Томороон тымныы ахсынньы саҥатыттан хам ылан барбытыгар, Дьокуускайга эмиэ сылаас тохтобуллар кыһалҕалара күөрэйдэ. Былырыын бу кыһалҕа федеральнай таһымҥа тахсан турардаах.
РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко оптуобустарбыт тохтобулларыгар ускул-тэскил сылдьар дьон хоноллорун истэн болҕомтотун уурбута. Ону быһаарарга дьиэтэ-уота суох дьоҥҥо аналлаах социальнай кииннэри, приюттары тэрийии туһунан эппитэ. Куорат олохтоохторун санааларын болҕомтолоохтук истэр уонна дьон кыһалҕатыгар кыһанар наадатын ыйбыта.
Хас сылаас тохтобул баарый?
Былаан быһыытынан Дьокуускайга сылаас тохтобуллар ахсааннарын сүүсчэҕэ тиэрдэр санаалаахтар. Бу үлэ “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар.
Ааспыт күһүн Дьокуускайга түөрт сылаас тохтобул аһыллыбыта. Уопсайа, былаан быһыытынан бу сылга уон баар буолуохтаах. Ускул-тэскил сылдьар дьон хонук сирдэригэр кубулуйбут кирдээх тохтобулларга дьон ардыгар куттанан да киирбэт. Онно хоноллор, арыгылыыллар, бөҕү-саҕы ыһаллар. Оччотугар туохха туһалаахтарый? Аан бастаан аһыллыбыттарыгар оннооҕор оптуобус хас мүнүүтэнэн кэлэрин көрдөрөр тэлэбиисэрдэри сойбоппуттара. Ыскамыайкалары алдьаппыттара. Аны буруй-сэмэ тахсар түгэнигэр киһини быыһыах-абырыах полицияны ыҥырар суһал көмө кунуопката суох.
2021 cыллаахха – 20, 2022 сыллаахха 16 сылаас тохтобул тутуллубута.
Быйыл былаан быһыытынан, уон үлэҕэ киирэр.
2026 cылга диэри Дьокуускай куорат дьаһалтата сүүсчэ сылаас тохтобулу тутары
былаанныыр.
Олорор да, турар да сир суох
Тохтобул ыраас уонна сылаас буолуохтаах. Ол эрээри, ардыгар киирдэххэ, олорор да, турар да сир суох үлүгэрэ буолар. Ыскамыайка ахсын итирик дьон суулаһан сытар, муостаҕа кураанах арыгы бытыылкалар төкүнүһэллэр, табах тобохторо сыталлар. Дьаар сыттаах сиргэ туруох кэриэтин таһырдьа тымныыга турбут ордук дииллэр үгүс дьон. Автовокзал оройуонун таһынааҕы тохтобулга таска турар дьахтартан, тоҕо иһирдьэ киирбэккэ турарын сураспыппар, күлэн кэбиспитэ уонна миэхэ: «Өҥөйөн көр эрэ, эн да таһырдьа куотуоҕуҥ», – диэбитэ. Киирбэтим, өстүөкүлэ нөҥүө көрдөхпүнэ, икки эдэрчи дьон «аһыы» олорор. Бу күрүлүүр күнүс маннык буоллаҕына, түүнүн хайдах буолуой? Бу ынырык хартыынаны күн ахсын оскуолаларыгар барар оҕолорбут көрөн эрдэхтэрэ.
Хонтуруол кытаатыахтаах!
Дьокуускай куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев уокурук быраабаларын салайааччыларыгар сылаас тохтобуллары хонтуруоллуур туһунан сорудахтаабыта. Ахсынньы саҕанааҕы дааннайынан, куорат үрдүнэн уопсайа 69 баарыттан былырыын тоҕуһун алдьаппыттар. Биһиэхэ, тыйыс тымныылаах Саха сиригэр, сылаас тохтобуллар олус наадалар, олору көрөр-истэр, хонтуруоллуур эмиэ наада. Билиҥҥи туругунан, сылаас тохтобуллары Дьокуускай куорат уопсастыбаннай сирдэрин салайар киин (ЦУОП) көрөр-истэр. Бэлиэтээн суруйдахха, 69-тан 39 – ЦУОП хонтуруолугар сылдьар. Онтон атын сылаас тохтобуллары маҕаһыын тэрийэр соруктаах чааһынай дьон бэйэлэрэ дуогабар түһэрсэн арыйаллар, олору куорат быраабалара хонтуруоллууллар.
Дьокуускай куорат уопсастыбаннай сирдэрин салайар киин (ЦУОП) салайааччыта Виктор Обутов:
– Сылаас тохтобуллары көрүү-истии эбээһинэһин биһиэхэ тохсунньуга биэрбиттэрэ. Бу иннинэ ЯПАК көрөр-истэр этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай үрдүнэн биһиги хонтуруолбутугар 39 баар. Бу сыл бүтүөр диэри алта тохтобул үлэҕэ киириэхтээх: Ленин проспегар үс, Старай Табаҕаҕа биир, Можайскай уулуссатыгар биир уонна Челюскин уулуссатын саамай бүтэһигэр биир. Сылаас тохтобуллары ыраахтан олорон салайар үлэ билиҥҥитэ олоххо киирэ илик, ол эрээри, былааҥҥа баар. Хонтуруоллуур туһуттан күн ахсын сарсыарда аһабыт, киэһэ сабабыт. Биһигини кытта дуогабардаах клининговай хампаанньа үлэһиттэрэ кэлэн сууйаллар-сотоллор. Маны таһынан, Росгвардия үлэһиттэрэ эмиэ кэмиттэн кэмигэр бэрэбиэркэлииллэр. Өскөтүн, тохтобул иһигэр киһи эчэйиилээх быһылаан тахсар түгэнигэр, Росгвардия үлэһиттэрин ыҥырар суһал кунуопка баар.
Дьон санаата
Мария Жиркова, Дьокуускай олохтооҕо:
– Чернышевскай уулуссатыгар олоробун, оптуобуһу балачча уһуннук кэтэһэбин. Биһиги уулуссабытыгар сылаас тохтобуллааҕар буолуох, оптуобус сырыыта да эрэйдээх. 203-с түөлбэҕэ үлэлии барарбар ардыгар икки оптуобуһунан айанныыбын. Аны тохтобулбут таһыгар баар буолуохтаах электроннай табло биэс миэтэрэ тэйиччи турар. Онон куорат дьаһалтата бу боппуруоһу суһаллык быһаарыан наада.
Варвара Вихрева, Дьокуускай олохтооҕо:
– Мин санаабар, сылаас тохтобуллар куорат киин уулуссатыгар буолбакка, кытыы уулуссаларга дэлэйиэхтээхтэр. Ленин проспегар сылаас тохтобул улахан наадата суох. Итиннэ киһи иттэ киирэригэр маҕаһыын да дэлэй буоллаҕа. Оптуобус сырыыта, маршрута тупсуон наада.
Денис Петров, биэнсийэлээх, Дьокуускай олохтооҕо:
– Сылаас тохтобуллар элбээн иһэллэрэ үөрдэр. Ол эрээри, үчүгэйдик көрүөхтэрин-истиэхтэрин наада. Дьон дьаабылыыр, киртитэр сирэ буолуо суохтаах. Сайдыыны кытта дьон култууратын таһыма эмиэ үрдүөхтээх буоллаҕа.
Хаартыскаларга ааптар түһэриилэрэ
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…