Эҥкилэ суох үлэһит Эриэбэ!

Share

Револий Михайлов диэтэхтэринэ оҕо сылдьан биир түгэн ойууланан кэлэр. Киэһээҥҥи аһылык, дьиэ кэргэнинэн сандалыга олоробут, ыалдьыттаахпыт (кимин бу диэн өйдөөбөппүн), ол киһи кэпсиир: “Даа, Эриэбэбит сүрдээх киһи эбит, суоппар эрэ диирбит хаһыакка отой атын өттүнэн дьоҕурдааҕын көрдөрөн сөхтөрдө”, — диир.

Ол 90-с сылларга тыҥаан турар сытыы ыйытыгы баары-баарынан уот харахха этэн-тыынан, хорсуннук суруйбут диэн өйдүүбүн. Тугу суруйбута эбитэ буолла, хата ыйыталаһыахха баара?! Нэһилиэнньэни сөхтөрбүтэ диэн суоппар киһи итинник суруйар кыахтаах эбит дуу диэнэ уос номоҕо буолбута. «Ээ, кимиэхэ эрэ суруттарбыта буолуо?!» – диэн саҥа кытта баара… Ол эрээри, кэлин кини суруйууларын куруутун көрөр киһи “суруйааччы-суоппар” диэн ааттыыбын.

Мин Эриэбэни кыра эрдэхпиттэн билэбин, уу таһар массыынанан биһиэхэ куруутун уу кутара уонна оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына хортуоскаҕа үлэлиирбитигэр оптуобус суоппара кини буолара. Ону таһынан аҕабынаан ыкса билсэр буоланнар, олус үлэһитин көрөн улааттаҕым. Билигин да уруулун туппутунан сылдьарыттан үөрэбин. Култуураҕа үлэлии сылдьан Олоҥхо ыһыахтарыгар, Манчаарыга эҥин айаҥҥа оскуолалартан кинини сорудахтаан ыытан эрэллээхтик баран кэлбиппит эмиэ баар суол.
Сунтаарга киин сиргэ олохсуйбут дьон дэҥҥэ көрүстэхпитинэ, үлэтин кэпсээн ааһар. Бу саас кэлэн: «Түөрт уон сыл устата үлэлээбит үлэбин хаһыакка үйэтиппит киһи диэн санаалаах эйиэхэ кэллим», — диэн соһутта. Быйыл кини 60 сааһын бэлиэтээтэ. «Дойдум кыыһа» диэн эрэнэн кэлбитин быһа гыммакка, сөбүлэһэн бу бичийэ олоробун.

Револий Афанасьевич Михайлов орто анал үөрэҕи бүтэрэн, суоппар идэтин баһылаан, салалта, дьон итэҕэлин ылан, саамай эппиэттээх үлэлэргэ  — уматык, уу таһар көлөлөргө, араас массыыналарга эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Онтон дьону таһар оптуобустарга 21 сыл үлэлээн кэллэ.

Револий 1981 сыллаахха Элгээйи орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн баран, ол саҕанааҕы кэм ирдэбилинэн “Оскуола – Производство Үрдүк үөрэх” диэн кынат тылы тутуһан, Элгээйи сопхуоска оробуочайынан үлэтин саҕалаабыта. Бу сыл күһүнүгэр сопхуос кылаабынай инженерин Борис Иванов көмөтүнэн направления ылан уонна сопхуос комсомольскай кэмитиэтин путевкатынан СПТУ-23 үөрэнэ киирбитэ. Комсомольскай путевкалаах тэрилтэттэн направлениялаах буоллаххына, ол саҕана үөрэххэ ордук судургутук киириллэр этэ. 1982 сыллаахха орто анал үөрэҕи бүтэрэн, суоппар идэлэнэн тахсан сопхуоска силиэсэринэн үлэтин саҕалаабыта. Ол саҕана саҥа үөрэҕи бүтэрэн кэлбит ыччакка техниканы итэҕэйбэттэрэ, бастаан уопуттаах өр сыл үлэлээбит суоппардарга сыһыаран өрөмүөннэнэр бириэмэлэригэр көмөлөһүннэрэллэрэ. Ыраах айаҥҥа солбук курдук сырытыннаран быраактыка быһыытынан тиэхиньикэҕэ уһуйаллара-такайаллара. Ол быһыытынан Эдуард Исаевка ананан, суоппар буоларга киниттэн үөрэнэн, бастакы учууталын быһыытынан олус убаастыырын этэр, махтанар. 1984 сылга диэри араас суоппардарга үлэлэһэн, уһуйуллан сорохторун уоппускаларын бириэмэтигэр солбуйан, массыына арааһыгар, холобур ГАЗ 53 үүт таһар олус эппиэтинэстээх, улахан уйуктаах көлөлөргө эҥин үлэлээн «суоппар буолуон сөп» диэн итэҕэли ылан, бу сыл массыына уруулун тутан идэтинэн үлэлээн барбыта. Таһаарыылаах үлэтин биһирээннэр, дьону таһар ПАЗ оптуобуска тиийэ саамай эппиэтинэстээх, түбүктээх үлэҕэ үрдүк таһаарыылаахтык сопхуос эстиэр диэри үлэлээбит үлэһит буолар. 1986 сыллаахха ытык иэһин төлөөн аармыйаҕа икки сылга сулууспалаан кэлбитэ. Аармыйаҕа эмиэ идэтинэн суоппардаабыта. Кэлэн баран «Е» категорияҕа үөрэнэн иккис кылаастаах суоппар буолбута. Ол саҕанааҕы ГАИ начаалынньыга Афанасий Васильев сүбэтинэн Сунтаардааҕы нефтебазаҕа үлэҕэ киирэн ЗИЛ 130 прицептаах бензовозка сылдьыбыта. Ол саҕана дириэктэринэн Семен Никифоров, мэхээнньигинэн Валерий Ващенко этилэр. Бу тэрилтэҕэ олус табыллан үлэлээбитэ, биир идэлээхтэрин суоппардары: Казимир Ивановы, Федор Федоровы олус истиҥник саныыр. Олус үчүгэй кэлэктииптээх тэрилтэҕэ үлэлээбитим диэн киэн тутта кэпсиир. Бу кэмҥэ инбэлиит ийэтэ, балта ыалдьар буоланнар, дойдутугар Элгээйигэ төннөн үлэлииргэ күһэллибитэ. Дьиҥинэн Сунтаары олус сөбүлээбитэ, дьонун көһөрөр санаалааҕа да, ийэтэ сөбүлэспэтэҕэ.

1992 сыллаахха Элгээйи сопхуос ыһылларыгар нэһилиэк бастакы баһылыга Александр Миронов уонна нэһилиэк кулуубун диэриэктэрэ Владимир Семенов ыҥырыыларынан, “Кубань” оптуобуска үлэҕэ киирэр. Нэһилиэк бары култуурунай, спортивнай уо.д.а. тэрээһиннэригэр туох баар кыаҕа баарынан үлэлээн, нэһилиэк сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах. 1995 сыллаахха Элгээйи нэһилиэгин салайааччыта Александр Данилов ыҥырыытынан Элгээйитээҕи ОДЬКХ үлэҕэ киирбитэ. Чох таһар ЗИЛ самосвалтан саҕалаан ЗИЛ водовозка, ЗИЛ 131 бензовозка, онтон эмиэ ЗИЛ водовозка – улахан эппиэтинэстээх тиэхиньикэлэргэ эмиэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Тэрилтэтэ реорганизацияҕа бараннар, 1997 сыллаахха Элгээйи нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын иһинэн «Производственный отдел» диэн тэрилтэ баар буолбута. Оптимизациянан сибээстээн ыстааттары сарбыйталаан, үлэһити баар кыаҕын туһанар туһугар тэрилтэтэ балтараа сыл саамай эппиэттээх үлэлэргэ — ЗИЛ водовозка, ЗИЛ 131 бензовозка, икки массыынаҕа тэҥинэн үлэлэтэ сылдьыбыттара. Онно да кыаҕа баарынан үлэлээн, бэйэтин үлэһит киһи быһыытынан көрдөрбүтэ. 2004 сыллаахха «Элгээйи» производственный кооператив тэрилтэ салайааччыта Игорь Яковлев ыҥырыытынан, ПАЗ 32050 мааркалаах, 24 миэстэлээх оптуобуска үлэҕэ киирэн кыһыҥҥы өттүгэр тэрилтэ «Сайдыы» диэн маҕаһыыныгар табаар, ас арааһын Дьокуускай куораттан аҕалаллара. Сайын оскуоланы кытта сөбүлэҥ түһэрсэн оҕолорго үлэ лааҕырын аһан, хамнас төлөөн, лааҕыр оҕолорун сайын устата буолаҕа үүнээйини көрүүгэ-истиигэ, үлэҕэ илдьэн-аҕалан оҕолору таһара. Күһүн хомуур үлэтигэр оскуола оҕолорун оҕуруот быйаҥын хортуоппуй, хаппыыста хомууругар илдьэрэ-аҕалара. 2006 сыллаахха Элгээйи орто оскуолатыгар ПАЗ 320538 мааркалаах «Дети» диэн суруктаах араҕас анал оҕо оптуобуһа кэлбитэ. Оскуола дириэктэрэ Лука Никифоров ыҥырыытынан онно үлэҕэ киирбитэ. Онон икки тэрилтэҕэ икки оптуобуска тэҥинэн бэртээхэйдик үлэлээбитэ. Икки тэрилтэ салайааччылара Лука Григорьевич, Игорь Николаевич уопсай сүбэнэн өйөнсөн, биир санаанан былааннаан икки оптуобуһу олбу-солбу дьаһайан сүүрдүбүттэрэ диэн ахтар. 2008 сылга күһүн «Элгээйи» ПО салалтатын бэрэссэдээтэлэ Сардана Данилова көрдөһүүтүнэн сельпоҕа ЗИЛ водовозка сөбүлэҥ быһыытынан үлэҕэ киирэн, нэдиэлэҕэ үстэ тахсан бэкээринэҕэ, маҕаһыыннарга, эбийиэктэргэ, хочуолунайдарга уу баһара. Онон биир кэмҥэ үс тэрилтэҕэ 2010 сылга диэри үлэлээн кэлбитэ.

2010 сыллаахха Сунтаарга көһөн киирэн уһаайба ылынар, дьиэ көтүрэн киллэрэн тутта сылдьар кэмигэр, дьыл олус эрдэлээн балаҕан ыйыгар кыстык хаар түһэн дьиэтин ситэрбэтэҕэ. Бу кэмҥэ куоракка олорор быраата Роберт ыҥырыытынан ийэтинээн Дьокуускайга тиийэн кыстыыллар. Манна тутуу тэрилтэтигэр үлэлээн, араас массыыналарга суоппардары солбуйан олус сөбүлэппитэ. 2011 сыллаахха куоракка олоҕун аналын Маринаны булан ийэтинээн Сунтаарга көһөн кэлэн олохсуйаллар. Бу сайын дьиэлэрин ситэрэн киирбиттэрэ, күһүн оҕоломмуттара. 2011 сыл олоҕор саамай умнуллубат, дьолооох сыла. 46 сааһыгар кэргэннэнэн, дьиэлэнэн, оҕолонон, ыал буолан быр-бааччы олорор. Сунтаарга кэлэн идэтинэн авиапортка быстах кэмҥэ киһини солбуйан оптуобуска, онтон Сунтаар нефтебаазатыгар микрооптуобуска үлэлии сылдьар кэмигэр, эдьиийэ Августина Трифонова ыҥырыытынан «Сунтаар Ас» СПОК диэн тэрилтэҕэ ЗИЛ 130 водовозка үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн «ГАУ Центрлес» тэрилтэҕэ Николай Тарасов ыҥырыытынан ЗИЛ 131 водовозка, 2016 сыллаахха Сунтаар 2 №дээх оскуолатыгар оптуобус суоппарынан үлэлии киирбитэ. Онно үлэлии сылдьан Степан Николаев көрдөһүүтүнэн «Татыйыына» фирмаҕа кинини солбуйар, 2018-2019 сылларга икки тэрилтэҕэ тэҥинэн үлэлээбитэ. Былырыын сайын биэнсийэтин үрдэтээри уурайан баран, быйыл күһүҥҥэттэн эмиэ оҕолору таһар оптуобуска гимназияҕа үлэҕэ киирдэ. Аныгы сокуонунан оҕолору тиэйии-таһыы ГАИ үлэһиттэрин кытта илдьэҕин-аҕалаҕын, онон кинилэри кытта бииргэ алтыһан ситимнээхтик үлэлээн кэллэ. Оҕолору таһыыга уһуннук үлэлээбит буолан, ГИБДД үлэһиттэрэ киниэхэ олус убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Андриан Корниловтыын өр сыл бииргэ алтыһан үлэлээбит буолан бэйэ-бэйэлэрин кытта эйэ-дэмнээх, ытыктабыллаах сыһыаннаахтар. Ол да иһин кини сүбэтинэн быйыл гимназияҕа оптуобус суоппарынан киирэн үлэлии сырыттаҕа.

Дьэ, бу курдук түөрт уон сыл устата эҥкилэ суох уруул үрдүгэр — туруу үлэһит Эриэбэ…

Тускулаана Горохова-Кобельянова

Хаартыска Р.Михайлов тиксэриитэ

What’s your Reaction?
+1
12
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

11 часов ago