Энэргиэтикэ: саҥа хайысхалар уонна Саха сирин оруола

Share

Ааспыт нэдиэлэҕэ дойдубут энэргиэтикэтин сайдыытыгар “Российская энергетическая неделя” диэн пуорум буолан ааста. Бу мунньах БРИКС түмсүүтүн саммитын эрэ иннинэ ыытыллыбыта ураты суолталаах уонна бу суруйуубар быһаччы сыһыаннаах. Ил Дархаммыт Айсен Николаев пуорум чэрчитинэн, энэргиэтикэҕэ мунньах ыытта уонна пуорумҥа биир сүрүн миэстэни ылбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.

“Европа, Америка систиэмэтэ ыл да, кыайан тохтуур кыаҕа суох”

Владимир Путин Арассыыйа энэргиэтикэтин стратегиятын 2050 сылларга диэри уһатар туһунан бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрэн турар

Владимир Путин билигин аан дойду барыта уларыйа турарын, устуоруйабыт биир саҥа кэрдиис кэмигэр үктэнэн эрэрбитин куруутун этэр. Мунньах саҕаланыыта бу туһунан эмиэ этэн аһарда.

–  Үйэбит билигин улары­йар-тэлэрийэр кэмэ. Сайдыы саҥа суолугар үктэнэн эрэбит. Бу уларыйыы сүүрбэ биирис үйэни барытын хабыаҕа. Урукку курдук сайдыы аҥаардас Европаҕа, Хотугу Америкаҕа эрэ туһуланыа суоҕа, хас да хайысханан тэҥинэн барыаҕа. Биллэн турар, Европа, Америка экэниэ­микэтин курдук улахан, сүдү экэниэмикэ олуктара син-­биир баар буолуохтара, бу аарыма систиэмэ ыл да кыайан тох­тообот, бэйэтин кыаҕынан онуоха-маныаха диэри баран иһиэҕэ, – диэн эттэ.

Владимир Путин тоҕо итини ордук чорботон бэлиэтээтэ? Манна быһаарыы быһыытынан этиим: хаһыаппыт ааспыт нүөмэрдэригэр БРИКС түмсүү туһунан суруйбутум, бу түмсүү билигин кэҥээн, хас да материгы хабан эрэр. Ол аата манна киирбит судаарыстыбалар икки ардыларыгар үлэлэһиилэрэ, атыыны-тутууну ыытыылара, экэниэмикэлэрин хардарыта сайыннарыылара быдан кэҥээтэ, кыаҕырда диэн өйдүөххэ сөп. Урукку курдук “Сүдү сэттэ” түмсүү аан дойдуга быраабылалары, ирдэбиллэри олохтуура тохтоон эрэр. Санатыым, бу түмсүүнү ааспыт үйэ 70-с сылларыгар оччотооҕуга экэниэмикэ өттүнэн сайдыылаах судаарыстыбалар АХШ, Англия, Франция, Германия, Италия уонна Япония тэриммиттэрэ. Кэлин манна Канада уонна Арассыыйа киирбиттэрэ. Ол эрээри уонча сыллааҕыта биһиги дойдубутун түмсүүттэн холдьохпуттара.

Онуоха үгүс дойду эспиэр­тэрэ Арассыыйа экэниэмикэтэ дьэ “сууллар” буолла диэн хаһыытыы сылдьар ыстаты­йалары таһаартаан барбыттара. Кырдьык, дойдубут 90-с, 2000 сыллар саҕалыныыларыттан саҥа атаҕар туран, бырамыысыланнаһын, экэниэмикэтин сайыннарбыта биир уонча эрэ сыла ааспыт кэмэ этэ. Ол эрээри бырамыысыланнас, ордук энэргиэтикэ, ити кэм иһигэр бороохтуйа охсубута. Билигин аны хайа баҕарар диэки хардыылыыр кыахтаах.

“Суолбут – тус илин”

– Арассыыйа, төһө да билигин үгүс уустугу көрүстэр, энэргиэтикэ өттүгэр аан дойду ырыынагар инники күөҥҥэ сылдьар. Икки аҥаар сыл иһигэр биһиги хампаанньаларбыт ньиэби, гааһы, ньиэп бородуукталарын таска таһаа­рыыга саҥа хайысхалары булан, үлэлэрин ситэрэн биэрдилэр. Холобур, урукку сылларга Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэрэ экспортка таһаарыы уопсай көрдөрүүтүттэн 39 бырыһыанын ылар эбит буол­лахтарына, билигин бу дойдулар номнуо 60 бырыһыанын ылаллар. Онон энэргиэтикэбит саҥа таһымҥа тахсан эрэр диэн этиэхпин сөп. Ордук Евразия экэнэмиичэс­кэй сойууһун, Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин, Евразия дойдуларын кытары саҥа хайысхалары торумнааһын күүскэ бара турар, – диэн Владимир Путин энэргиэтикэҕэ да, бэлии­тикэҕэ да Арассыыйа илиҥҥи суолу тутус­путун бэлиэтээтэ.

Саҥа стратегия – Уһук Илин эрэгийиэннэригэр

Владимир Путин Арассыыйа энэргиэтикэтин стратегиятын 2050 сылларга диэри уһатар туһунан бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрэн турар. Санатан этиим, билигин баар Стратегия 2019 сыллаахха оҥоһуллубута, 2035 сылга диэри болдьохтонон былааннаммыта. Төһө да бу докумуон оҥоһуллубута, былааннаныллыбыта аҕы­йах сыл аастар, билигин уларытарга бэрт тоҕоостоох кэм. Мунньах кэмигэр Владимир Путин Стратегияҕа биир сүрүн оруолу Уһук Илиҥҥи эрэги­йиэннэр энэргиэтикэлэрин сайыннарыы барыаҕын туһунан иһитиннэрдэ.

– Бу стратегия уһун болдьохтоох улахан бырайыактарбытыгар олоҕуран оҥоһуллуоҕа. Ол иһигэр саҥа технологиялары киллэрии, сиртэн хостонор баайдаах саҥа сирдэри туһаҕа таһаарыы, инфраструктураны сайыннарыы, электростанциялары тутуу барыаҕа. Урал, Сибиир, дойдубут илиҥҥи өттүлэригэр сис­тиэмэбитин өссө сайыннаран биэриэхпит. Манна ордук улахан болҕомтону Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэрбитигэр ууруох­пут. Бу эрэгийиэннэргэ энэргиэтикэни туһаныы Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн үрдээн эрэр, сылын аайы эбиллэ турар. Онон инникитин бу эрэгийиэн­нэр сайдыыларыгар энэргиэ­тикэ бэйэтин күүһүнэн да, кыаҕынан да эппиэттэһиэхтээх, – диэн эттэ Владимир Путин.

Манна даҕатан этиим, БРИКС уонна да атын түмсүүлэргэ билигин илиҥҥи дойдулартан, Азия, Тиихэй акы­йаан судаарыстыбаларыттан Кытай биир саамай улахан оруо­лу ылар. Билэҕит, “Сибиир күүһэ” диэн кытайдары кытары кыттыгас бырайыакпыт билигин өссө сайдан, иккис утаҕа барыахтаах. Манна барытыгар суол-иис, инфраструктура тутуута барыта илиҥҥи эрэгийиэннэр нөҥүө ааһар.

Айсен Сергеевич бу мунньахха уонна пуорумҥа энэргиэтикэ систиэмэтин бырагыраамаларын үбүлээһинин, саҥа Стратегияҕа эрэгийиэннэр этиилэрэ хайаатар да учуоттаныллыахтааҕын, Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ туспа стратегия киирэрэ олус суолталааҕын эттэ.

Саха сирэ – эргимтэ киинигэр

Дьэ, манна аан дойдуттан, Арассыыйа ийэ хотуммутуттан бэйэбитигэр кэлиэх­хэ. 2009 сыллаахха Саха сириттэн саҕаланар “Илиҥҥи Сибиир – Тиихэй акыйаан” (ВСТО) ньиэп ситимэ үлэҕэ киирбитэ. Владимир Путин уон сыллааҕыта 2014 сыллаах­ха Дьокуускайга кэлэ сылдьан, “Сибиир күүһэ” ИСТА суолун кыйа оҥоһуллар быра­йыак бастакы олугун түһэрии үөрүүлээх күнүгэр кыттыбыта. 2019 сыллаахха Саха сирин гааһа Кытайга тиийбитэ. Ону таһынан ыгыллыбыт гааһы таска таһаарыыга эмиэ быра­йыактар бааллар. Бу сайын Ил Дархаммыт Айсен Николаев Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан дойду Судаарыс­тыбаннай сэбиэтин энэргиэтикэҕэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Онон хайа да өттүнэн ыллахха, биһиги өрөспүүбүлүкэбит урут да, билигин да дойдубут энэргиэтикэтин эргимтэтин киинигэр сылдьар. Билиҥҥи кэмҥэ суолтата өссө күүһүрдэ.

Айсен Николаев бала­ҕан ыйын 27 күнүгэр Судаарыстыбаннай сэ­­биэт энэргиэтикэҕэ хамыыһыйатын мунньаҕын ыыппыта. Бу кини бастакы мунньаҕа. Манна “Новые атомные и энергетические технологии” диэн эһиил киириэхтээх национальнай бырайыак туһунан, эрэгийиэн­нэр энэргиэтикэлэрин сайдыытын ырыттылар. Айсен Сергеевич бу мунньахха уонна пуорумҥа энэргиэтикэ систиэ­мэтин бырагыраамаларын үбүлээһинин, саҥа Стратегияҕа эрэгийиэннэр этиилэрэ хайаатар да учуоттаныллыахтааҕын, Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ туспа стратегия киирэрэ олус суолталааҕын эттэ.

Манна даҕатан эттэххэ, Владимир Путин Этиитигэр олоҕуран, билигин дойду үрдүнэн энэргиэтикэ саҥа көрүҥнэрин киллэрии, саҥа ыстаансыйалары тутуу, нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын күүскэ бара турар. Холобур, Саха сиригэр биир улахан бырайыакпыт Дьокуускайдааҕы электростанциябыт, хотугу улуустарга кыра кыамталаах атомнай, ону тэҥэ тыал күүһүн туһанан үлэлиир ыстаансыйаларбыт олоххо киирбиттэрэ. Билигин өссө үгүс сиргэ гаас оттукка көһүү бара турар. Аны туран, энэргиэтикэнэн сирэйдээн Хотугу муус­таах муора суолун сайыннарыы, пуортары чөлүгэр түһэрии, суолу-ииһи оҥоруу бара турар. Холобур, Саха сирин уонна Хабаровскай кыраай икки ардыгар, Элгэтээҕи таас чохтоох сиртэн Хабаровскай кыраай “Элгэ” пуордугар диэри, тимир суола эһиил үлэҕэ киириэхтээх. Бу эмиэ икки эрэгийиэн үлэлэһиитигэр, экэниэмикэ­лэрин сайыннарыыларыгар биир эмиэ улахан хардыы.

Ити курдук, билигин даҕаны киин сиртэн ыраахпыт, тэйиччибит дии олордорбут да, аан дойду бэлиитикэтигэр чахчы эргийэр киининэн буоллубут эбээт.

Хаартыскалар: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата уонна СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар үөр бөрөлөр сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар үөр бөрөлөр сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago