайын);

Чысхаан — сытыы, тымныы, киһини курдары охсор (кыһыҥҥы тыалы этэргэ);

Кыйдаан – (дэҥҥэ туттуллар) буурҕа, тибии.

Аны тылбаастарын ылан көрүөххэ. Холобур, Н.Н. Павлов уонна И.Н. Попов хомуйан оҥорбут 1948 сыллааҕы “Нууччалыы-сахалыы тылдьыкка” (“Русско-якутский словарь”) маннык тылбаастанар:

Ветер — тыал,

легкий освежающий ветер — сиккиэр,

вихрь – холорук,

вьюга – буурҕа, тибии, чысхаан,

буран – кыйдаан,

буря – силлиэ, буурҕа,

пурга – тибии, бурхаан, хаардаах силлиэ,

ураган – олус күүстээх тыал, силлиэ.

Аны ис-иһигэр киирдэххэ тыалбыт эмиэ араастаах. Көмнөҕү түһэрэр, мууһу кэбирэтэр, сири куурдар, былыты үүрэр, сиккиэр тыал, о.д.а. диэн сахалар күннээҕи олоххо-дьаһахха сыһыаннаан тыал арааһын араараллар. Эн итинтэн төһөтүн билэҕин? Кэтээн көрөөр эрэ.

+1
5
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: