“Энергетик” байыаннай-патриотическай лааҕырга

Share

Сайын саҕаланыыта мин оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр «Энергетик» лааҕырга сынньаммытым.

Бу лааҕыр куорат таһыгар, Покровскайдыыр суолга баар. Ойуур иһигэр турар. Манна мин хаһыс да сынньаныым, арай, быйыл лааҕырга уларыйыылар киирбиттэр. «Энергетик» аны байыаннай-патриотическай лааҕыр буолбут. «ВОИН» байыаннай-спортивнай бэлэмнэнии киинэ бу лааҕырга сыһыарыллыбыт. Онон биһиги дьарыкка, илиниэйкэҕэ кэтэрбитигэр байыаннай таҥас-сап биэрдилэр. Өссө «ВОИН» кыра сэмэй бэлэхтээх.

Сарсыардабыт сэрээккэттэн саҕаланар, салгыы илиниэйкэлиибит. Онно этэрээттэр хамандыырдара рапордыыллар. Бары РФ уонна СӨ Өрөгөйүн ырыатыгар турабыт. Ол кэнниттэн күннээҕи былааны билиһиннэрэллэр. Күҥҥэ икки занятиелаахпыт. Онно байыаннай, мэдиссиинискэй бэлэмнэниини ааһабыт.

Киэһээтин оонньуу, күрэс арааһа ыытыллар. Холобур, патриотическай ырыа күрэһэ, остуоруйа киэһээтэ, о.д.а.

Биһиги элбэххэ үөрэнибит, элбэх доҕоттордоннубут, астына сынньанныбыт. Өссө күммүтүн сөпкө аттара үөрэннибит.

«Энергетик» мин сөбүлээн сынньанар сирим.

Айсена Брызгалова,
1 №-дээх оскуола 8  кылааһын  үөрэнээччитэ,

Дьокуускай.

Сиһилии https://keskil14.ru/strong-energetik-teper-voenno-patrioticheskij-strong/

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

28 минут ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

1 час ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

1 час ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

1 час ago