«Энергосбыт» аатыттан эрийдэхтэринэ ылымаҥ!
Түөкүттэр баан, полиция, ФСБ аатыттан эрийэ сатаан баран, аны, «Энергосбыт» аатыттан эрийэр буолбуттар.
Нерюнгри олохтооҕор «Энергосбыт» аатыттан эрийэн уот учуотчугун уларыттарыы туһунан иһитиннэрбиттэр уонна үлэһиппит эрийэн сибээскэ тахсыаҕа диэбиттэр. Сотору кэминэн тэрилтэ аатыттан кыыс эрийбит уонна «Энергосбыт» сыһыарыытын хачайдыыр наадатын эппит. Тоҕо диэтэххэ, бу сыһыарыы нөҥүө төһө иэстээххин СМС суруктарынан билиэххин сөп диэбит. Эр киһи кыыс тугу эппитин барытын толорбут уонна болдьоспут күннэригэр маастар кэлэн уот учуотчугун уларытарын күүппүт да, ким да кэлбэтэх. Сотору кэминэн эр киһи кини каартатын счета блоктаммытын туһунан СМС сурук туппут. Бааҥҥа эрийэн билбитэ, кини счетуттан 220 тыһ.солкуобай билбэт киһитигэр ыытыллыбыт. Эр киһи тута полицияҕа үҥсүбүт.
Маннык быһылааннар күннэтэ тахса тураллар. Ханнык да тэрилтэ төлөпүөн нөҥүө эрийэн учуотчугу уларыттарар, мобильнай сыһыарыыны хачайдыыр туһунан иһитиннэрбэт. Онон билбэт нүөмэргит эрийдэҕинэ ылымаҥ диэн полиция өссө төгүл сэрэтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: