Салгыы
Энэргиэтик доруобуйаҕа дьайыыта

Энэргиэтик доруобуйаҕа дьайыыта

Ааптар:
07.04.2023, 18:00
Хаартыска: https://pxhere.com/ru саайтан.
Бөлөххө киир:

Сэниэ эбэр утахтар, эбэтэр энэргиэтиктэр аан дойдутааҕы ырыынакка күн-түүн элбээн, биллэн иһэллэр. Сэниэ киллэрэр утаҕы аан бастакынан 90 сыл аннараа өттүгэр Уильям Уокер Хантер диэн ааттаах Британияттан сылдьар фармацевт оҥорбут эбит. Ол кэмтэн ыла энэргиэтик ыччат уонна үөрэнээччилэр сөбүлээн иһэр утахтарынан буолбут.

Биллэрин курдук, бу утах реакцияны түргэн оҥорор, аэробнай уонна анаэробнай тулууру, утуктааһыны тохтотор уонна сэниэни эбэр. Ол иһин эрэ үгүс дьон маны сөбүлээн иһэр. Ол эрээри, утах састаабыгар элбэх кофеин баар буолан, киһи доруобуйатыгар охсуулаах өттө быдан элбэх. Онтон сүрүннэринэн манныктар буолаллар:

– сүрэх нуорманы таһынан элбэхтик тэбэр;
– сатаан утуйбат буолуу;
– хабах ыарыылара үөскүөхтэрин, хабаҕыра сылдьар буолуохха сөп;
– дабылыанньа хамсыыр;
– хаан састаабыгар саахар элбиир.

Америка учуонайдара этэллэринэн, энэргиэтик састаабыгар баар бэссэстибэлэр киһини өрө күүрдэн, утуйбат оҥороллор, ис уорганнары ыарытыннараллар, ньиэрбинэйдэ­тэллэр, тириини бааһырдаллар, сүрэх үлэтин мөлтөтөллөр о.д.а. Утахха гуаран, таурин уонна женьшень бааллар даҕаны, туох даҕаны туһаны аҕалбаттар. Оттон кофеин уонна саахар энэргиэтиккэ баһаам элбэх, онон организмҥа куһаҕаннык дьайаллар.

СҮРЭХ ҮЛЭТИГЭР САБЫДЫАЛА

Олус элбэх энэргиэтиги истэххэ, пульс түргэтиир, сүрэх тэбиитин ириитимэ ыһыллар, сүрэх хам тутар уонна гипертензия диэн ыарыы баар буо­луон сөп. Кофеин тымыры кэҥэтэн, кэлин сүрэх араас ыарыылара үөскүүллэригэр дьайыылаах буолар. Аһыы утаҕы уонна энэргиэтиги тэҥҥэ иһии араас ыарыы үөскүүр кыаҕын улаатыннарар.

ЭНЭРГИЭТИК ИС-ҮӨС ҮЛЭТИГЭР САБЫДЫАЛА

Киһи этигэр-сиинигэр аһары элбэх кофеин киирэр буоллаҕына, сүрэх өлөхсү­йүүтүгэр, хотуоҕа, диареяҕа уонна куртах аһы сатаан буһарбат буолуутугар тиэрдэр. Өссө наһаа элбэх саахар оһоҕос микрофлоратын үлэтин ыһар.

УОЙУУ УОННА ТИИС ЫАРЫЫТА

Энэргиэтик кислотнаһа олус үрдүк буолан, тиис ыарыытын уонна эрозиятын күүһүрдэр. Сэниэ эбэр утахха элбэх саахар баарыттан сылтаан тиис алдьанар, эбиитин киһи уойар. Биир бааҥка утахха 200-тэн тахса килокалорий баар. Күҥҥэ хас даҕаны утаҕы истэххэ, аһылыгы кытары ылыахтаах күннээҕи эниэргийэ нуормата тахсар.

ЭНЭРГИЭТИК УОННА УСПУОРТ

Сэниэ биэрэр утахтары успуордунан дьарыктаныахтарын иннинэ, күрэхтэһии кэмигэр иһэр түгэннэр эмиэ бааллар. Маныаха эмиэ эккэ-­сииҥҥэ дьайыы­лаах эбит: сэниэ түргэнник кии­риитэ спортсмены “обезвоживаниеҕа”, сүрэх ыарыытыгар, уҥан түһүүгэ эбэтэр инфарка тиэрдэр кутталлаах. Күүстээх дьарыкка организмтан элбэх уу уонна көлөһүн баранар.

Үгүс дьон энэргиэтик уонна спортивнай утахтар биир суол­талаахтар диэн саныыллар. Спортивнай утахтар састааптарыгар углеводтар, минераллар, элетролиттар (холобура, натрий, калий, кальций, магний), сыт уонна амтан биэрэр эбиликтэр, битэмииннэр уонна иҥэмтэлээх бэссэсти­бэлэр киирэллэр. Оттон ­эниэргийэ эбэр утахтар электролиттара суох, ол гынан баран, элбэх кофеиннаах уонна да атын химичес­кэй састааптаахтар.

Сүүрэ-көтө сылдьар дьон элбэх ууга уонна иҥэмтэлээх эттиктэргэ наадыйаллар. Энэргиэтик дьарыктанан сүтэрбит элэмиэннэри толорорун, эбэрин туһунан толкуйдуур киһи аҕыйах буолбатах. Ити сыыһа толкуй. Дьарык кэнниттэн спортивнай утах оннугар энэргиэтиги иһэн, наадата суох элбэх кофеины киллэрэн, организм наады­йар убаҕаһынан, эттиктэринэн ­туолбакка хаалар. Олус элбэх саахары уонна эниэргийэны иҥэриммэккэ, сөптөөх утаҕы талар суолталаах.
Онон, туох-хайа иннинэ толкуйдаан баран бу утаҕы иһэр оруннаах диэн суру­йуубун түмүктүүбүн. Көннөрү сэниэ эбинээри, утуйумаары эбэтэр амтанын сөбүлээн эрэ иһии эккэ-сииҥҥэ охсуу­лааҕын өйдөөҥ.

Василина МИХАЙЛОВА,
ХИФУ суруналыыстыкаҕа салаатын устудьуона.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: